1.Кимиэхэ бэриллэр?
Быраап 2022 сыл тохсунньу 31 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри оҕоломмут дьахталларга (эбэтэр ииттэ ылбыттарга), ону тэҥэ соҕотох төрөппүт (ииттэ ылбыт) эр дьоннорго олохтонор.
2.Быраап хайдах быһаарылларый?
Судургутук, ол эбэтэр оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэнньэлэргэ олоҕуран сайабылыанньа биэрэр ирдэммэт.
3.Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар төрөөбүт бары гражданнарга бэриллэр дуо?
Оннук. Ол эрэн, Российскай Федерация гражданстволааҕа, ону тэҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр булгуччу регистрациялааҕа ирдэнэр.
4.Тус сыаллаах хапытаал быраабын туһанарга туох нааданый?
ЗАГС уорганнарыгар оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу сурук (сибидиэтэлистибэ) ылара наадалаах.
5.Саха сиригэр олоруу туһунан сибидиэнньэ хайдах бигэргэтиллэрий?
Олорор сиринэн регистрациялааҕа ирдэнэр.
6.«Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ?
Төлөбүр кээмэйэ 100 000 солк.
7.Төлөбүр ороскуотун хайысхалара?
Араас хайысхалар:
-
оҕо туһатыгар кирэдьиит тэрилтэлэригэр кылааты уурунуу;
-
оҕону үөрэтии;
-
оҕону үрдүк технологиялаах мэдэссиинискэй уонна социальнай реабилитациялааһыны уонна санаторнай-куруортнай эмтээһини оҥоруу, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ таһыгар айан төлөбүрүн киллэрэн туран, оҕо үрдүк технологиялаах мэдэссиинискэй уонна социальнай реабилитациялааһыны оҥоруу;
-
эмп-том атыылаһыыта;
-
дойду үрдүнэн дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥҥа айан;
-
олох-дьаһах усулуобуйатын тупсарыы, олорор дьиэ өрөмүөнэ;
-
тырааныспары атыылаһыы, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыы, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин атыылаһыы;
-
оҕо олоҕун уонна доруобуйатын страховкалааһын.
2022 сыл Саха сиригэр Ийэ сылынан биллэриллибитэ. «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалтан ураты кэккэ тэрээһиннэри ыытыы былааннаналлар, ол иһигэр биэс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ дьиэ атыылаһарга өйөбүл төлөбүр, нолуоктан босхолооһун, базовай төлөбүрдэрин икки төгүл улаатыннарыы көрүллүөҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0