Инники күөҥҥэ 3 306 туонна үүтү тутан астаабыт Сунтаар улууһа сылдьар. Атын улуустар да көрдөрүүлэрэ куһаҕана суох. Ол курдук : Хаҥалас – 2 223 т., Мэҥэ Хаҥалас – 2 198 т., Таатта – 2 154 т., Бүлүү – 2 093 т., Чурапчы – 1 706 т., Ньурба – 1067 т., Нам – 1 116 т. үүтү соҕотуопкалаатылар.
– Быйыл үүт соҕотуопкатыгар 3 млрд 100 мөл. солк. субвенция көрүллүбүтүттэн улуустарга 2 млрд 679 мөл. солк., эбэтэр 86 %-а ыытыллан турар. Айсен Николаев сорудаҕынан, өрөспүүбүлүкэ бүдьүөтүттэн кэтэх ыаллартан үүтү тутарга 58 мөл. солк. тыырылынна. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу субсидияны ылыыга куонкурус биллэрэн, от ыйын 29 күнүгэр диэри докумуоннары тута олоробут. Субсидия соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр кэтэх ыаллартан үүтү туппут ороскуоттарын сорох чааһын толуйарга көрүллэр, – диэтэ миниистири бастакы солбуйааччы Петр Попов.
Биллэрин курдук, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар уонна бэйэ дьарыктаах буолуутунан регистрацияламмыт элбэх ынахтаах кэтэх ыаллар үүтү киилэтин 60 солк. (50 солк. – субсидия, 10 солк. – соҕотуопсук атыылаһар сыаната) туттараллар, оттон сорохтор «төбө харчытын» (35 тыһ. солк.) ылбыттарын таһынан, үүттэрин 20 солк. (10 солк. -- субсидия, 10 солк — соҕотуопсук атыылаһар сыаната) туттараллар. Мантан үрдүк сыанаҕа тутар кэпэрэтииптэр эмиэ бааллар, холобур Намнааҕы «Эрэл» ТХПК былырыын кэтэхтэр үүттэрин 15 солк. туппута, быйыл 20 солк. тутар, онон дуогабардаах ыаллар «төбө харчытын» ылан баран, үүттэрин 30 солк. (10 солк. – субсидия, 20 солк — соҕотуопсук биэрэр харчыта) туттара олороллор.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0