Сэрии саҕаланыытын төрүөттэрэ
Устуоруйа көрдөрөрүнэн, барыта 1914-1918 сс. буолан ааспыт Аан дойду Бастакы сэриититтэн саҕаламмыт эбит. Бу сэриигэ 38 судаарыстыба кыттыбыт уонна Версааллааҕы эйэ дуогабар түһэрсиитинэн, 1919 с. бэс ыйын 28 күнүгэр түмүктэммит. Онтон ыла кыайтарыылаах хаалбыт Германия бэлиитикэтэ сатарыйбыта, экэниэмикэтэ быстарбыта. Бу кэмнэргэ бэлиитикэ эйгэтигэр Адольф Гитлер киирбитэ уонна 1933 сыллаахха Германия канцлерынан буолбута. Кини экэниэмикэни атаҕар туруорар реформатынан дойдутун кылгас кэмҥэ кириисистэн таһаарбыта уонна норуотун итэҕэлин ылан, былааһын бөҕөргөппүтэ. Дойдуну салайыыга тураат, Гитлер ньиэмэс омугуттан ураты ордук омук суох диэн араассабай идиэйэлээх бэлиитикэтин күүскэ ыыппыта. Кини Аан дойду Бастакы сэриитигэр хотторуутун иэстэһэр санаалааҕа, ону таһынан, бүтүн аан дойдуну баһылыыр баҕалааҕа. 1939 сыллаахха Германия бастаан Чиэхийэҕэ, онтон Польшаҕа саба түспүтэ, салгыы Европа дойдуларын сэриилээн ылбыта. Ити курдук Аан дойду Иккис сэриитэ саҕаламмыта.
Бу сэрии саҕаланыыта ССРС ким да диэки буолбат балаһыанньаны тутуспута. Тоҕо диэтэр, бастакытынан, ити сэриини сойуус бэйэтин интэриэһигэр туһанар санаалааҕа, о.э. сэрии түмүгэр Англия, Франция уонна Германия туруктара мөлтүүрэ киниэхэ барыстаах этэ. Иккиһинэн, 1939 с. атырдьах ыйын 23 күнүгэр ССРС Германиялыын саба түспэт туһунан дуогабар түһэрсибитэ. Дуогабар быһыытынан, сөбүлэһии өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэригэр саба түһүүттэн туттунуохтаахтара уонна хайаларыгар эмит үһүс дойду сэриинэн киирдэҕинэ, ким да диэки буолбат балаһыанньаны тутуһуохтаахтара. Германия сойуус бары усулуобуйатын ылыммыта, ол эрэн, дуогабарга эбии Илин Европаны үллэстии туһунан кистэлэҥ боротокуолу киллэриини туруорсубута. Бу кистэлэҥ боротокуолга этиллэринэн, территориальнай-бэлитиичэскэй уларыта тутуу буолар түгэнигэр, Польша суударыстыбатын илиҥҥи уобаластара, о.э. Латвия, Эстония, Финляндия, итиэннэ, Бессарабия Сэбиэскэй Сойууска, оттон Литва уонна Польша арҕаа өттө Германияҕа киириэхтээхтэрэ. Сталин да, Гитлер да дуогабар бэйэ-бэйэҕэ саба түһүүттэн чиҥ мэктиэни биэрбэтин өйдүүллэрэ, ол эрэн, кинилэр икки ардыларыгар байыаннай эпэрээссийэ суоһуур кутталын намыратарыгар эрэнэллэрэ.
Аны Гитлер ССРС Великобританияны, Францияны кытары куомуннаспатыгар уонна сэриигэ эрдэттэн киирбэтигэр интэриэстээҕэ, тоҕо диэтэр, Европаны сэриилээн ылан баран, Сойууска саба түһэр санаалааҕа. ССРС сирин-уотун, баайын-дуолун баһылаатаҕына Германия Эмиэрикэ Холбоһуктаах Ыстааттарын кытары, аан дойду бэлиитикэтин тутулун быһаарар быраап иһин, аһаҕас утарсыыга киириэҕин сөп этэ. Дьэ, ол иһин, Сэбиэскэй Сойууһу ылаары Германия «Барбаросса» диэн саба түһүү былаанын оҥорбута. Бу балаанынан Гитлер биһиги дойдубутун икки ыйынан самнаран, кыайыыны түргэнник ситиһиэхтээҕэ.
