Быйыл саас-сайын бу хайысхаҕа туох хамсааһын тахсыаҕай диэн олохтоохтор ыйытыыларыгар Айсен Николаев хоту улуустарга чэпчэтиилээх билиэтинэн көтүүнү бэс ыйын 1 күнүттэн сөргүтэргэ сорудахтаабытын туһунан иһитиннэрдэ.
Ол курдук, ыам ыйыгар хоту улуустарга көтөр билиэт сыанатын чэпчэтиигэ нуормалыыр-бырааптыыр аакт бырабыыталыстыба таһымыгар ылыллыахтааҕын Ил Дархан эттэ.
«Бэс ыйын 1 күнүгэр диэри бу боппуруос быһаарыллан, дьон-сэргэ хоту улуустарга чэпчэтиилээх билиэтинэн көтүөҕэ», — диэн Айсен Сергеевич чопчулаата.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтииринэн, чэпчэтиилээх билиэттэр балаһыанньалара өрүү хонтуруолга турар, ол иһигэр «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа мэхэньиисимнэрин нөҥүө уонна олохтоохтору кытта кэпсэтэр ханааллар нөҥүө. Бу кыһалҕа билигин сытыытык турарын бэрэбиэркэлэр түмүктэринэн уонна федеральнай инспиэктэрдэр, борокуратуура уорганнара хоту улуустарга үлэлии тиийэллэринэн бигэргэтэллэр.
Хаартыска риа.ру
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















