Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

«Өрөгөй» күрэс уораҕайыгар Александр Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга Бүтүн Арассыыйатааҕы V турнир бастакы күнэ түмүктэннэ. Ыйааһыннарынан бастакы миэстэ иһин кимнээх киирсиэхтээхтэрэ быһаарылынна. Санатан эттэххэ, бэһис төгүлүн ыытыллар күрэхтэһиигэ Арассыыйа уон эрэгийиэниттэн барыта 133 бөҕөс күөн көрсөр.

«Өрөгөй» күрэс уораҕайыгар Александр Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга Бүтүн Арассыыйатааҕы V турнир бастакы күнэ түмүктэннэ. Ыйааһыннарынан бастакы миэстэ иһин кимнээх киирсиэхтээхтэрэ быһаарылынна. Санатан эттэххэ, бэһис төгүлүн ыытыллар күрэхтэһиигэ Арассыыйа уон эрэгийиэниттэн барыта 133 бөҕөс күөн көрсөр.

Сүрүннээн, ааспыт нэдиэлэҕэ Д.П. Коркин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кэлбит бөҕөстөр кытыннылар. Үс көбүөрүнэн сытыы киирсиилэр буоллулар. Сэрэйиллибитин да курдук, быһаарыылаах хапсыһыыга күүстээхтэр таҕыстылар. Эдэрдэртэн Николай Заболоцкайы ааттыахха сөп. Кини быйыл күһүн тустуутун сөргүтээт, бастаан Дьокуускай куорат чөмпүйэнээтигэр, онтон Е.Д. Кычкин аатынан аһаҕас түһүлгэҕэ ситиһиилээхтик кыттан, мэтээлгэ тиксибитэ. Ити курдук, Куоркун турнирын кыайыылааҕа Игорь Матвеев, ити күрэхтэһиигэ иккистээбит Владимир Бояновскай, Никита Софронов үчүгэй тустуулары көрдөрдүлэр. Быһаарыылаах хапсыһыылар бары тыҥааһыннаах буолуохтара, ол эрэн мин, Капрынов — Бояновскай киирсиилэрин ордук чорботуом этэ. Дьэ, хайалара кыайар диэн dzulurgan.ru Петр Павлов билгэлиир.

Билэргит курдук, бу түһүлгэ уратыта, кыайыылаахтар тахсан лотерея тардан, уон киһиттэн биир дьоллоохторо – 1 мөлүйүөн солк. харчынан наҕараадаланар. Бу иннинэ оннук дьоллоох түгэҥҥэ Красноярскайтан Дмитрий Зайнидинов, Бүрэтийэттэн Тумэн Бодиев, бэйэбит уолаттарбыт Айсен Потапов уонна Виктор Рассадин сүрүн бириискэ тиксибиттэрэ.

Билиҥҥи туругунан, быһаарыылаах хапсыһыыга тахсыбыттары көрдөххө, кинилэртэн Бодиев уонна Зайнидинов эмиэ чугас курдуктар. Ол эрэн, кинилэр бүтэһик хапсыһыыларга кыайдахтарына…

Быһаарыылаах хапсыһыыга көрсүөхтэрэ: 57 кг Артур Чебодаев (Красноярскай) – Любомир Ашеин (Саха Сирэ).

61 киилэ. Лев Павлов – Николай Заболоцкай (иккиэн Саха Сирэ).

65 киилэ Виктор Яковлев – Ньургун Терентьев (иккиэн Саха Сирэ).

70 киилэ. Игорь Матвеев (Саха Сирэ) – Юра Айрапетян (Красноярскай).

74 киилэ. Константин Капрынов – Владимир Бояновскай (иккиэн Саха Сирэ).

79 киилэ. Никита Сучков (Красноярскай) – Тумэн Бодиев (Бүрээтийэ).

86 киилэ. Буянто Шадапов (Бурятия) – Азрет Улимбашев (Красноярскай).

92 киилэ. Никита Софронов (Саха Сирэ) – Дмитрий Зайнидинов (Красноярскай).

97 уонна 125 киилэлээхтэргэ кыайыылаахтар эргиир систиэмэтинэн сирэй көрсүүлэрин түмүгүнэн быһаарыллыахтара.

Сарсын, сэтинньи 29 күнүгэр хапсыһыылар күнүс 11:00 чааска “санааны уоскутар” киирсиилэринэн саҕаланар. Оттон кыайыылаахтары быһаарар хапсыһыылар 13:00 чаастан буолуохтара.

PS: Бүгүҥҥү сүрүн хапсыһыылар видеоларын «Дьулурҕан» хаһыат телеграмҥа каналыгар https://dzulurgan.ru/2026/11/krylov-2026-de-m%d3%a9l%d2%afj%d2%af%d3%a9n-kimiehe-tiksiej/ көрүөххүтүн сөп.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0