Ол курдук, от ыйын 10-15 күннэригэр Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа, Чурапчыга дьэдьэн, хаптаҕас хомуйар көҥүллэнэр. Сугуну от ыйын 20 күнүттэн хомуйуохха сөп.

Моонньоҕон уонна уулаах отон киин уонна илин эҥээр улуустарга атырдьах ыйын 10-тан ортотугар ситэр. Онон киин улуустарга уонна илин эҥээргэ, Бүлүү бөлөх оройуоннарга уулаах отону атырдьах ыйын 15 күнүттэн, хоту улуустарга атырдьах ыйын бүтүүтэ хомуйар көҥүллэнэр.
Охтаны хоту улуустарга атырдьах ыйын бастакы дэкээдэтигэр хомуйуохха сөп.
Биэ эмиийэ Бүлүү бөлөх улуустарга от ыйын 16-22 күннэригэр хомуллар.
Хараһы Мииринэйгэ атырдьах ыйын саҥататтын, оттон Ленскэй, Нерюнгри оройуоннарыгар атырдьах ыйын ортотуттан хомуйар көҥүллэнэр.
Эриэхэни атырдьах ыйын 25, сорох оройуоннарга балаҕан ыйын 1 күнүттэн хомуйар көҥүллэнэр. Санатар буоллахха, эриэхэни ситэн сиргэ түспүтү эрэ хомуйуллар.
Тэллэйи хомуйууга хаарчахтааһын суох. Ол эрээри айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ тэллэйи быһан эбэтэр сирин алдьаппакка эрийэн ылары санаталлар.
Санатар буоллахха, ыйыллыбыт болдьоххо сир аһын хомуйуу биирдиилээн дьоҥҥо эрэ сыһыаннаах. Ойуур хаһаайыстыбатын сокуонунан, сир аһынан эргинэр сыаллаах хомуйарга ойуур учаастагын куортамныыр туһунан дуогабар түһэрсиллиэхтээх.
Айылҕа бэлэҕин сомсуҥ, ол эрээри хардатын ойуурга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ, ойуур баһаарын төрүөтэ буолбат туһуттан уотунан туттумаҥ!
Хаартыска СИА, Саҥа олох хаһыат саайтыттан
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