Бэлэм туруга
Германия Сэбиэскэй Сойууска саба түһэригэр сүүнэ сэрии күүһүн түмпүтэ. Ол курдук, 8 мөл. 229 тыһ. киһилээх аармыйалааҕа. Хонуутааҕы сэриилэригэр 179 сатыы уонна аттаах, 35 мэхэньисээссийэлээх уонна тааҥка дибиисийэлээх, 7 биригээдэлээх этэ. Мантан 119 сатыы уонна аттаах (66,5%), 33 мэхэньисээссийэлээх уонна тааҥка (94,3%) дибиисийэлэрэ, итиэннэ, икки биригээдэтэ Сэбиэскэй Сойуус кыраныыссатыгар ыган турбуттара. Маны таһынан, Германия биир санаалаахтарын Финляндия, Венгрия уонна Румыния 29 дибиисийэлэрэ уонна 16 биригээдэлэрэ эмиэ кыраныысса чугаһынан бэлэмнэммиттэрэ. Германия куомуннаахтарын кытары сэриилэрин илиҥҥи бөлөхтөрө 47,2 тыһ. сэбиргэллээҕэ уонна минометтааҕа, 4,3 тыһ. тааҥкалааҕа, 5 тыһ. кэриҥэ сөмөлүөттээҕэ.
Оттон сойуус сэриигэ бэлэмэ ньиэмэс бойобуой бэлэмиттэн лаппа намыһах этэ. Ол курдук, 303 дибиисийэлээҕэ, олортон 198 стрелковай, 13 аттаах, 31 мэхэньисээссийэлээх, 61 тааҥка дибиисийэлэрдээҕэ. Аармыйа уонна Муоратааҕы байыаннай күүһүн састааптарыгар 4 мөл. 800 тыһ. байыаннай сулууспалаах баара.
Мантан көстөрүнэн, ньиэмэс күүһэ байыаннай быһыы-майгы бары ирдэбиллэринэн ситэриллэн толоруллубут этэ. Оттон Сэбиэскэй Сэбилэниилээх күүстэр киһитин састааба, бойобуой тиэхиньикэтэ ситэтэ суоҕа.
1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр сарсыарда 4 чааска Германия, биллэриитэ суох, Сэбиэскэй Сойууска саба түспүтэ. Саба түһүү соһуччу уонна түргэн этэ. Ол эрэн, ньиэмэстэр санаабыттарын курдубуолбатаҕа, Кыһыл Аармыйа хорсуҥнук утарсыбыта, инньэ гынан, сэрии уһаабыта-кэҥээбитэ, ньиэмэс «Барбаросса» былаана сыалын сиппэтэҕэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэрдиистэрэ
Аҕа дойду Улуу сэриитин үс сүрүн кэрдиискэ араараллар.
Бастакы кэрдиис 1941 с. бэс ыйыттан 1942 с. сэтинньи ыйыгар диэри бириэмэни хабар. Сэбиэскэй кыраныыссаны кыйа сэбилэниилээх охсуһуу саҕаламмыта. Кыһыл Аармыйа үс көмүскэнэр дьайыыга хотторбута. Сирдэрин төттөрү ылбыт Финляндияны кытары сэрии сөргүтүллүбүтэ. Москуба хайысхатынан ньиэмэстэр хотторбуттара. Ленинград былакаадата саҕаламмыта.
Иккис, Сэбиэскэй Сойуус туһугар тосту уларыйыылаах кэм 1942 с. сэтинньититтэн 1943 с. ахсынньытыгар диэри буолбута. Сэбиэскэй сэриилэр соҕуруу хайысхаҕа кыайбыттара (Сталинградтааҕы кимэн киирии), Хотугу Капкааһы босхолообуттара, Ленинград былакаадатын тоҕо көппүттэрэ. Куурускай аннынан уонна Днепр кытылларынан ньиэмэстэр хотторбуттара.
