Быыстапка сүрэхтэннэ
Пленарнай мунньах иккис чааһа саҕаланыан иннинэ Ил Түмэҥҥэ коллекционер Станислав Луковцев «Арассыыйа гражданскай авиацията. Сылтан сыл. 1923-2023» быыстапката арылынна. Экспозиция салгын тырааныспарын төрүттэммитэ 100 сылыгар туһуланна.
– Станислав Луковцев быыстапката килбиэннээх устуоруйалаах Саха Сирин авиациятыгар ананар. Кини күөх халлааны уонна космоһы ыра оҥостубут көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ. Көрдөрүүгэ ууруллубут экспонаттарынан өрөспүүбүлүкэбит авиациятын сайдыыта ыралыччы көстөр, - диэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Александр Жирков бэлиэтээтэ.
Станислав Луковцев авиацияҕа уонна космоска сыһыаннаах араас значоктары, мааркалары, кэнбиэрдэри, мэтээллэри, аккырыыккалары хомуйарын 1978 сылтан саҕалаабыт. Билигин кини коллекцията 5000 значоктан, 1500 мааркаттан уонна аккырыыккаттан, 400 кинигэттэн уонна 200-тэн тахса халандаартан турар.
Кини салайыытынан үлэлиир «Умсулҕан» коллекционердар кулууптара араас таһымнаах быыстапкаларга кыттар. Тус бэйэтэ умсугутуулаах дьарыгын өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар 100-тэн тахса төгүл көрдөрбүт.
Буруйу оҥорооччулар, настаабынньыктар
«Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго уопсастыбаннай настаабынньыктар» сокуон барылын маҥнайгы ааҕыыга ылыннылар.
Быйылгы Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылыгар маҥнайгы пленарнай мунньахха маннык сокуон барыла көрүллүбүтэ ураты суолталаах.
Манна даҕатан эттэххэ, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, уопсастыбаннаһы утары дьайыы иһин Ис Дьыала уорганнарыгар 1029 сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо, 1439 төрөппүт (сокуонунан көрүллүбүт бэрэстэбиитэл) учуокка тураллар. Ааспыт сылга сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор 254 буруйу оҥоруулара, ону тэҥэ 88 ыар уонна онтон ордук ыар буруйу оҥоруулара бэлиэтэммит.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга уонна Нерюнгрига сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго уопсастыбаннай настаабынньыктары сыһыарар туһунан тустаах дьаһаллар тахсыбыттар. Итиннэ олоҕуран, киин куоракка ааспыт сыллаахха сокуоннай саастарын ситэ илик 56 оҕо уопсастыбаннай настаабынньыктарын кытары дьарыктаммыт. Ол түмүгэр, 23 оҕо учуоттан уһуллубута үтүө холобур. Оттон Нерюнгрига үбүлээһин суоҕуттан, үлэ барбакка турара хомолтолоох. Итинэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэбитигэр сокуонунан мэктиэлэммит настаабынньыктар институттара баар буолара табыгастаах, быйылгы дьылга ордук суолталаах диэн дьокутааттар бэлиэтээтилэр.
Арыгы атыыта эбии хааччахтаныа
Өрөспүүбүлүкэҕэ итирдэр утахтары бириэмэтинэн, усулуобуйатынан уонна миэстэтиттэн көрөн атыылааһыҥҥа эбии хааччахтары киллэриии туһунан сокуон барылын дьокутааттар биир санаанан ылыннылар.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтээх сокуон ирдэбилинэн, арыгы атыылыыр саала иэнэ улаатыа. Оччотугар, бастатан туран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ уонна онно сыста турар «албын кафелар» сабыллыахтара. Холобур, Дьокуускайга арыгы атыылыыр саала 75 кв.м. кыра буолуо суохтаах, оттон улуустарга - 50 кв.м.
Сокуон барылын маҥнайгы ааҕыыта былырыын сэтинньи 30 күнүгэр ылыныллыбыта. Онно иһитиннэриллибитинэн, киин куоракка 60 кэриҥэ итирдэр утаҕы кутан атыылааччылар уонна «албын кафелар» сабыллыахтарын сөп. Иккис ааҕыыга СӨ Урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтэ сөбүлэҥ түмүгү ылыммыт. Сокуон барылын өйүүргэ Дьокуускайдааҕы Губинскай уокурук олохтоохторо (уопсайа 1519 гражданин илии баттааһыннаах) докумуон оҥорон киллэрбиттэр.
Саха Сирин Экологияҕа кодекса бигэргэннэ
СӨ Бырабыыталыстыбатын көҕүлээһининэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа кодекса сокуонунан бигэргэннэ. Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайын уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев быһаарыытынан, сокуон барылыгар 38 көннөрүү уонна эбии киирбит. Хас биирдиитигэр парламент аппараата, СӨ Борокуратуурата, Юстиция министиэристибэтин управлениета, СӨ Бырабыыталыстыбата сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар. Сокуон барыла нууччалыы уонна сахалыы тылынан бэлэмнэммит. Онон дьокутааттар кодексы иккис уонна түмүктүүр ааҕыыга бигэргэттилэр.
