Сэтинньи 21 күнүгэр Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, түһээн уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостаргар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын, тыа хаһаайыстыбатын ырыынагын, сырьетун сүрүннээһин, тулалыыр эйгэни уонна айылҕа өрөспүүрсэтин харыстааһын, Аартыканы сайыннарыы уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар хамыыһыйаны кытары сөбүлэсиһиилээх мунньаҕын салайан ыытта.
Дьокутааттар барыта 35 млрд солк суумалаах 73 көннөрүүнү киллэрдилэр. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын бырагырамаатын олоххо киллэрии дьаһалларыгар 6,18 млрд солк харчыны эбии көрөн (федеральнай бүддьүөттэн 645 мөл солк.), 2027 сылга үбүлээһини 13,0 млрд. тиэрдэргэ быһаардылар.
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин э.т. Анна Стручкова этэринэн, салаа сүрүн хайысхаларын өйөөһүн кээмэйэ быйылгы сылтан намтатыллыбата маннык уустук кэмҥэ АПК туруктаах үлэтин хараанныырга тирэх буолар. Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин МАХ ханаала суруйар.
Хаартыска: Василий Кононов.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

