Авиахампаанньа иһитиннэрбитинэн, 2027 сылга судаарыстыба үбүлүүр көтүүлэрин хайысхата кэҥээн, 26 эрэгийиэни хабыаҕа. Субсидияламмыт көтүүлэргэ билиэттэри атыылаһыы иһин хамыыһыйа, хомуур төлөбүрэ ылыллыбат.
- Москубаҕа уонна төттөрү: Анадырьтан, Благовещенскайтан, Владивостоктан, Горно-Алтайскайтан, Магадантан, Петропавловскай-Камчатскайтан, Улан-Удэттэн, Хабаровскайтан, Соҕуруу Сахалинскайтан, Дьокуускайтан уонна Калининградтан.
- Красноярскайга уонна төттөрү: Благовещенскайтан, Хабаровскайтан.
- Санкт-Петербурга уонна төттөрү: Владивостоктан, Иркутскайтан уонна Калининградтан.
- Хабаровскайга уонна төттөрү: Красноярскайтан, Иркутскайтан, Магадантан, Новосибирскайтан, Петропавловскай-Камчатскайтан уонна Соҕуруу Сахалинскайтан.
- Владивостокка уонна төттөрү: Анадырьтан, Магадантан, Петропавловскай-Камчатскайтан, Хабаровскайтан уонна Соҕуруу Сахалинскайтан.
"Аэрофлот" Арассыыйа иһинээҕи уонна Уһук Илин иһинээҕи чэпчэтиилээх тарыыптары икки түһүмэҕинэн арыйар: бастаан кыһыҥҥы сезоҥҥа (ахсынньы 1 күнүттэн атыыланар билиэттэринэн) 2027 сыл тохсунньутуттан кулун тутарыгар диэри көтөр эриэйистэргэ; онтон саас уонна сайын (ахсынньы 15 күнүттэн атыыланар билиэттэринэн)2027 сыл муус устарыттан алтынньытыгар диэри эриэйистэргэ.
Бырагырааманан туһанар бырааптаахтар: ▫️ Уһук Илиҥҥэ бастайааннай пропискалаах олохтоохтор; 23 саастарыгар диэри эдэр дьон; 55 саастарын ааспыт дьахталлар уонна 60 саастарын ааспыт эр дьон; I бөлөх инбэлииттэр; оҕо эрдэхтэриттэн II уонна III бөлөх инбэлииттэр уонна кинилэри арыаллааччылар; элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр.
Субсидиялаах билиэттэри онлайн — субсидиялаах билиэттэр порталларын нөҥүө, "Аэрофлот" мобильнай сыһыарыытыгар, ону тэҥэ сирэй көрсөн, эрдэттэн суруйтарыынан — Уһук Илин куораттарыгар уонна Калининградка баар "Аэрофлот" бэйэтин атыылыыр офистарыгар оҥотторуохха сөп.
Маны сэргэ "Аэрофлот" боломуочуйалаах агеннарын офистарыгар билиэт атыылаһар кыах баар.
Хаартыска РФ Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин саайтыттан
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