Үһүс сэриини түмүктүүр кэм 1944 с. тохсунньутуттан 1945 сыл ыам ыйыгар диэри кэрдиистээх. Днепр уҥа кытылынан сытар Украинаны босхолообуттара, Ленинград былакаадаттан босхоломмута, Украина ордубут сирдэрин, Кырыымы, Бөлөрүүссүйэни, Прибалтиканы, Заполярьяны, Норвегия хоту өттүн төттөрү сэриилээн ылбыттара. Кыһыл Аармыйа ньиэмэстэри дойдутун кыраныыссатын таһыгар үтүрүйбүтэ, Берлиҥҥэ кимэн киирбитэ. 1945 с. муус устар 25 күнүгэр Эльбаҕа Сэбиэскэй Сэбилэниилээх күүстэр сойууһунньуктарын эмиэрикээнистэри кытта көрсүбүттэрэ. 1945 с. ыам ыйын 2 күнүгэр Берлиини ылбыттара, Рейхстаг үрдүгэр Кыайыы былааҕа өрөгөй бэлиэтэ буола кытыастыбыта.
Норуот сомоҕолоһуута
Ньиэмэс фашистара элбэх омуктаах сэбиэскэй норуот ортотугар сепаратизмы күөдьүтэн, дойдуну иһиттэн үрэйэр санаалаахтара. Ол курдук, ньиэмэстэр кимэн киирээн ылбыт сирдэрин олохтоохторугар «Москубаттан арахсыҥ» диэн аҕытаассыйалаабыттара. Биллэн туран, нэһилиэнньэ араас араҥатыгар фашист аҕытаассыйатыгар уонна суоһарҕаныгар бэриммит таҥнарыахсыт дьон бааллара. Ол эрээри, биир да сэбиэскэй норуот дойдутун таҥнарбатаҕа. Ону өйдүөх тустаахпыт.
Ити курдук, фашистар кыра норуоттары нууччалары утары туруоран, бүтүн славян норуотун нация быһыытынан эһэр былааннаахтара. Маны таһынан, Капкаас, Орто Азия уонна Каһаах омуктарын кулут оҥосторго быһаарбыттара. Украинаттан, итиэннэ, Прибалтикаттан төрүттээхтэри сыаллаахтык кыдыйбыттара. Еврейдэри кыргыы киһи санаатыгар кыайан баппат иэдээнинэн буолбута.
Ааннаан кэлбит алдьархайга ССРС норуоттара төрөөбүт сирдэрин, бүтүн дойдуларын туһугар биир сомоҕо буолбуттара. Норуоттар бойобуой доҕордоһуулара, хардарыта көмөлөсүһүүлэрэ уонна үлэһит хорсун быһыылара Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны аҕалбыт биир сүрүн уратынан буолар.
Түмүгэ уонна суолтата
Аҕа дойду Улуу сэриитин сыалынан кырыктаах саба түһээччиттэн көмүскэнии этэ. Ол гынан баран, түмүгэр сэбиэскэй сэриилэр өстөөххө утары кимэн киирэн, бэйэлэрин сирдэрин босхолообуттарын таһынан, Берлиини ылбыттара уонна Гитлер Европаҕа кыайыылаах-хотуулаах хаамыытын тохтоппуттара, фашист аармыйатын имири эспиттэрэ.
