Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -12 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бүгүн православнай итэҕэллээх христианнар Иисус Христос тиллибит күнүн, Пасханы муус устар 12 күнүгэр, Юрий Гагарин киһи аймахтан космоска аан бастакынан тахсыбыт күнүгэр бэлиэтииллэр. Пасха бэлиэтэнэр күнэ сыл аайы уларыйа сылдьар, быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны эрдэ түбэстэ. 

Пасха сүрүн ис хоһооно өлөр өлүүнү кыайыы, иккистээн тиллии, үтүө, сырдык санаа хараҥа күүһү, мөкү санааны кыайбыт өрөгөйө. Таҥараны итэҕэйэр дьоҥҥо хас биирдии киһи быыһанарыгар, духуобунай өттүнэн тиллэригэр, биир олоҕунан бүтэн хаалбакка хос төрүүрүгэр эрэл кыыма саҕыллар.  Бу бэлиэ бырааһынньыгы сэттэ күн бэлиэтииллэр, сымыыты кырааскалыыллар, остуолга кулич уураллар.

Иисус Христоһу хара санаалаах дьон кириэскэ тиирэн эрэйдээн өлөрбүттэрин кэнниттэн үһүс күнүгэр тиллэн кэлэн, Таҥараҕа итэҕэйэр хас биирдии киһи өлөн баран тиллэр, үйэлээх олохтонор диэн эппитэ. Олох өлүүнү, сырдык күүс хараҥа дьайы кыайарын туоһулаабыта. Таҥара уолун Иисус Христос нөҥүө бар дьоҥҥо уһун олоҕу бэлэхтээбитин кэрэһэлиир. Бу күн көрсүбүт киһигин: "Христос тилиннэ", - диэн эҕэрдэлиигин, ону киһиҥ: "Чахчы тилиннэ", -  диэхтээх. 

Пасха кэнниттэн 9 күн буолан баран өлбүт дьону ахтан-санаан, киһи уҥуоҕар сылдьаллар. 

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0