Кэрэхсэбиллээх лиэксийэлэр
Онон, Туймаада туонатыгар балаҕан ыйын 4-7 күннэригэр дойду бастыҥ учуонайдара оскуолаларга, анал орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар, «Арассыыйа – мин устуоруйам» пааркаҕа араас тиэмэлэргэ лиэксийэ оҥордулар, бэйэлэрин арыйыыларын билиһиннэрдилэр, маастар-кылаастары ыыттылар, билимҥэ сыһыаннаах киинэлэри көрдөрдүлэр.
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэт автодорожнай бакылтыатын хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, тиэхиньикэ билимин дуоктара Варвара Друзьянова үнүбэрситиэт тиэхиньиичэскэй бакылтыаттарын куорпуһугар баар Бырамыысаланнас түмэлигэр тиэхиньикэ арыйыыларын күннээҕи олоххо туһаныы, чуолаан, тыа сирин дьонун интэриэһиргэтиэн сөптөөх уматык саҥа көрүҥүн туһунан сэһэргээтэ. Мантан салгыы ону ааҕааччыга өйдөнүмтүө буоллун диэн, судургу тылынан биэрэбит.
Уратыбыт – тымныыбыт
Саха Сирэ Арассыйа Федерациятын саамай бөдөҥ эрэгийиэнэ буолар. Биһиги өрөспүбүлүкэбит тайаан сытар иэнигэр биэс Франция, 10 Италия, 13 Англия судаарыстыбалара киирэр кыахтаахтар. Ити эрээри, нэһилиэнньэбит ахсаана аҕыйах, онно «буруйдаахтар»: килиимэппит уонна ирбэт тоҥмут.
Өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын, дьарыктарын барытын бу хотугу дойду тыйыс усулуобуйатыгар сөп түбэһиннэрэн тэринэн олорбуттара. Биһиги билигин эмиэ хаһаайыстыба бары эйгэтигэр ол уратыны учуоттаатахпытына табыллар. Холобур, бэйэбит идэбитигэр сыһыаннаан эттэхпитинэ, кыһын массыынабыт көлөһөлөрүгэр анал шинаны кэтэрдэбит, капотун уонна аннын сылаас матырыйаалынан бүрүйэбит, хос өстүөкүлэни туруорабыт итиэннэ сылаас харааска угабыт.
Ханнык баҕарар эттиги, тэрили уо.д.а. тоҥордоххо үйэтэ уһуур. Ону билэр буоланнар, биһиги муударай өбүгэлэрбит өлбүт киһини араҥастыыр эбиттэр. Тоҕо диэтэххэ, араас ыарыыттан олохтон барбыт дьон өлүгүн сиргэ көмтөххө, ыарыы бациллалара ирбэт тоҥҥо хас эмит сүүһүнэн сылларга сыталлар, сир ирдэ да, хаһан баҕарар төлө көтөн тахсан, иэдээни таһаарар кутталлаахтар. Оттон араҥастаммыт өлүккэ баар бацилла салгын уонна күн уотун дьайыыларыттан тута өлөр.
Өссө былыргы сахалар сири бааһырдыбат, сир кырсын бэркэ харыстыыр идэлээхтэрэ. Атыннык эттэххэ, кырса алдьаммыт сир мууһа ирэрин, ирбэт тоҥо айгырыырын үчүгэйдик билэллэрэ.
Килиимэт сылыйыыта
Билигин аан дойду үрдүнэн тирээн турар сүрүн кыһалҕанан килиимэт сылыйыыта буолар. Ити туохтан үөскүүрүй?
Ньиэп уматыгы уматтахха, тулалыыр эйгэҕэ метан, углекислай гаас, водород... тахсаллар. Метан олус чэпчэки ыйааһыннаах буолан, үөһэ көтөн, атмосфера анныгар мунньуллар, атмосфераны дьөлө көтөн, куосумаска тахсар кыаҕа суох, онон бүлүөҥкэ курдук бүрүөнү үөскэтэр. Ол анныгар аны углекислай гаас мунньуллар итиэннэ иккиэн парник курдук буоланнар (ол иһин «парниковый эффект» дэнэр), көй салгын саппааһын дьадаталлар. Ити түмүгэр, атмосфера алларааҥҥы араҥатын температурата үрдээн, сиргэ килиимэт сылыйыыта үөскүүр.
Сэбиэскэй былаас ирбэт тоҥҥо харыстабылаахтык сыһыаннаһарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Үгүстэн биир холобуру аҕаллахха, оччолорго ыраах айанныыр таһаҕас массыыналара ыйааһын хонтуруолун ааһаллара. Хонтуруол чуолаан сааскы ириэһин уонна күһүҥҥү ардах саҕана, суол саамай алдьанар кэмигэр күүһүрэрэ, биир массыына 10 туоннаттан ордук таһаҕаһы ылбата ирдэнэрэ. Оттон билиҥҥи ыарахан уйуктаах массыыналар 40 туонна таһаҕаһы тиэнэллэр, бэйэлэрин ыйааһыннарын кытары холбоон, 60 туоннаны үктүүллэр! Суолу-ииһи айгыраталлар, бэрт сыранан оҥоһуллубут аспаалбытын тоҕута тэпсэллэр... Дьэ маны учуоттаан, тиэхиньикэ уонна оттук-уматык атын, буортута суох көрүҥнэрин тобулан, туһаҕа таһаарыах тустаахпыт.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ автодорожнай бакылтыатын автомобильнай тырааныспары туһаныы уонна автосервис хаапыдырата чинчийэр үлэтин сэттэ хайысханан ыытар. Биһиги бүгүҥҥү кэпсэтиибит олортон биир хайысхаҕа, оттук-уматык альтернативалаах көрүҥэр – биогаас технологиятыгар ананар.
