Социальнай хантараак быһыытынан, 2025 с. уопсайа 3973 ыалга 727,9 мөл. солк. суумалаах көмө оҥоһуллубут, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 503,2 мөл. солк. Итинник хантараагынан үлэни көрдүүр кэмҥэ, урбаанынан дьарыктанарга, олох уустуктарын туоруурга туһаналлар.
Дьон туттар харчылара бүтэн хааллаҕына көмө харчыны ыллахтарына, ол эмиэ аҕыйах хонугунан аска, хомунаалынай төлөбүргэ, иэһи төлөһөргө бүтэн хаалар. Ол иһин хамнастаах үлэнэн хааччыйдахха биирдэ дьон олох дьэбэрэтиттэн тахсыан сөп. Күн бүгүн саҥа салаа быһыытынан, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта эмиэ социальнай хантараагы түһэрсэллэр.
Хаартыска sakha.gov.ru
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
