Норуот билгэтэ муус устар ыйы маннык сылыктыыр:
Муус устар 1 күнэ — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар».
Муус устар 4 күнэ — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.
Муус устар 5 күнэ — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.
Муус устар 6 күнэ — Түүн сылаас буоллаҕына — саас түргэнник кэлэр.
Муус устар 7 күнэ — Былаҕачыанайап (Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыгар оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан «кырдьыылыыр» — быган сытар, сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар. Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына, саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына — хаптаһын хатааһын буоларыгар.
Муус устар 8 күнэ — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.
Муус устар 9 күнэ — Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.
Муус устар 13 күнэ — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.
Муус устар 14 күнэ — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара хаалбыт буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.
Муус устар 18 күнэ — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына, сылыйар.
Муус устар 20-25 күннэрэ — Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.
Муус устар 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн буоллаҕына — сайына сөрүүн буолар.
Муус устар 23 күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
Муус устар 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис алдьанар. Күн үөһэ ойдор-ойон иһэр.
Хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















