«Быйыл идэлээх сойуустар бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйалара «Арассыыйа үлэһит дьонун сомоҕолоһуута — дойду биир сомоҕо буолар күүһэ! - диэн санаанан ыытыллар. Билиҥҥи кэмҥэ бу тыл суолтата ордук күүһүрдэ. Бары күүспүтүн түмэн, таһаарыылаахтык үлэлээтэхпитинэ, төрөөбүт дойдубутун сайыннарыахпыт, сарсыҥҥы кэскилин кэҥэтиэхпит. Үлэһит киһиэхэ ытыктабылы үөскэппит, ыарахантан толлубат, олохторун тухары үлэни өрө тутан кэлбит бэтэрээннэргэ истиҥ махталбын тиэрдэбин ”, — диэн эттэ Николай Дегтярев. Кини үлэ бэтэрээннэрин, учууталлар, мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбатын о.д.а. салаа үлэһиттэрин династияларын эҕэрдэлээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл СӨ Идэлээх сойууһа тэриллибитэ 105 сылын бэлиэтиир. Онон үгүс-үтүмэн тэрээһини, улуустарга субуотунньуктары ыытыахтара, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр үтүө үгэс быһыытынан көмөлөһүөхтэрэ, волонтердар аахсыйаларын тэрийиэхтэрэ.
Хаартыска СӨ Идэлээх сойууһун пресс-сулууспата.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0