Хомойуох иһин, өрөгөйдөөх кыайыы харах уулаах. Бу кыа хааннаах сэриигэ дьону сүтэрии Сэбиэскэй Сойуус саамай улахан алдьархайынан буолбута. Ол курдук, 1990 с. ыам ыйын 8 күнүгэр ыытыллыбыт, Улуу Кыайыы 45 сылыгар аналлаах ССРС Үрдүкү Сэбиэтин үөрүүлээх мунньаҕар сэриигэ сүтүк ахсаанын «27 мөлүйүөн киһи» диэн аһаҕастык биллэрбиттэрэ. 1998 сыллааҕы ыстатыыстыка этэринэн, Сэбиэскэй Аармыйа састаабын сүтүгэ 11 944 100 киһиэхэ тэҥнэһэр, ол иһигэр 6 885 000 киһи өлбүт уонна сураҕа суох сүппүт, 4 559 000 киһи билиэҥҥэ түбэспит. Сорох сибидиэнньэлэринэн, уопсай сүтүк – 29 592 749 киһи. Эйэлээх олохтоохтортон 13,7 мөлүйүөн киһи сэрии сиэртибэтинэн буолбуттар, олортон 7,4 мөлүйүөнүн фашистар кыргыбыттара, 2,2 мөлүйүөнэ Германияҕа күһэлэҥ үлэҕэ өлбүтэ, 4,1 мөлүйүөн киһи хоргуйан тыыннара быстыбыта.
Сэрии содулуттан ССРС экэниэмикэтэ улаханнык сатарыйбыта, тоҕо диэтэр, бырамыысыланнас сүрүннээн сэрии салаатыгар эрэ үлэлээбитэ, кыахтаах дьон өлөннөр, үлэһит илии тиийбэтэ. Сэрии кэмигэр Сэбиэскэй Сойууска 1710 куорат, 70 тыһыынчаттан тахса дэриэбинэ, 32 тыһыынча собуот уонна паабырыка урусхалланан күл-көмөр буолбуттара, 98 тыһыынча холкуос уонна 2890 массыына-тыраахтар ыстаансыйата халаммыта. Бу хорумньу суумата 128 миллиард дуолларынан ааҕыллыбыта. Тэҥнээн эттэххэ, Франция хоромньута 21 миллиард, оттон Польша 20 миллиард дуоллар этэ.
ССРС сэриигэ кыайыыта, кинини улахан бэлиитикэ түһүлгэтигэр бэйэтин усулуобуйатын туруорсар бырааптаах күүстээх держава, итиэннэ, аан дойдуну фашизмтан быыһаабыт, или-эйэни олохтообут улуу дойду буоларын атын дойдулар билинэллэригэр тиэрпитэ. Биһиги норуоппут ньыгыл сомоҕолоһуута, кыайыыга дьулуура, хорсун-хоодуот быһыыта үгүс омугу сөхтөрбүтэ, дойду Бойобуой Албан аата суон сураҕырбыта.
1945 с. ыам ыйын 9 күнүгэр аан бастаан Кыайыы күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээбиттэрэ. Оттон Кыайыы параада 1945 с. бэс ыйын 24 күнүгэр Кыһыл болуоссакка буолбута. 1947 сылга диэри бу күн сынньалаҥ күнэ этэ уонна кэнсиэринэн, салютунан түмүктэнэрэ. Ол эрээри, бу кэнниттэн, Кыайыы күнүн 1965 сыллаахха диэри бэлиэтээбэтэхтэр, ыам ыйын 9 күнэ көннөрү үлэ күнэ этэ. Бу фашизмы кыайбыт сэбиэскэй норуот иккис тыыннанан, бары күүһүн эйэлээх олоҕу тутарга уурбутун туоһулуур диэтэхпитинэ сыыспаппыт. 17 сыл буолан баран, Кыайыы күнүн өрөбүлүнэн уонна өрөгөйдөөх бырааһынньык күнүнэн биллэрбиттэрэ.
Саха Сирин кыттыыта
Сэрии алдьархайа хас биирдии саха ыалын таарыйбыта. Ыһыах үгэнигэр суостаах сурах Саха Сирин хара былыттыы бүрүйбүтэ. Сахалар Сэбиэскэй Сойуус бары норуоттарын кытта бииргэ Аҕа дойду көмүскэлигэр хорсуннук сэриилэспиттэрэ, бэйэни харыстаммакка тыылга үлэлээбиттэрэ.
