Үөһээ Бүлүүттэн Дойду Баһылай: «Өҥ буордаах сирбит, сэлии муоһа сир баайыгар киирэр дуо?», — диэн интэриэһиргээтэ.
«Уопсайынан, барыта тус-туһунан сокуоннардаах, сир, тыа, уу кодекса, сир баайын туһунан сокуон баар, онон тулалыыр эйгэ барыта биһиги баайбыт. Сэлии муоһа эмиэ туспа сокуонунан салаллар”, — хардарда дьокутаат.
«Саха Сиригэр хас бырамыысыланнай тэрилтэ баарый, онтон хаһа өрөспүүбүлүкэҕэ регистрациялааҕый, кинилэр тугу көмөлөһөллөрүй?», —Чурапчыттан ыйыттылар.
Андрей Находкин этэринэн, сир баайын үөрэтиигэ, геологияҕа, хостооһуҥҥа 3600 кэриҥэ лиссиэнсийэ бэриллэн турар, ол быыһыгар федеральнайга, эрэгийиэннээҕигэ арахсаллар. Карьердар, кумахтар, гравий барыта сир баайыгар киирэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлии киирбит тэрилтэлэри регистрациялыырга бырабыыталыстыба таһымыгар анал хамыыһыйа үлэлиир. Атын эрэгийиэҥҥэ регистрациялаах хампаанньалар эмиэ бааллар.
2022-2024 сс. өрөспүүбүлүкэ консолидированнай бүддьүөтүгэр бу хампаанньалар нолуок быһыытынан 412 млрд. солк үбү киллэрдилэр.
Хаартыска СИА.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















