"Путин өр кэтээн, толкуйдаан баран быһаарынна, билигин кэлэн кыыһыра түһээт, мээнэ тылынан быраҕаттаныы буолбатах",- диир.
- НАТО-ҕа тоҕо кытыы дойдулары ыла сатыылларый? Тоҕо диэтэххэ, Сэбиэскэй Сойуус саҕанааҕы курдук аан дойдуга аҥаардастыы аҥаатыырын баҕарбаттар, Арассыыйа кыаҕын быһа сатыыллар. Онон атыннык быһаарар кыаҕа суох буолан, Путин байыаннай эпэрээссийэни саҕалаата. ЛНР, ДНР Россияттан көҥүллэрин ылан, билигин «һуу» диэтилэр. 2014 сыллаахтан туох даҕаны социальнай өйөбүлэ суох олордохторо. Украина бу өрөспүүбүлүкэлэргэ федерализация быраабын биэрэрин көҥөннө. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэлэрин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиэхтээх этилэр. Бу айдаан аҕыйах күнүнэн бүтэр ини диэн эрэнэбин. Ханнык да судаарыстыбаҕа улахан айдаан наадата суох, — диэтэ кини.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