Оттук-уматык тарҕаммыт көрүҥнэрэ
Билигин оттук-уматык тарҕаммыт, үгэс буолбут көрүҥнэринэн электроэнергия, метан (айылҕа гааһа) итиэннэ пропан-бутан (сир анныттан хостонор ньиэбинэн оҥоһуллубут бэнсиин, сэлээркэ...) буолаллар. Метан ыйааһына, эппиппит курдук, салгыннааҕар чэпчэки буоллаҕына, пропан-бутан ыйааһына ыарахан. Холобур, харааска турар массыына пропан-бутан уматыга быыһылаан таҕыстаҕына, массыына анныгар мунньуллар. Ону билбэккэ, алҕаска электроуоту холбоотоххо, эстэр. Онон, тулалыыр айылҕаҕа буортута, киһи олоҕор куттала суох уматыгы туһанары күннээҕи олох ирдээтэ. Оннук уматык баар, ол – биогаас! Күннэтэ тахсар киһи уонна сүөһү хойуутуттан, ас-үөл тобоҕуттан-ибэҕиттэн оҥоһуллар.
Аан дойдуга, чуолаан Кытайга уонна айылҕа гааһынан дьадаҥы Европа дойдуларыгар биогаас туттуллубута ыраатта. Кытайдар сылга 14 млрд кубометр биогааһы оҥорон таһаараллар. Дьиҥинэн кинилэргэ бэйэлэригэр айылҕа гааһын баай саппааһа баар эрээри, ону кэлэр көлүөнэлэригэр анаан харыстыыллар, төрүт тыыппаттар, атын сиртэн, ол иһигэр Арассыыйаттан атыылаһалларын ордороллор.
Кытайга хас биирдии ыалга биогааһы оҥорор тэрил баар. Кинилэр биогааһы бэйэлэрэ туһаналларын таһынан, ордорун барытын судаарыстыбаҕа туттараллар. Ол иһин кытайдар кыра боллуоннаах гааһы, зажигалканы уонна да атын араас тэриллэри оҥорон, ырыынакка атыылыыллар. Ону эһиги бары билэҕит уонна «Столичнай» ырыынактан атыылаһан туһаммыт, туһанар буолуохтааххыт.
Сылга 1,2 мөлүйүөн туонна!
Саха Сиригэр биир сыл устатыгар ортотунан 1,2 мөлүйүөн туонна уматык (бэнсиин, сэлээркэ) туһаныллар. Мантан аҥаара, ол эбэтэр 600 тыһыынча туонната, ыраах сытар, мөлтөх-суоллаах иистээх улуустарга, 268 нэһилиэнньэлээх пууннарга) тиэрдиллэр.
Тыа сиригэр олорор дьиэни-уоту, үлэ эбийиэктэрин, кыстык хотоннору, сүөһү иитэр комплекстары, хараастары, кыһыҥҥы тэпэлииссэлэри сылааһынан чоҕунан эбэтэр убаҕас уматыгынан үлэлиир хочуолунайдарынан хааччыйыллар. Сыана ыарыы турар, суол-иис мөлтөх буолан, оттугу-уматыгы тиэйии үгүс түбүгү, хос ороскуоту үөскэтэр. Иккиһинэн, убаҕас уматык ньиэптэн оҥоһуллар, оттон ньиэп саппааһа көҕүрээн иһэр. Дьэ ити иһин, бэйэтиттэн бэйэтэ тахса турар уматыгы (биогааһы) туһаныахха наада.
Сүөһү-сылгы хойуута тыа сиригэр элбэх, онтон бэрт кыра сорҕото эрэ оҕуруокка уоҕурдуу, сир быйаҥнаах араҥатын байытар кунус уонна түптэлииргэ кии быһыытынан эрэ туттуллар. Биогаас быһыытынан туһаныы суох. Биир ынах төгүрүк сууккаҕа 20 киилэ хойууну таһаарар, оттон кыстык устатыгар төһө буолуой? Чинчийии көрдөрөрүнэн, 1 киилэ ынах хойуутуттан 0,04 кубометр биогаас тахсар.
Уматык быһыытынан туһанарга биогаас углекислай гаастан, сераттан уонна ууттан ыраастанар. Онуоха ыраастааһын ньымата син элбэх эрээри, биһиги килиимэппитигэр уонна тиэхиньиичэскэй кыахпытыгар сөп түбэспэттэр. Ону учуоттаан биһиги хаапыдырабыт анал компрессорнай тэрили уонна биогааһы уматар оһоҕу өссө 2010 сылтан оҥорбута. Бу тэрил бэйэҕэ турар сыаната удамыр, ханна баҕарар туруоруллар, ороскуотун биир-икки сыл иһинэн толуйар уонна үлүгэрдээх үбү-харчыны кэмчилиир, быһата, хамсааһыны таһаарар кыахтаах. Ханнык баҕарар сүөһүлээх хаһаайыстыба маннык тэрили туруорунан, бэйэтэ биогааһы оҥорон, дьиэтин-уотун сылытарыгар, аһын астанарыгар оттук, тиэхиньикэтигэр уматык быһыытынан туһаныан сөп.
Биһиги бакылтыаппытыгар хас да аспыраан бу тиэмэнэн дьарыктанан, билим хандьыдаата буоллулар. Биогаас туһунан ким баҕалаахха кэпсиир, сүбэлиир-амалыыр, наада буоллаҕына, биогааһы оҥорор тэрили туруоран биэрэр кыахтаахтар.
- 3
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0