“Мин Алексей Ильиһы профессионал уонна киһи быһыытынан өрдөөҕүттэн билэбин. Кини оччолорго ыччат миниистиринэн үлэлээбитэ. Оттон мин СӨ физическай култуураҕа уонна спортка судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр бэрэссэдээтэллээбитим. Онон иккиэн бырабыыталыстыбаҕа бииргэ үлэлээбиппит.
Тус бэйэм Алексей Ильич дьылабыай хаачыстыбатын, дириҥ билиитин-көрүүтүн, үлэҕэ сатабылын уонна эппиэтинэһин олус үрдүктүк сыаналыыбын.
Алексей Еремеев дьокутаат быһыытынан сокуоннары билиитинэн, сокуон барылларын көмүскүүрүнэн, бары сокуоннарга барытыгар быһаарсарынан, хас биирдии тыл суолтатыгар болҕомто уурарынан, үчүгэйдик өйдүүрүнэн, сис кэмитиэт мунньахтарын сүрдээх таһымнаахтык ыытарынан, пленарнай мунньахтарга чахчы дьылабыай боппуруостары көтөҕөрүнэн, сиэрдээх этиилэри киллэрэринэн – норуот итэҕэллээҕин быһыытынан олус үрдүк бэлэмнээҕин көрдөрөр дии саныыбын.
Өскөтүн Алексей Ильич Ил Түмэн бэрэссэдээтэлинэн талылыннаҕына, кини ситэриилээх былааһы да, улуустары да кытта, өрөспүүбүлүкэни бүтүннүүтүн кытта көдьүүстээх уонна уопсастыбаҕа туһалаах үлэни-хамнаһы тэрийиэҕэ диэн эрэллээхпин. Мин көрөрбүнэн, кини билиҥҥитэ бу дуоһунаска саамай бэлэмнээх киһи. Билигин РФ Төрүт сокуона уларыйан, сокуону оҥоруу өттүгэр улахан үлэ күүтэр. Онон Алексей Ильич хас биирдии сокуон суолтатын өйдөөн, өрөспүүбүүлүкэ дьонугар-сэргэтигэр чахчы туһалаах сокуоннар ылылларын ситиһиэҕэ. Билигин уларыйыы-тэлэрийии кэмэ, онон кини кэм ирдэбилин киһитэ диэн ааҕабын. Атын дьокутааттар эмиэ итинник саныыллара буолуо диэн эрэнэбин”, – диэн Михаил Дмитриевич санаатын үллэһиннэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