Манна даҕатан эттэххэ, докумуон 17 түһүмэхтэн турар – сиргэ-уокка, тулалыыр эйгэни харыстыырга, эппиэтинэһи сүгэргэ, мөккүөрдэри быһаарарга, о.д.а. боппуруоһу хабар 104 ыстатыйалаах.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев СӨ Экологияҕа кодекса ылыллыбытынан, улахан үлэ түмүктэммитинэн эҕэрдэлээтэ:
– Эһиги билэргит курдук, төрүт сокуоҥҥа СӨ Экологияҕа доктринатын бигэргэтэр анал ыстатыйалаах. Бу ыстатыйа толору олоххо киирэригэр Экологияҕа кодексатын туһунан сокуон барыла бигэргэннэ. Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыллаах биир бастакы уурааҕын сыалын ситэригэр тирэх буолуо, өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун интэриэстэрин көмүскүөҕэ дии саныыбын. Барыгытын эҕэрдэлиибин!
Балыктааһын сурунаалын толорооччу элбиэ
СӨ «Балыктааһын, балык хаһаайыстыбата уонна уу биологическай ресурсаларын харыстааһын» сокуоҥҥа уларыйыылары норуот дьокутааттара иккис ааҕыыга көрдүлэр. Сокуон барыла былырыын бэс ыйын 28 күнүгэр ылыныллыбыт 229-ФЗ №-дээх федеральнай сокуоҥҥа уонна РФ сорох сокуон аахталарыгар сөп түбэһиннэрэр сыаллаах. Ол курдук, балыктааһын сурунаалын толорууга эбии нуормалар киириэхтэрэ. 2023 сыл кулун тутар 1 күнүттэн балыктааһын сурунаалын бырамыысыланнас уонна биэрэктэн балыктааччылар, чинчийэр уонна хонтуруоллуур, үөрэтэр, култуурунай-сырдатар, аква-култуураны үксэтэр сыаллаах толороллоро ирдэниэ. Көннөрүүлэргэ этиллэринэн, балыктааһын сурунаалын үгэһинэн хаһаайыстыбаларын тутар Хоту, Сибиир, Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттара балыктыыр учаастактарыгар уонна сынньалаҥҥа балыктааһыны тэрийээччилэр эмиэ толоруохтара. Иккис ааҕыыга дьокутаат Сахамин Афанасьевтан сэттэ көннөрүү киирдэ. Куоластааһын түмүгүнэн сокуон барыла иккис уонна түмүктүүр ааҕыыны ааста.
Кыыллары маркировкалааһын уонна учуоттааһын
Мунньахха «Бэтэринэриийэ туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан сокуон барылын көрдүлэр.
СӨ Бырабыыталыстыбата көҕүлээн киллэрбит докумуонугар олоҕуран, кыыллары маркировкалааһын уонна учуоттааһын диэн эбии өйдөбүллэр киирэллэр. Билигин дойдубут үрдүнэн үлэлиир РФ сокуоннарыгар олоҕуран, бэтэринээринэй сулууспа хонтуруоллуохтаах табаардарын сонордообот. Ол түмүгэр, кыыллар ыарыылара турбут сирин быһаарыыга ыарахаттар үөскүүллэр. Бу ыарыылар кутталы кыылга эрэ суоспаттар, дьоҥҥо эмиэ сыстыганаах буолуохтарын сөп. Өрө турар кэмигэр намыратарга, бопсорго уустуктары үөскэтэр. Маркировкаламмыт кыыллар дааннайдара бэтэринэриийэ биир кэлим федеральнай судаарыстыбаннай информационнай систиэмэтигэр киириэхтэрэ. Саҥа нуормалар көмөлөрүнэн, бэтэринээринэй сулууспа исписэлиистэрэ түргэнник эпизотическай балаһыанньа төрдүн булуохтара. Бу аска-үөлгэ куттал үөскээбитигэр, төрүт даҕаны суох оҥорорго туһаныллыа. Иккис ааҕыы кэмигэр үс пууннаах көннөрүү киирдэ. Куоластааһын түмүгүнэн сокуон бүтэһик ааҕыыга ылылынна.
«О недрах» сокуоҥҥа уларыйыылар киирдилэр
Сокуон барыла Сибиир уонна Уһук Илин федеральнай уокуруктарынан ааһар Байкало-Амурскай уонна Транссибирскай тимир суол магистралларын инфраструктуратын тутарга, тупсарарга, хапытаалынай өрөмүөнү ыытарга киирбит. Тимир суол ааһыахтаах сирдэринэн аукциона суох олохтоох суолталаах сирдэрин чинчийиэхтэрэ уонна тарҕаммыт туһалаах хостонор баайдар баалларын үөрэтиэхтэрэ.
Сири туһаныы бэрээдэгэ судургутуйуо. Итини тэҥэ, олохтоох тутар матырыйааллары туһаныахтара, маныаха усулуобуйа эмиэ судургутуйуо. Учаастактары лицензиялааһыҥҥа ирдэнэр аукцион суох буолара ситиһиллиэҕэ.
Санаттахха, сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан сокуон барылын маҥнайгы ааҕыыта былырыын сэтинньи 30 күнүгэр ыытыллыбыт 41-с пленарнай мунньахха көрүллүбүтэ. Иккис ааҕыыга барыта 18 көннөрүү киирдэ. Сокуон ылылынна.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0