Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -15 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Эспиэртэр этэллэринэн, дуоллар 65 солк. аллараа түһүөн сөп. Валюта кууруһа аны күһүҥҥэ диэри кыра-кыралаан түһэ туруо. Билигин дуоллар 70 солк. диэри 2023 с. аан бастаан түстэ.

Эспиэртэр этэллэринэн, дуоллар 65 солк. аллараа түһүөн сөп. Валюта кууруһа аны күһүҥҥэ диэри кыра-кыралаан түһэ туруо. Билигин дуоллар 70 солк. диэри 2023 с. аан бастаан түстэ.

Федерация Сэбиэтин бүддьүөккэ уонна үп ырыынагар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Анатолий Артамонов этэринэн, кэлиҥҥи кэмҥэ ньиэпкэ уонна гааска сыана үрдээтэ, онтон сылтаан валюта киириитэ эбилиннэ. Олохтоох сокуоҥҥа олоҕуран, валютаны атыыга таһаараллар, ону билигин ким атыылаһарый? Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы халбаххайын ааһан, сэрэхтээх буолан, омук сиригэр сынньана барар дьон аҕыйах. Дуоллар элбээн хаалла, оттон дуолларга наадыйыы түстэ. Ол иһин ырыынак сокуонунан сыаната эмиэ намтаата.

Кини дуоллар кууруһун хамсааһына аан дойдутааҕы бэлиитикэттэн, Ормузскай силбэһиини хаһан аһалларыттан, АХШ уонна Иран сыһыаннарыттан улахан тутулуктаах диэн бэлиэтиир. Сыл бүтүүтэ балаһыанньа көннөҕүнэ дуоллар 80 солк. буолуон сөп.

Ол туһунан «Парламентская газета» иһитиннэрэр. https://www.pnp.ru/economics/dollar-po-65-rubley-i-nizhe-sprognozirovali-eksperty.html

Хаартыска ЯСИА. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0