Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -15 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, от ыйын 26 күнүгэр арҕаа, киин уонна хотугулуу-илин өттүгэр быстахтык ардыа, сорох сиринэн этиҥнээх ардахтаах буолуо.

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, от ыйын 26 күнүгэр арҕаа, киин уонна хотугулуу-илин өттүгэр быстахтык ардыа, сорох сиринэн этиҥнээх ардахтаах буолуо.


Алдан, Нерюнгри, Уус Маайа, Чурапчы, Томпо, Таатта, Өймөкөөн, Муома, Хаҥалас улуустарыгар ардыа, сорох сиринэн күүстээх ардах түһүөҕэ. Сөбүгэр соҕус тыалырыа, этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
Салгын температурата түүнүн +15…+20°С, халлаан халыннаҕына, хоту, хотугулуу-илин +8…+13°С буолуоҕа. Күнүһүн +21…+26°С, ардахха +16…+21°С, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин +26…+31°С диэри сылыйыаҕа.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0