Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Ил Дархан Айсен Николаев быһа биэриитигэр Орто Халыматтан эрийэн, кэлэр сылтан сөмөлүөтүнэн көтөргө субсидиялаах билиэт суох буолар диэн этэллэрэ төһө кырдьыгын ыйыталастылар.   

Ил Дархан Айсен Николаев быһа биэриитигэр Орто Халыматтан эрийэн, кэлэр сылтан сөмөлүөтүнэн көтөргө субсидиялаах билиэт суох буолар диэн этэллэрэ төһө кырдьыгын ыйыталастылар.   

Айсен Николаев ити сымыйа сурах, субсидиялаах билиэт булгуччу баар буоларын туһунан хардарда.

«Эһиил субсидиялаах билиэттэргэ быйылгы сылтан аҕыйаҕа суох, ону ааһан быдан элбэх харчы көрүллүөн сөп. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлигэр итинник соругу туруорбутум. Бүддьүөт иккис ааҕыытыгар сөмөлүөтүнэн дьон айанныырын учуоттуохтаахтар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ улуустарга көтөргө 1 млрд. тахса солк. ирдэнэр, оччо харчыны булар кыаллыбата буолуо. Эһиил 350-400 мөл. солк. булуохтаахпыт, быйыл 250 мөл. солк. көрүллүбүтэ», — диэтэ Айсен Николаев.   

Кини хоту улуустар олохтоохторо Дьокуускайга, онтон атын эрэгийиэҥҥэ айанныылларыгар авиация соҕотох тырааныспар буоларын бэлиэтээтэ. Ил Дархан балаҕан ыйыгар бэрэсидьиэни кытта мунньахха ону тиэрдибитин, эрэгийиэн иһинээҕи айаны субсидиялыырга үп көрүллэригэр эрэнэрин биллэрдэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.  

  • 1
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0