Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Елена Бибикова социальнай тѳлѳбүрдэри Арассыыйаҕа 14,1 мѳл. тахса киhи ыларын бэлиэтээтэ. Бу тѳлѳбүрдэр барыллаан 11,9% үрдүѳхтэрэ.
ЕДВны бэтэрээннэр — Аҕа дойду Улуу сэриитин инбэлииттэрэ уонна кыттыылаахтара, ѳлбүт байыаннайдар тѳрѳппүттэрэ уонна огдооболоро; судаарыстыба иннигэр уhулуччу ѳңѳлѳѳх гражданнар; инбэлииттэр, ол иhигэр инбэлиит оҕолор, итиэннэ бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ ылаллар.
Харчыттан ураты тѳлѳбүргэ ылар киhиэхэ табыгастаах варианынан — ѳңѳнѳн эбэтэр харчынан, эбэтэр ѳңѳнѳн уонна харчынан бэриллэр социальнай ѳңѳлѳр комплекстара киирэр. ЕДВны хайдах кѳрүңүнэн ылары сыл аайы алтынньы 1 күнүгэр диэри Социальнай фондаҕа сайабылыанньа биэрэн талыахха сѳп.
Социальнай ѳңѳлѳр нобуордарыгар эмп-том, медицинскэй оңоhуктар, инбэлиит оҕолорго эмтээх ас; санаторийга путевка; электричкэнэн эбэтэр куорат ыккардынааҕы тырааныспарынан эмтэнии миэстэтигэр уонна тѳттѳрү айанныырга босхо бырайыас киирэллэр. Хас биирдии ѳңѳҕѳ тэң суолталаах харчы кѳрүллэр.
Олунньу 1 күнүттэн, дьиңнээх инфляция таhымыттан кѳрѳн, ийэ хапытаалын кээмэйэ эмиэ улаатыаҕа.
Ол курдук, ийэ хапытаалын кээмэйэ бастакы оҕоҕо — 589,5 тыh. солк. (65 тыh. солк. эбилиннэ), иккис оҕоҕо — 779 тыh. солк. (86 тыh. солк. эбилиннэ) буолар.
Онтон муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэлэр 3,3% үрдүѳхтэрэ.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0