Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

«Сосновый бор» кииҥҥэ оҕо уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыларын түмэр «Сила.ком» форум буолан ааста. Түһүлгэбит киин тэрээһининэн «Бастыҥ баһаатай» куонкурус буолла.

«Сосновый бор» кииҥҥэ оҕо уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыларын түмэр «Сила.ком» форум буолан ааста. Түһүлгэбит киин тэрээһининэн «Бастыҥ баһаатай» куонкурус буолла.

Үс күннээх тургутуу

Икки улахан тэрээһини сэргэ тутан ыытары хайҕаатылар: “Инникитин үгэскэ кубулуйдар ханнык”, -- диэн баҕа санааларын биллэрдилэр. Сөп ээ, эдэркээн педагогтар бастыҥ баһаатайдары көрөн, элбэҕи бэйэлэригэр иҥэринэллэр.

IMG 20210416 090939 212

«Быйыл кыттааччылар хаһааҥҥытааҕар да ордук бэлэмнээх кэлбиттэр. Маныаха улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэх тэриллибитэ тирэх буолла. Куонкурус педагог билиитин эрэ буолбакка, сатабылын, дьоҕурун, тус уопутун тургутар. Онон уһуйааччы маастарыстыбатын, чахчы, баһылыыбыт эрэ буоллаххына инники күөҥҥэ тахсаҕын», – диэн бэлиэтиир дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин методиһа Александр Васильев.

Быйылгы күөн көрсүһүүгэ илин-кэлин түсүһэр баҕалаах 11 улуустан 12 баһаатай кытынна. Кинилэр «Бэйэни билиһиннэрии», «Тус уопуту көрдөрүү», «Маастар-кылаас», «Уустук балаһыанньаттан тахсыы» курдук түһүмэхтэринэн 3 күн устата күрэхтэстилэр. Куонкурус төһө даҕаны күүстээх утарсааччылардаах, тыҥааһыннаах киирсиилэрдээх буолбутун иһин, бары олус эйэлээхтик, аһаҕастык уонна истиҥник өйөһөн сырыттылар.

все

«Куонкурус үс күнэ олус түргэнник ааста. Мин маннык киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ бастыкы кыттыым, олус долгутуулаах буолар эбит. Атын баһаатайдар уоттаах харахтарын көрөн, сүбэлэрин-амаларын ылынан, инникитин үлэбит өссө таһаарыылаах буолуоҕа. Ил Дархан Харыйатыгар сылдьан билсибит доҕорум Надежда Неймохованы көрсөн, оҕолуу истиҥник үөрдүм. Кини Дьокуускай куоракка тэрийэр үлэтин сэргээн, холобур оҥосторго сананным», – диэн кэпсиир Вера Саввинова.

Бастыҥнары быһаардылар

 победа

Гран-при – Таисия Томская, Бүлүү улууһун тобулар уонна айар дьоҕуру сайыннарар «Кэскил» киинин тэрийээччи-педагога;

I миэстэ – Ольга Никитина, Амма улууһун Сатаҕай орто оскуолатын тэрийээччи-педагога;

II миэстэ – Виктория Шестакова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа Ф.Г. Охлопков аатынан орто оскуолатын тэрийээччи-педагога;

III миэстэ – Ксения Кокош, Кэбээйи улууһун Сангаар 1-кы №-дээх орто оскуолатын тэрийээччи-педагога;

«Тус уопуту көрдөрүү» түһүмэх кыайыылааҕа – Галина Бессонова, Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох орто оскуолатын тэрийээччи-педагога;

«Бастыҥ маастар-кылаас»– Ольга Рахманова, Нерюнгри улууһун 9-с №-дээх орто оскуолатын тэрийээччи-педагога;

«Бастыҥ бэйэни билиһиннэрии» – Лилия Федотова, Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын тэрийээччи-педагога;

«Уустук балаһыанньаттан тахсыы» – Айсена Семенова, Дьокуускай куорат 12-с №-дээх орто оскуолатын тэрийээччи-педагога;

«Үгэстэри утумнааччы» анал аат хаһаайына – Вера Саввинова, Сунтаар улууһун Маар Күөл орто оскуолатын тэрийээччи-педагога.

