Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Аҕыйах хонуктааҕыта Аллараа Халыма Черскэйин олохтооҕо бассаабынан хаартыска ыытта. Аллараа өттүгэр “биһиэхэ, Черскэйгэ, сыана маннык” диэн суруйбут.

Аҕыйах хонуктааҕыта Аллараа Халыма Черскэйин олохтооҕо бассаабынан хаартыска ыытта. Аллараа өттүгэр “биһиэхэ, Черскэйгэ, сыана маннык” диэн суруйбут.

Хаартысканы көрөн соһуйдум. Оҕурсуу – 740, дьаабылыка – 690, мандарин – 806 солкуобай. Маҕаһыын долбууругар кэчигирээн тураллар. Дьиҥэ баара, хотуттан төрүттээх, итинник сыананы көрө үөрэммит киһи буоларым быһыытынан соччо-бачча соһуйуо-өмүрүө суохпун сөп этэ да...

Ас_Диана_1.jpg

“Сыана сыл аайы үрдүүр” диэххит. Оннук. Ол эрээри быйыл, дойдуга балаһыанньа тыҥаан, биллибэтинэн-көстүбэтинэн сыана ордук күүскэ өрө биэрдэ. Холобурга чугастыы Дьокуускай куораты ылан көрүөх. Былырыын баччаларга олохтоох ас-үөл сыанатын суруйбутум. Онно “үлэбиттэн баран иһэн, орох тэппиччэ, дьиэм аттынааҕы маҕаһыыҥҥа киирэн күннээҕини атыылаһан ааһабын. “Күнчээн” бэлимиэни 180 солк ыларым. Бэйэ оҥоһуута. Сыл аҥаара буолан баран “Глухой переулокка” баар дьоҕус маҕаһыыҥҥа бэлимиэммит  220 солк. буола охсубут” диэн суруйан турабын. Ити билимиэн билигин 290 солкуобайтан итэҕэскэ атыыламмат. Ол аата сыл иһигэр сыалай мөһөөгүнэн үрдээбит. Кэлэр сайын эмиэ мөһөөгүнэн үрдүө диэн сэрэйэбит. Оччого 400 г. ыйааһыннаах (киилэ аҥаара да буолбатах) билимиэни 400 солк. атыылаһар балаһыанньалаах буолан тахсабыт.

Сыана үрдээтэҕинэ, хоту улуустарга ол улаханнык охсор. Орто Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Абый, Анаабыр олохтоохторун кытта кэпсэтэн ас-үөл, бородуукта сыанатын ыйыталастым. Сыананы табалыыссанан көрдөрүүм. Тэҥнээн көрөргө диэн, Дьокуускай сыанатын эмиэ киллэрдим.

Бу – орто сыана. Уоптабай маҕаһыыҥҥа мантан арыый чэпчэки, оттон чааһынайдарга ыарахан буолуон эмиэ сөп.

Бүтэһик икки сылга сыана хоту улуустарга төһө үрдээтэ? Киһи үөрэрэ суох: баһаамнык үрдээбит. Бурдук, саахар, курупа курдук сүрүн бородуукталар сыаналарын баар балаһыанньаҕа киирэн син өйдүөххэ сөп эбит буоллаҕына, оҕуруот аһа, фрукта сыаната чөл өйүнэн олорор киһиэхэ хайдах да батан киирбэт. Дьокуускайга 220 солк. атыыланар дьаабылыка 1,5-2 чаас көтөн тиийэригэр сыаната 500 солк. буола охсор. Хортуоппуй Дьокуускайга 80 солк., оттон хоту – 300-350 солк. Луук сыаната сөхтөрдө. Дьокуускайга киилэтин 95-100 солк. атыылаһан хардарҕаччы сиэхпитин сөп буоллаҕына, Абыйга, Орто Халымаҕа – 350-360 солк. Оҕо сылдьан өйдүүбүн ээ, аска үксүн хатарыллыбыт луугу кутааччыбыт. Сибиэһэй луук баар да буоллаҕына, салаакка эҥин кырбаныллааччы. Сымыыт суоркуойдуур сарсыарда “дьоро күҥҥэ” тэҥнээҕэ. Тоҕо диэ? Оннук кэмчитин уонна сыаналааҕын иһин.

Ас_Диана_таблица.jpg

Хонтуруоллууллар дуо?

Дьиҥэ, СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт ас-таҥас, табаар, өҥө сыанатын хонтуруолга ылыахтаах.

Ыйыталаһан билбитим, хотугу улуустарга атыыланар сүрүн эрэ бородуукталар: саахар, бурдук, ириис, чэй уо.д.а. – сыаналарын хонтуруоллуур кыахтаах эбит. Ону даҕаны, эргиэн “надбавкатын” эрэ. Төһө “надбавка” эбиллэрин улуус дьаһалтата бигэргэтэр эбит. Атыыһыттар ол бигэргэтиллибит эрэ суумманы эбэр бырааптаахтар. Эппитим курдук, сүрүн бородуукталарга эрэ.

Онтон балартан ураты ас, бородуукта сыанатыгар орооһор да, сыана бысыһар да бырааптара суох. Ол иһин фрукта, оҕуруот аһын сыаната үллэ-балла үрдээн тиийэр эбит диэн сэрэйиэххэ сөп. Онон, социальнай суолталаах бородуукталарга киирбэт ас, бородуукта сыанатыгар улахан хонтуруол суох эбит диэн өйдөөтүм.

Ас_Диана_3.jpg

Салалта туох көрүүлээҕий?

Саха сирин салалтата 2023 сылтан арктическай улуустарга бородууктаны барытын муора суолунан таһар былааннааҕын туһунан саас Арктика сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Владимир Черноградскай этэн турар.

Дойдуга сыана үрдээн от ыйыттан “Якутоптторг” хампаанньа бэйэтин бас билэр флотунан Краснодарскай кыраайтан арктическай улуустарга хотугу муора суолунан бородууктаны таһан саҕалаата. Черноградскай этэринэн, былырыыҥҥыттан бу кыһалҕаҕа саҥа көрүүлээх ылсыбыттар. Сүрүн сыаллара – хоту сыана салгыы үрдээбэтин хааччыйыы. Ол туһугар табаары таһыы логистикатын, харайыытын уларытар, атыы-эргиэн, логистика кииннэрин ситимин тэрийэр наадатын туһунан быһаардылар.

Ас_Диана_4.jpg

Өрөспүүбүлүкэ арктическай оройуоннарыгар атыы-эргиэн, логистика кииннэрин оҥоруу бырайыага федеральнай бырагыраамаҕа киирбит. 1 млрд. солкуобай үп көрүллүөхтээх диэн иһитиннэрэллэр. 2024 сылга диэри 13 арктическай улууска ыскалааттаах, оҕуруот аһын харайар сирдээх атыы-эргиэн, логистика кииннэрин салалта туттарар былааннаах. “Оччоҕо хоту улуустар сөбүгэр сыанаҕа сылы эргиччи бородууктанан хааччыллыахтара” диэн миниистир этэр. Үлэ тохтоон хаалбатыгар баҕарабыт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением