Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 21 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Ааспыт сууккаҕа Саха Сиригэр 1 554 гаа иэннээх 5 ойуур баһаара умуруорулунна, Ол иһигэр Нерюнгри оройуонугар 1 484 га сири хабан күүдэчилэммит биир улахан баһаары бохсуруйдулар. Ол туһунан от ыйын 4 күнүнээҕи брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ экологияҕа айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччыта Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Авиациянан, сиринэн уонна космостан кэтээн көрүү түмүгүнэн Хаҥалас, Эдьигээн, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Орто Халыма, Булун, Кэбээйи, Мииринэй, Өлөөн, Томпо улуустарыгар уонна Дьокуускай чугаһыгар 2 113,5 иэннээх 26 саҥа баһаар тахсыбыта билиннэ.

Уопсайынан, бүгүҥҥү күҥҥэ 13 475,5 га иэннээх 54 ойуур баһаара Хаҥалас, Эдьигээн, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Орто Халыма, Булун, Кэбээйи, Мииринэй, Өлөөн, Өймөкөөн, Томпо, Эбээн Бытантай, Нерюнгри улуустарыгар уонна Дьокуускай таһыгар умайар.

Билигин Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Кэбээйи, Эбээн Бытантай улуустарыгар уонна Дьокуускай уокуругар 3 265,5 иэннээх сиргэ 10 ойуур баһаарын умулларыы үлэтэ барар. Онно 371 киһи уонна 28 тиэхиньикэ үлэлэһэллэр. Саҥа тахсар баһаардары харыстанар зонаҕа суһаллык умулларыы 98,95 % тэҥнэһэр.

Ойуур баһаарын туһунан иһитиннэриини 44-74-76 эбэтэр ойууру харыстыыр сулууспа кэлим нүөмэригэр 8-800-100-94-00 эрийэн биллэриэххитин сөп.

Хаартыска социальнай ситимнэртэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Лента новостей

Олох күһүнүн киэргэтэргэ

«Аврора» мэдиссиинэ клиникатын дириэктэрэ Николай Христофоров тэрилтэ ол иһигэр…
13.07.26 11:19
Лента новостей

Сахатыйбыт кэриэйдэр

Дьокуускайга олорор кэриэйдэр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Вера Шамаева түмсүүнү отуттан…
13.07.26 11:15