Дойду хоту эрэгийиэннэрин салалталара, бэрэстэбиитэллээх уорганнара, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин былаастара бу сокуон оҥоһуутун 20 сыл устата туруорсубуттара. Сокуон олоххо киириитинэн, бу иннинэ, уһун кэм устата эрэгийиэннэр ким-хайдах кыахтааҕынан, сатыырынан хааччынан, таһынан испиттэрин курдук буолбакка, таһаҕаһы таһыыга биир кэлим үлэ мэктиэлэнэр, болҕомто ордук бородууктаны, уматыгы, тутуу матырыйаалларын таһыыга ууруллуоҕа. Ону кытта, таһыы сыанатыгар хонтуруол олохтонуоҕа.
Таһаҕаһы таһыыга хааччахтаах болдьохтоох оройуоннарынан Арассыыйа 50 % ордук территорията ааҕыллар: 25 эрэгийиэн, 4108 нэһилиэнньэлээх пуун киирэллэр, ол гынан баран, нэһилиэнньэ 2,1 % эрэ олорор. Ол курдук, 2022 сылга хоту, уһук илин эрэгийиэннэригэр 3,4 мөл. туонна таһаҕас (99,7 млрд. солк. сыаналаах), 2023 сыл түмүгүнэн 3,7 мөл. туонна таһаҕас таһыллыбыт. Мантан сүрүн өлүүтэ, убаҕас уонна кытаанах оттук.
Сүрүннээн таһаҕаһы таһыы 84 % -нын үс Уһук Илин федеральнай уокурук үс эрэгийиэнигэр түбэһэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукуотка автономнай уокуруга уонна Камчаатка кыраайа. Бу эрэгийиэннэргэ таһаҕаһы таһыы бэйэтэ уратылардаах: Саха Сиригэр – Архангельскайтан уонна Мурманскайтан Хотугу муора суолунан, салгыы кылгас навигация кэмигэр өрүс тырааныспарынан, сорох чааһа Усть-Кут (Иркутскай уобалас), Аллараа Бэстээх бөһүөлэктэри нөҥүөлээн; Камчааткаҕа – Петропавловскай-Камчаткатааҕы муора пуордунан уонна муора кытылыгар турар пууннары нөҥүөлээн, салгыы массыынанан уонна кыһыҥҥы суолларынан тумул арыы түгэх бөһүөлэктэригэр тиэрдиллэр; Чукуоткаҕа – Мурманскай, Владивосток, Находка пуордарыттан Анаадырга, Певеккэ, Провиденияҕа, Беринговскайга, Эгвекинотка таһыллар, салгыы, сайын өрүһүнэн, тымныы кэмҥэ кыһыҥҥы суолунан уонна сөмөлүөтүнэн тиэрдиллэр.
Таһыы болдьоҕо 25 % кылгыахтаах, сыаната 20% аччыахтаах
Таһаҕаһы таһыы сүрүн уустуктара тырааныспар-логистика ситимэ мөлтөҕүнэн, айгыраабытынан быһаарыллар. Холобура, билигин баар сүрүн инфраструктура 176 баазатын эргэриилэрэ 81,6 % буолар. Ордук уу тыраанспарыгар, кини таһаҕас 52 % таһар.
Биллэрин курдук, хоту сиргэ дойду киин эрэгийиэннэринээҕэр сыана араастаһыыта, ортотунан аһылык сыаната 5,6 төгүл үрдүк, атын табаардарга 2 төгүл. Маннык сыана араастаһыыта таһаҕаһы таһыы сыаната үрдүгүнэн быһаарыллар. Ол иһин, судаарыстыба өттүттэн таһаҕаһы таһыыны хааччыйар инниттэн, субсидиялааһын тиһигэ үлэлээн, эрэгийиэн бүддьүөтүттэн уонна федеральнай трансферт суотугар көмө оҥоһуллан кэллэ. Ол да буоллар, уопсайыгар таһаардахха, маннык кээмэйдээх өйөбүл таһаҕаһы таһааччылар ороскуоттарын 27 % эрэ сабара.