сбор

Үлэҕитин таптааҥ!

Баһаатай диэн учуутал буолбатах. Мөҕөн дуу, куттаан дуу, биитэр күһэйэн дуу оҕоҕо дьайбат. Кини оҕо интэриэһин таба таайан, санаата туохха сытарын сэрэйэн, сэргэх үлэни тэрийиэхтээх. Манна оҕо бэйэтэ көҕүлээччи, сүрүннээччи буолуохтаах. Ол эрээри уопсай үлэни толорорго хас биирдии оҕо эппиэтинэһи ылар, эбээһинэһин толорор таһымҥа тахсарын ситиһиэхтээх.

Быһатын эттэххэ, баһаатайынан анаммыт киһи сорох түгэннэргэ психолог, иитээччи, менеджер, аниматор, дипломат, юрист, методист да буолан ылыахтаах курдук. Маны таһынан кини дьону түмэр, көҕүлүүр, угуйар кыахтаах, айар куттаах, төлөн сүрэхтээх буолуохтаах.

Маннык ирдэбиллэргэ толору сөп түбэһэр, бүгүҥҥү күҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар баһаатайынан балайда эдэр киһи Таисия Томская ааттанна (Бүлүү Кыһыл Сыыра). Дьүүллүүр сүбэ боротокуолларын арыйан көрдөххө, киниэхэ бары түһүмэхтэргэ кэриэтэ үрдүк бааллар кэккэлэспиттэр.

Таисия Томская

Бастыҥ көрдөрүүнү хайдах ситиспитэ буолуой? Киниэхэ тус бэйэтигэр кыайыы туох суолталааҕый? Бу ыйытыыларга уонна кини айымньылаах үлэтин, ураты эйгэтин туһунан сиһилии туоһулаһарга сананныбыт.

--Мин дьону кытта алтыһарбын, өрүү болҕомто киинигэр сылдьарбын ордоробун. Баһаатай идэтэ элбэх хайысханы хабар буолан, саҥаттан саҥа эйгэни баһылыырбар кыах үөскүүр. Киһиэхэ араас дьоҕур, сатабыл сайдар. Бу иннигэр сатаабаппын, билбэппин диир өрүттэрим кытта тубустулар. Бэйэ эйгэтигэр сылдьар диэн ону этэн эрдэхтэрэ…

Педагог идэтин баһылыырбар дьонум сабыдыаллаабыттара, олук уурбуттара саарбаҕа суох. Учууталлар удьуор утумнарын салгыыр буоламмын, эппиэтинэс улахан. Эһэм Пахом Васильев пионер-баһаатай этэ. Сыдыбылга үлэ-сынньалаҥ лааҕырын арыйан үлэлэппитин, 30 сыл ааспытын да кэннэ, куруук ахталлар, махтана саныыллар. Мин онтон олус үөрэбин, киэн туттабын! Дьиҥнээх баһаатай диэн дьон санаатыгар үтүө өйдөбүлү саҕар, дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиир киһи ааттаныан сөп дии саныыбын.

Бүлүү педкэллиэһигэр үөрэнэр кэммэр, «Вожатые Саха» диэн педагогическай этэрээттэр хамсааһыннарыгар киирэн, лааҕырдарга үлэлиирим, араас тэрээһиннэргэ кыттарым. Төрөөбүт дэриэбинэбэр баҕабынан «ШАР» (Школа Активных Ребят) диэн оҕо түмсүүтүн тэрийбитим. Оҕолорго баһаатай маастарыстыбатын иҥэрэргэ дьулуспутум. Кинилэргэ лиидэр хаачыстыбатын сайыннарарга кыһалларым. Хара маҥнайгыттан сөптөөх суолу тутуспуппуттан үөрэ саныыбын. Туох баар өйбүн-санаабын ууран туран үлэлиибин, эрчимнээхтик, тэтимнээхтик, омуннаахтык. Оҕолонон да олорон, иитиллээччилэрбиттэн тэйбэккэ, тэҥҥэ сылдьыспытым.

