«Зеленскэй билигин капитуляциалыахтаах. Ол түмүгэр Арассыыйа Украинаттан байыаннай күүһүн таһаарар. Казахстаҥҥа, Сирияҕа эрдэ маннык байыаннай эпэрээссийэлэр эмиэ буолбуттара. Сэрии сэбиргэлин, байыаннайдарбытын киллэрэн баран таһаарбыппыт», — диэтэ кини.
⠀
Оттон экэниэмикэ чааһыгар улахан уларыйыы буолуо суоҕа диэн сабаҕалаатылар. «Биллэн турар, сыана ыарааһына буолуоҕа. Санкцияҕа олорбуппут ыраатта. Ол оннугар хата олохтоох оҥорон таһаарыы сайынна диэн көрөбүн. Доллар түһэр-тахсар, үксэ спекуляция, дьону аймыы, айгырата сатыыллар», — диэн бэлиэтиир политолог Чокуур Гаврильев.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















