СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Георгий Степанов тиийинэн олоруу алын кээмэйин ааҕыы ньымата федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран оҥоһуллубутун эттэ. Өрөспүүбүлүкэ хас кыбаартал аайы ол кээмэйин бигэргэтэр. Бу боппуруоһу дириҥник үөрэтиэххэ наадата этилиннэ. Тиийинэн олоруу алын кээмэйин ааҕыы ньымата бүгүҥҥү олох ирдэбилигэр сөп түбэспэт буолбут.
Күн бүгүн элбэх оҕолоох ыаллар 100 тыһ. солк. биир кэлим босуобуйа ылаллар. Былырыын ити сыалга 20 млрд. солк. ыыппыттар, ол харчы ханна барда, дьадайыы тоҕо аҕыйаабатый? — диэн бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ төбөлөрүн сынньаллар. Маннык хартыына иккис сылын хатыланар. Ол туһунан Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
Хаартыска Мария Васильева, СИА.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
1















