Оппозиция салайааччыта Кемаль Кылычдароглу нэһилиэнньэ куолаһын 47,86 % ылла, оттон Реджеп Тайип Эрдоган туһугар олохтоохтор куоластарын 52,14 % биэрдилэр. Эрдоган 2 мөл. тахса куолаһынан Кылычдароглуну куоһарда. Арҕаа дойдулар бары Кылычдароглуну өйөөбүттэрэ даҕаны, кыайтардылар.
Онон туристар Турцияҕа куттаммакка сынньана барыахтарын сөп. Туроктары кытта биһиги тылбыт-өспүт майгыннаһар, биир түүр омук төрүттээх буоламмыт, үгүс саха дьоно сылаас муоралаах Турцияҕа олохсуйа, кыстыы бараллар, дьиэ атыылаһаллар.
Күн бүгүн дойдуга лира курса түһэ турар эрээри, олохтоох экэниэмикэ күүскэ сайдар, 2022 с. тас дойдуларга табаары атыыга таһаарыы 254 млрд. дуолларга тиийбит. Эрдоган инфляцияны сылга 10% диэри кыччатар санаалаах.
Арассыыйаны кытта туризм эрэ өттүгэр буолбакка, ньиэп-гаас, энергетика салаатыгар бииргэ үлэлэһии салҕаныа диэн аналитиктар сабаҕалыыллар. Арҕаа дойдулар сааҥсыйа биллэрбит кэмнэригэр Турция НАТО чилиэнэ буоларын үрдүнэн кинилэргэ кыттыспатаҕа. «Турист улахан аҥаара Арассыыйаттан сынньана кэлэр, атыы-эргиэн да өттүгэр бииргэ үлэлэһэбит, онон үтүө сыһыаммытын алдьаппаппын», — диэн эппитэ Эрдоган.
Хаартыска: РБК
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0