Андрей Находкин оробуочай хамыыһыйаҕа Ил Түмэн бэрэстэбиитэллэрэ кыттыбыттарын туһунан санатта. Кини уларытыылар сүрүннээн редакционнай уонна федеральнай сокуоннары кытта сөп түбэһиннэрэр ис хоһоонноохторун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Сокуон – Арассыыйа Конституцията даҕаны, бэйэбит Төрүт сокуоммут даҕаны – олох ирдэбилинэн уларыйыыны ирдиир. Сороҕор өйдөөбөккө быһа тардан баран атыннык быһаарыы дьоҥҥо-сэргэҕэ эмиэ бутууру таһаарар. Ол иһин тугу да уларыппакка билиһиннэриэхпин баҕарабын», — диэтэ Андрей Находкин.
Кини сүрүннээн икки ыстатыйаҕа тохтоото:
4-с ыстатыйа 2-с чааһыгар: Сокуонунан бобуллар дьайыылар чопчуланнылар. «Дьүһүнүнэн, омугунан, итэҕэлинэн иирсээни уонна өстөһүүнү күөртээһин, күүһүнэн өттөйүүгэ уонна өрөспүүбүлүкэ Төрүт сокуонунан олохтоммут тутулун күүһүнэн суулларыыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сирэ Арассыыйа Федерациятын сирин-уотун быстыспат сорҕотун быһыытынан сомоҕо уонна үллэһиллибэт буолуутун үрэйиигэ ыҥырыы сокуонунан хоруйданыллар». Бу уларытыы Конституция өйдөбүллэрин ыһыыга уонна үрэйиигэ сокуонунан эппиэтинэс баарын чопчулуур.
44-с ыстатыйаҕа: Сир-уот өйдөбүлэ кэҥэтиллэр. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сирэ кини элбэх омуктаах бар дьонун бас билиитэ буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох норуоттара үгэс быһыытынан тарҕанан олорор төрүт-уус сирдэрэ буолар». Андрей Находкин бэлиэтииринэн, 3-с чааһынан Саха Сирин сабардыыр сирэ материктан уонна арыылартан турара чопчуланна. 4-с чааһынан Саха Сирин муниципальнай оройуоннарын сирдэрэ-уоттара Арассыыйа Федерациятын Аартыкатааҕы зонатын сиринэн сырыы сирдэригэр-уоттарыгар киирэллэрэ бигэргэнэр.
«1922 сыллаахтан быһа өрөспүүбүлүкэбит оччотооҕу салайааччылара туруорсубут этиилэрэ манна эмиэ бигэтик уларыйбакка киирэ сылдьар. Бу уларытыылар Төрүт сокуоммут сүрүн ис хоһоонун хайдах даҕаны түөрэ уларыппаттар. Мин көрөрбүнэн, өссө күүһүрдэн уонна бөҕөргөтөн биэрэллэр», — диэн түмүктээтэ Андрей Находкин.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