Саха Сириттэн барыта 62 091 киһи, ол иһигэр 414 дьахтар сэриигэ ыҥырыллыбыт. 26 129 киһи сэрии хонуутугар охтубут уонна сураҕа суох сүппүт. Төгүрүк алааһыттан арахсыбыт саха барахсан чиҥ тулуурунан атын омуктары кытта инники күөҥҥэ тэҥҥэ сылдьан сэриилэстэҕэ. Сахалар сэрии пуруонугар бэргэн ытааччы, сатабыллаах туттунуулаах, мындыр толкуйдаах, хорсун-хоодут сэрииһит быһыытынан биллибиттэрэ. 24 буойун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун уонна кэлин 1 киһи Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүтэ, 5 киһи «Албан аат» уордьан үс истиэпэнин толору хабалыарынан буолбута.
1945 с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Саха сиригэр бастакы 21 саллаат төннөн кэлбитэ. Алтынньы 1 күнүн туругунан, сэрииттэн 1900 киһи эргиллибит. Архыып докумуоннара туоһулуулларынан, 1946 с. олунньу 28 күнүгэр 6378 фронтовик төннүбүт. Демобилизация тиһэх түһүмэҕэ 1948 сыл кулун тутарыгар саҕаламмыта. Сэрии кэннинээҕи демобилизация кэмигэр Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх күүстэригэр баар 11,5 мөлүйүөн сулууспалыыр дьон ахсаана 3 мөлүйүөҥҥэ диэри аччаабыта. Сорох сахалар дойдуларын 50-с сыллар саҕаланыыларыгар булбуттара.
Демографическай ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, сэрии сылларыгар Саха Сирин тыатын сирин олохтооҕо 90,3 тыһыынча киһинэн, о.э. 29,9%-нан аҕыйаабыт. Элбэх өлүү-сүтүү эр дьон сэриигэ барбытыттан, тыылга сут-кураан туран, хоргуйуу тахсыбытыттан, итиэннэ, эмтээһин мөлтөҕүттэн тутулуктааҕа. Тыылга хаалбыт дьон, эдэр-эмэн, оҕо-дьахтар бары Кыайыы туһугар, киһи кыаҕын таһынан күүстээх үлэҕэ бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ.
Чурапчы көһөрүүтэ – устуоруйа хара мэҥэ
Саха Сирин сэрии сылларынааҕы устуоруйатыгар хара мэҥинэн чурапчылары күүс өттүнэн хоту көһөрүү буолар. Бу сыыһа дьаһалтан Чурапчы улууһун олохтоохторо күүстээх оҕустарыыны ылбыттара.
1939 сылтан саҕалаан Чурапчы оройуонугар сут-кураан турбута, аһыҥа бүрүүкээбитэ, үрэхтэр, күөллэр оҥойо уолбуттара. Сут-кураан 1941 сылга күүһүрбүтэ, дьон хоргуйан киирэн барбыта. Онуоха, пуруонт туһугар балык собуоттарын тэрийэр сыалтан, 1942 с. тохсунньу 6 күнүгэр Чурапчы оройуонун холкуостарын аҥаарын хоту көһөрүү туһунан уураах тахсыбыта. Бу уурааҕынан, алааска олорор чурапчылары, өрүскэ, муораҕа балыктыырга үөрүйэҕэ суох дьону, хоту Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ балыктата ыыппыттара. Күүс өттүнэн көһөрүллүбүт дьон ортолоругар хара үлэни кыайбат кырдьаҕастар, ыарыһахтар, дьахталлар уонна кыра оҕолор бааллара. Оччотооҕу салайааччылар күргүөмүнэн көһөрүүнү хойутатан, тымныы түһүүтүгэр саҕалаабыттарыттан уонна дьон көһөрүллүбүт сиригэр олорорго сөптөөх усулуобуйаны тэрийбэтэхтэриттэн элбэх киһи суорума суолламмыта.
