Киин, илин эҥээр, соҕуруу, хотугулуу-илин, Усуйаана уонна Халыма-Индигиир оройуоннарын хоту өттүлэригэр быстахтык ардыаҕа. Хоту диэки инчэҕэй хаардаах буолуоҕа.
Сөбүгэр тыалырыа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыаллаах буолуо. Аартыка кытылыгар сөкүүндэҕэ 17-22 м түргэннээхтик тыалырыа.
Салгын температурата түүнүн +4…+9°С., халлаан ырааһырдаҕына, сорох сиринэн 0…-5°С, арҕаа өттүгэр хаһыҥныан сөп. Күнүһүн +10…+15°С, хоту өттүгэр +5…+10°С, арҕаа диэки +14…+19°С. сылыйыа.
Дьокуускайга быстахтык ардыа, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 4-9 м түргэннээхтик тыалырыа.
Салгын температурата түүнүн +5+7°С, күнүһүн +11+13°С буолар
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

















