Саха өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, пандемия кэмигэр инбэлииттэри, тулаайах оҕолору, төрөппүттэрин көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору дьиэлэригэр олордубут дьоҥҥо харчынан төлөбүр соторунан төлөнүөҕэ.

Ыйдааҕы төлөбүр хас биирдии көрүүгэ-истиигэ ылбыт киһитинэн 12 130 солкуобай буолар.
Миниистир Елена Волкова тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, ыйдааҕы төлөбүрү муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри кырдьаҕас дьону, тулаайах оҕолору, төрөппүттэрин көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору интернаттан бэйэлэрин дьиэлэригэр олордо ылбыт дьоҥҥо эрэ төлөнөр. Босуобуйа олордубут, көрбүт-харайбыт кэмнэригэр төлөнөр.
Саха сиригэр муус ыйыгар, ыам ыйыгар социальнай дьиэлэртэн ылан көрбүт дьон реестра оҥоһуллубут.