Чурапчы улууһа 1939 сыллаахха 16964 нэһилиэнньэлээҕэ, 1940 сыл саҥатыгар 38033 ынах уонна 12158 сылгы сүөһүлээҕэ. Улуус 3687 хаһаайыстыбаны түмэр 80 холкуостааҕа, 18 нэһилиэктээҕэ.
Архыып докумуоннара көрдөрөллөрүнэн, Чурапчыттан 41 холкуос, 1655 хаһаайыстыба, 4988 киһи хоту көһөрүллүбүт. Ол иһигэр, Кэбээйигэ 18 холкуос, 683 хаһаайыстыба, 2493 киһи, оттон Эдьигээҥҥэ 13 холкуос, 540 хаһаайыстыба, 1736 киһи уонна Булуҥҥа 10 холкуос, 252 хаһаайыстыба, 759 киһи көспүттэр. Хоту тиийиилэригэр чурапчылар 155 хаһаайыстыбанан, 330 киһинэн аҕыйаабыттар. Барыта 5000 киһи көһөрүллүбүтүттэн 2000 кэриҥэ өлөн, дойдуларыгар төннүбэтэхтэр.
Дьиҥинэн эттэххэ, дьону күүс өттүнэн хоту көһөрөн, пуруонт туһугар балык собуоттарын тэрийэ сатааһын олох сыыһа дьаһал буолара сыл иһинэн дакаастаммыта. Ол эрэн, Чурапчы олохтоохторун хоту оройуоннартан дойдуларыгар төттөрү көһөрүүнү бырабыыталыстыба үс сыл буолан баран биирдэ көҥүллээбитэ. Бу иэдээннэх дьаһал содулун дьон-сэргэ умнубатын диэн, балаҕан ыйын 19 күнэ кутурҕан күнүнэн биллэриллибитэ.
***
Быйыл Улуу Кыайыы 79-с сылын көрсөбүт. Сахабыт Сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин 13 кыттыылааҕа, 12 261 сэрии сылын оҕолоро олороллор. Хомойуох иһин, сыл хонук аастаҕын аайы бу алдьархайдаах сэрии тыыннаах туоһулара биһиги кэккэбититтэн туораан аҕыйаатылар, ону сэргэ, устуоруйа чахчылара умнулла быһыытыйаллар.
Маныаха, кэккэ дойдулар сорох бэрэстэбиитэллэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитин чахчылаах суолун билиммэт кылгас өйдөөхтөрүн киһи сөҕөр. Холобура, хайдах умнуохха сөбүй Киев хотугулуу-арҕаа өттүгэр баар Бабий Яр алдьархайын?! Онно, 1941 с. балаҕан ыйын 29-30 күннэригэр фашист сиэхситтэрэ сэбиэскэй еврейдэри ытыалаан маассабайдык кыргыбыттара. 33 771 киһини өлөрбүттэрэ. Бу сыыппара иһигэр үстэригэр диэри саастаах оҕолору киллэрбэтэхтэрэ, кинилэри аахпакка эрэ ийэлэрин кытта ытыалаабыттара. Оҕолору аахтахха, быһа холоон барыта 35 тыһыынча киһини кыргыбыттар.
Онтон аныгы укронацистар 80 сыл аннараа өттүгэр төрөөбүт дойдуларыгар ньиэмэс фашистара кыыллыы быһыыламмыттарын туоһулуур устуоруйа чахчыларын кыккыраччы мэлдьэһэн, норуоттара эрэйи-муҥу көрбүтүн умнан, фашизм идеологиятын өрө туталларын мин, биир бэйэм, кыайан өйдөөбөппүн.
Билигин Анал байыаннай дьайыыга эр хоһууннарбыт өбүгэлэрин бойобуой суолларын салҕааннар аныгы фашизм утары охсуһа сылдьаллар. Быйыл Кыайыы параадыгар Кыһыл болуоссакка Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын холуонната биир бастакынан хаамыаҕа. Бу устуоруйа чахчыта умнуллубатын уонна үйэлэргэ симэлийбэтин туоһулуур дии саныыбын.
Антонина НЕУСТРОЕВА
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0