Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Бүлүү оройуонун дьаһалтата олохтоох нэһилиэктэр дьаһалталарын кытта сыл ахсын «2018-2023 сс. дьиэ кэргэн социальнай өйөбүлэ уонна гражданнар сорох категорияларыгар дьиэни-уоту тупсарыыга социальнай өйөөһүн» муниципальнай бырагыраама олоххо киириитин чэрчитинэн, биирдиилээн аҕам саастаах дьоннорго социальнай көмө төлөбүрдэрэ оҥоһуллаллар.

Биир кэмнээх аадырыстаах көмө төлөбүрэ тыыл, үлэ, сэрии бэтэрээннэригэр уонна аҕам саастаах дьоннорго оройуон бүддьүөтүттэн 40-нуу тыһ. солк.  уонна нэһилиэк бүддьүөтүттэн  20-лии тыһ. солк. түҥэтиллиэҕэ.

e2bf9f33 ff32 4635 9216 0deb6bd920d1

Быйыл улуус хамыыһыйата Бүлүү оройуонун 8 муниципальнай тэриллии 21 бэтэрээнигэр көмө харчыны көрөргө быһаарынна: «Бүлүү куората» МТ - 4, «Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэ» МТ -1, «Чочу нэһилиэгэ» МТ - 2, «Үгүлээт нэһилиэгэ» МТ - 2, «Арыылаах нэһилиэгэ» МТ - 4, «I-кы Күүлэт нэһилиэгэ» МТ - 3, «II-с Күүлэт нэһилиэгэ» МТ - 2 уонна «Тылгыны нэһилиэгэ» МТ – 3.

Маннык хамсааһыннар өрөспүүбүлүкэбит атын оройуоннарыгар холобур буолуоҕа диэн эрэнэбит.

Холобур оҥостуохха, бастыҥнары батыһыахха!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Олохтоох салайыныы

Таатталар түмсэллэр

Муус устар 24 күнүгэр Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев Дьокуускайга олорор биир…
26.04.24 13:24