Билигин Арассыыйа Бырабыыталыстыбата бу саҥа сокуон киириитинэн, тырааныспар-логистика өттүнэн уустуктардаах хоту территориялары судаарыстабаннай үбүнэн өйөөһүн тиһигин тэҥнииригэр, логистиканы сайыннарарыгар чопчу туттар ырычаахтарданна, кыахтанна. Сокуон бары балаһыанньалара сөптөөхтүк үлэлээн бардахтарына, ортотунан таһаҕаһы таһыы болдьоҕо 25 % кылгыахтаах уонна бүтэһик туһанааччыга тиийиитигэр табаар сыаната 20% аччыахтаах.
Хоту таһаҕаһы таһыыга биир сүрүн хардыынан “Северный завоз” диэн сыыппаранан информация-аналитика тиһигин киллэрии, үлэлэтии буолар. Судургутук эттэххэ, таһаҕаһы таһыы виртуальнай вариана. Тиһик реестиригэр 70 сүрүн таһаҕаһы тиэйээччи, 1000 тахса таһаҕаһы тутааччы уонна 1392 ыскылаат инфраструктуратын объектара, таһыллар табаар сүрүн 40 номенклатураламмыт позицията, 27 тырааныспар араас көрүҥэ (уу суудунатыттан саҕалаан, БПЛА уонна дирижабль...) 10 000 таһаҕаһы таһыы маршрута. Ону тэҥэ, таһаҕаһы таһыыны мониторинныырга федеральнай судаарыстыбыннай информационнай тиһик (ФГИС) 2024-2026 сылларга хас да түһүмэҕинэн киллэриллиэҕэ. Тиһик кииннэммит былааннааһыны тэҥэ, таһаҕаһы таһыыга тахсыан сөптөөх мэһэйдэри, халтай турууну кэмигэр булан, учуоттуу охсон туоратарга, кылгас болдьохтоох, чэпчэки сыаналаах маршруту оҥоро охсон, тутуһарга, таһаҕаһы анал маркировканан бэлиэтииргэ уонна статистика информациятын хомуйарга быстыбат, түргэн ситими олохтуоҕа.
Бу бөлөххө ордук элбэх пуун Саха Сириттэн киирбит -233. Атын эрэгийиэннэргэ: Чукуоткаҕа – 39, Магадааҥҥа-9, Камчааткаҕа-35, Сахалииҥҥа-3, Хабаровскай кыраайга-57, Бурятияҕа-3, Забайкальеҕа-9, Приморскай кыраайга-4, Амурскай уобаласка-1.
Чинчийэн үөрэтии түмүгүнэн нэһилиэнньэлээх пууннары үс бөлөҕүнэн араарбыттар: “өйөбүллээх”, “базовай”, “киритиичэскэй” диэн. Үһүс бөлөххө ураты ыраах сытар, тыйыс килиимэттээх сирдэргэ турар пууннары киллэрбиттэр уонна кинилэргэ таһаҕаһы таһыыга судаарыстыба өттүттэн көмө оҥоһуллуохтааҕын , бастатан туран, федеральнай таһымҥа күүһүрүөхтээҕин бэлиэтээбиттэр.
Сокуон олоххо киириитигэр Саха Сирин оруола улахан
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ хоту таһаҕаһы таһыыга федеральнай киин судаарыстыбаннай өйөбүлү оҥоруутугар нуормалыыр-бырааптыыр төрүтү олохтооһуҥҥа 20 сылтан ордук кэм устата туруорсан кэллэ. Өрөспүүбүлүкэ парламена бу уһун кэм устата сокуон бырайыактарын оҥорон киллэрбитэ, төгүрүк остуоллар, мунньахтар, ол иһигэр Федерация Сэбиэтин уонна Госдуума таһымыгар ыытыллыбыттара, таһыы механизмнарыгар, логистикатыгар үгүс этиилэр, докумуоннар үөрэтиллэн, ырытыллан туттарыллыбыттара.