Баһаатай идэтин таптыахтаах. Үлэлээн истэҕиҥ аайы идэҥ кэрэтэ арыллан, интэриэһиҥ дириҥээн иһэр ээ. Үлэттэн сылайыы – дууһаҕын бас бэриннэрбэккиттэн тахсар, оттон ол төрүөтэ – идэни сыыһа талыы, сөп түбэспэт үлэҕэ «сылдьыы». Ис-искиттэн сандаара сылдьар буоллаххына, оҕолор да эйиэхэ арыллаллар, сысталлар. Уулуссаҕа көрсүбүт ыччаттарыҥ хардары махтанар, оскуолаларыгар эргиллэр буоллахтарына – эн дьиҥнээх уһуйааччыгын. Онон эдэр кэллиэгэлэрбэр үлэҕитин таптааҥ диэхпин баҕарарбын. Оннук эрэ түгэҥҥэ туларыыр эйгэни сайыннарар, тупсарар кыахтанабыт!.

 награж

 «Бастыҥ баһаатай» куонкурус кыттааччыларын ортолоругар сырдыгынан сыдьаайа сылдьар киһи баар. Кини тула дьон мустар, эйгэлэһэр. Оннук үтүө тыыннаах баһаатай – Ольга Никитина. Дьокуускай куорат баһаатайа, куонкурус кыттааччыта Айсена Семенова  инстаграмҥа «Үтүө да киһи! Кини иитиллээччитэ буолан, оҕо сааспар төннүбүт киһии!» диэн таһаарбыта харахпытыгар хатаммыта.

Ольга Никитина

--Сатаҕай орто оскуолатыгар оҕо уопастыбаннай хамсааһынын салайааччытынан 2000 сылтан үлэлии сылдьабын. 90-с сыллар саҕаланыыларыгар саха оҕотун төрүт култууратын тыыныгар иитэр «Эркээйи» бырагырааманан үлэлээбиппит.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска саҥаны билээри, атыттары кытта билсээри, бастыҥ үлэлээхтэри көрөөрү-истээри кытынным. “Эдэр баһаатайдар үлэлэригэр туох саҥа технологиялары тутталларый?”, “Оҕо болҕомтотун хайдах тардалларый?”, “Сэргэх туох бырайыактар баалларый?” диэн. Ол сыалбын ситистим дии саныыбын. Арассыыйа үөрэнээччилэрин хамсааһынын кытта хайдах ыкса алтыһыахха сөбүн ыйыталастым, социальнай бырайыактары хайдах суруйан көмүскүөххэ, грант ылыахха сөбүн биллим.

вожа

Оҕо уопсастыбаннай хамсааһына диэн олус улахан, далааһыннаах сүүрээн буолар. Биһиги тэрээһин эрэ ыытааччы буолбатахпыт, сүрүн сыалбыт – оҕолору төрөөбүт дойдуларын таптыылларыгар, бэриниилээх дьон буолалларыгар туһаайабыт, лиидэрдэр тахсалларыгар, салайар үлэҕэ бастакы олуктарын ууралларыгар сөптөөх эйгэни олохтуубут.

Мин үлэбэр оскуолам кэлэктиибин кытта хамаанда буолан үлэлиибит,  ол иһин элбэҕи ситиһэбит. Бастыҥнар кэккэлэригэр киириибит кистэлэҥэ онно сытар. Куонкуруска барарбар бары саба түһэн бэлэмнээбиттэрэ, туох тиийбэтин ситэрэн биэрбиттэрэ. Дириэктэрбит, иитиллээччим Иванна Шишигина: «Ситиһиилээхтик кыттыаҥ», -- диэн эрэл тылын эппитэ, төлөбүрбүн барытын уйуммута. Ол  да кыайыыга кынаттаата.

2 3

                                               ***

Бу куонкурус тэрийээччилэрэ: «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин, СӨ Оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа. СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа, СӨ Ыччакка дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэлэрин өйөбүллэринэн, С.Н. Донской-II аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэни үрдэтэр институт кыттыытынан ыытыллар.

 

Геннадий Охлопков,

СӨ Оҕолорун

уопсастыбаннай холбоһуктарын

сойууһун бэрэссэдээтэлэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением