Ол эрээри, метеокиин сулууспата иһитиннэриитинэн, атырдьах ыйын 13-15 күннэригэр, өрөспүүбүлүкэ сорох оройуоннарыгар күүстээх ардахтар түһүөхтэрэ. Ордук Кэбээйи, Томпо уонна Дьааҥы оройуоннарыгар түһэрэ сабаҕаланар. Инньэ гынан Дьааҥы, Дулҕалаах, Сартаҥ, Бытантай уонна Адыаччы өрүстэргэ ардахтан халаан уута үөскээн, уу таһыма эмиэ үрдүөн сөп.
«Бу оройуоннар олохтоохторо бу иһитиннэриигэ болҕомтону ууралларыгар көрдөһөбүн. Ардахтан үөскүүр халаан уута ходуһаларга тахсыан сөп», — диэн Айаал Вензель этэр. Бастатан туран, ууга барыан сөптөөх оттуур ходуһалар түбэһиэхтэрэ. Ол эрээри, аһара ардаатаҕына, уу таһыма үрдүөҕэ. Оччоҕуна Дьааҥы, Дулҕалаах, Сартаҥ, Бытантай уонна Адыачча өрүстэр тастарыгар баар нэһилиэнньэлээх пууннар намыһах сирдэрэ ууга барыахтарын сөп.
Хаартыска GigaChat Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0