Хамсааһын Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2022 сыл муус устар 15 күнүгэр Аартыка зонатын сайдыытын боппуруостарынан мунньахха, хоту таһаҕаһы таһыыга анал сокуону оҥорорго сорудах биэрбититтэн саҕаламмыта. Салгыы, Владимир Путин 2023 сыл олунньу 21 күнүгэр Федеральнай Мунньахха Ыҥырыы суругар дойду Хотугу муора суолун кыаҕын улаатыннарар, хоту таһаҕаһы таһыыны киинниир, ирбэт тоҥу үөрэтиигэ судаарыстыбаннай мониторины олохтуур туһунан этии киллэриитэ, сокуон ылыныллыытыгар хамсатар дьайыыны оҥордо.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бу сокуон туһунан быһаарыытыгар, өрөспүүбүлүкэ парламена сокуон сүрүн бырайыагар 5 көннөрүүнү уонна аргыс-сокуон бырайыагар биири киллэрбиттэриттэн, түөрдүн ылыммыттарын бэлиэтээбитэ. Бу көннөрүүлэр сүрүннээн муниципалитеттар кыамматтарын учуоттаан, былаас икки таһымын боломуочуйатыгар киллэрэргэ, территорияларга табаар тарыыбын олохтооһуҥҥа көннөрүүлэрбитин ылыммыттар. Саха Сирэ хоту таһаҕаһы таһыыга сыл аайы 40 млрд. солк. көрөр, ону учуоттаан федеральнай бүддьүөттэн кирэдьиити биэриини туруорсубуппут. Сокуонунан таһаҕас категорияланан, судаарыстыбааннай уонна муниципальнай диэн тэҥнэниллэн турар. Онон таһаҕаһы таһыы, үбүлээһин кииннэнэн, таһыы болдьоҕо кылгыахтаах, хоту олохтоохторго сыана аччыахтаах. Ону тэҥэ, бүддьүөт кирэдьиитэ көрүллүөхтээх табаар көрүҥүн ахсаана 10 төгүл эбилиннэ. Бу барыта холбоһон, сыананы тэҥнээһиҥҥэ, туттар табаар саппааһын үөскэтиигэ, хоту дьон олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ улахан хамсааһыны таһаарыаҕа.
Федеральнай сокуон чэрчитинэн, судаарыстыба уонна муниципалитет өттүттэн оҥоһуллар көмөнү туһанарга, хоту таһыллыахтаах таһаҕас үс категориянан тыырылынна: 1. Нэһилиэнньэ олоҕун уонна социальнай эйгэ, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба, энергетикэ тэрилтэлэрин сөптөөх үлэлэрин тэрийиигэ, ону тэҥэ, эмтээх аһылык бородуукталара. 2. Судаарыстыба уонна муниципалитеттар кыһалҕаларын быһаарыыга. 3. Атын таһаҕас.
Саҥа сокуон киириэн инниттэн, эрэгийиэннэргэ хоту таһаҕаһы таһыы торумнанан, балачча киэҥник туттулар, олоҕурбут механизмнар үлэлээн кэллилэр. Ол курдук, РФ Уһук Илин сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков бэлиэтээбитинэн, оннук үлэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллан, 2021 сылга тырааныспар логистикатын схемата чопчуламмыт, муниципалитеттарга таһаҕас таһыытыгар тырааныспар ороскуота аччатыллан, биир киилэ таһаҕаска 400 солк. кэмчилэммит. 2020 с. өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата РФ судаарыстыбаннай эрэсиэрбэлэргэ ааҕыныстыбатын кытта бииргэ үлэлэһии туһунан Сөбүлэҥи түһэрсэннэр, 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыба эрэсиэрбэтиттэн 1370 туонна аһылык таһыллыбыт.
“Хоту таһаҕаһы таһыы туһунан” сокуон ылыныллыытыгар, киириитигэр өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев, араас сылларга Ил Түмэн дьокутааттарын уонна бэрэссэдээтэллэрин, сенатордар Александр Акимов, Егор Борисов, Госдуума дьокутаата, бүддьүөккэ уонна нолуокка кэмитиэт чилиэнэ Галина Данчикова уо.д.а туруорсубут дьоммут сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар.
“Ил Түмэн”, “Парламентская газета” саайтар матырыйаалларынан Алексей Матвеев бэлэмнээтэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0