Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Сэбиэскэй кэмҥэ саха иһитэ киэргэл курдук көрдөрүнньүккэ эрэ туттуллар буоллаҕына, билигин сахалыы истииллээх, дьэрэкээн көстүүлээх, тупсаҕай быһыылаах араас сервизтэринэн остуолбутун толору тардан, дьону күндүлүөхпүтүн сөп. Маныаха төрүт иһиппитин-хомуоспутун аныгы ньыманан чочуйан оҥорон, киэҥ эйгэҕэ бастакынан тарҕаппыт тэрилтэнэн «Чороон XXI үйэ» буолар.

Сэбиэскэй кэмҥэ саха иһитэ киэргэл курдук көрдөрүнньүккэ эрэ туттуллар буоллаҕына, билигин сахалыы истииллээх, дьэрэкээн көстүүлээх, тупсаҕай быһыылаах араас сервизтэринэн остуолбутун толору тардан, дьону күндүлүөхпүтүн сөп. Маныаха төрүт иһиппитин-хомуоспутун аныгы ньыманан чочуйан оҥорон, киэҥ эйгэҕэ бастакынан тарҕаппыт тэрилтэнэн «Чороон XXI үйэ» буолар.

«Ас», «астааһын», «аһааһын» – норуот култууратын ураты көстүүтэ. Ханнык баҕарар ас сыралаах үлэттэн кэлэрин, сүрэх-быар сылааһынан, таптал иэйиитинэн бэлэмнэммит ас ураты амтаннааҕын, эйэлээх, үтүө эйгэлээх төгүрүмтэҕэ аһыыр ордук иҥэмтиэлээҕин туһунан хас биирдиибитигэр өйдөбүл баар. Ол билиибитин-көрүүбүтүн, тутуһар муудараспытын бэйэбит да билбэппитинэн, күннээҕи туттар айылгыбытынан, ыччаттарга тиэрдэн истэхпит.

Саха дьонугар бэйэбит норуоппут үгэһинэн ойуулаах-мандардаах, уус-уран бэлиэлээх-туһахтаах иһиккэ чугас дьоммутун күндүлүүр ураты суолталааҕын, биллибэтинэн эниэргийэ биэрэр уонна дьолу түстүүр аналлааҕын туһунан «Чороон XXI үйэ» хампаанньа төрүттэччитэ уонна салайааччыта Софья Попова сэһэргиир.

cover_241261960_1625387984321554_5415761813551199082_n.jpg

Кини бастыҥ иһиккэ аһыыр, сандалыны маанытык симиир туһунан ураты көрүүлэрдээх. Бастатан туран, сырдык-ыраас, баай-талым олоххо талаһыы бэлиэтэ эбит. Чуолаан оҕолору иитэргэ-такайарга, сайдыы суолугар туһаайарга. Иккиһинэн, бэйэҕэ уонна олоххо сыһыаммыт, култуурабыт уонна духуобунай таһыммыт көстүүтэ.  

– Софья Трофимовна, олохпут тулааһына буолбут саха мандар иһитин туһунан кэпсэтиибитин саҕалыахха.

 Тэрилтэбитин XXI үйэ саҕаланаатын кытта, 2001 сыллаахха олохтообут буоламмыт, ааппыт да этэринии, саха иһитин хас биирдии саха ыалыгар төнүннэрэр, саҥа суоллары уонна сонун ньымалары тобулар соруктаммыта. Чорооннору-кытыйалары, ойууну-мандары, ас-үөл култууратын туһунан элбэх матырыйаалы хасыһан, сыымайдаан, чинчийэ сатаатыбыт. Ол үлэбитин түмэн, 2014 с. «Чороон: история и современность» диэн кинигэни таһааран турабыт. Тоҕо диэтэххэ, ити барыта норуоппут култуурата. Оттон култуура, төрүт үгэс уонна дьарык норуот итэҕэлин, философиятын кытта быһаччы ситимнээх.

2.6-2.jpg

Туой иһит (күөс) сахаҕа былыр-былыргыттан баар. Учуонайдар эмтэркэйдэри булан, ырытан тураллар. Мас да, туос да иһит эмиэ ол курдук. Кини тас көстүүтэ (үрдүгэ-намыһаҕа, кэтитэ-суона), матырыйаала (састааба, суорта, хатарыыта, ис хоһооно), ойуута-бичигэ  барыта каноннардаах. Ити өйдөбүллэр хайаан да тутуһуллуохтаахтар уонна кэһиллиэ суохтаахтар. Оччоҕо эрэ кистэлэҥ күүһэ дьайар.

Билигин фарфор дэнэр матырыйаалбыт састаабыгар туой (каолин) эмиэ баар Тас өттө «глазурь» диэн булкааһыгынан бүрүллэр, оччоҕо биир кэлим кылааккай үрүҥ көстүүлэнэр уонна ууну тэйитэр кыахтанар. Быһатын эттэххэ, фарфор доруобуйаҕа буортута суох булан, иһит-хомус оҥоһуутугар хамаҕатык туттуллар.

Норуот бүттүүнүн дьылҕатыгар суолталаах буолбут дьарыккар айан судургу буолбатаҕын сэрэйэбин...

– Ааспыты арыйан, олоҕум сэһэнин сэгэтэн көрдөххө, кырдьык, биир түгэнинэн барыта ситиһиллибэтэҕэ. Санааттан санааны сыымайдаан, араас харгыстары туораан, айымньылаахтык айан-тутан баран, билигин бу олорон, олох бигэтик этиэхпин сөп: «Чороон XXI үйэ» – мээнэ тэрилтэ буолбатах. Этиттэриинэн кэлбитэ. Ол туһунан документальнай киинэ бэлэмниибит. Аҕыйах кэминэн дьоммутугар-сэргэбитигэр билиһиннэриэхпит. Онно да эппитим: “Туойу кытта алтыһыым олох оҕо эрдэхпиттэн саҕаламмыта”, -- диэн.

2.1-3ж.jpg

Дойдубар, Амма Бөтүҥүгэр, оҕуруот буоругар 4,5 саастаахпар батыллыбыппын наһаа өйдөөн хаалбыппын. Онуоха быыкаа киһи саппыкыбын хаалларан, судургутук босхоломмокко, буһан-хатан тиргиллэн, сор-муҥ бөҕөнү да көрдөрбүн, ньоҕойдоһон туран, атаҕым таҥаһын кытта бэйэбин бадараантан ороон турабын. Дьэ, бу түгэҥҥэ, «баардаахтар» этэллэринэн, миэхэ үөһэттэн күн сырдыгынан түһээн түһэрбиттэр, үлэһит буолар тыынын иҥэрбиттэр. Ол эрэ буолбатах, кэлин ырытан көрдөххө, араас түгэннэри утары анньан, бэлэмнээн, ситэрэн-хоторон испиттэр эбит. Ону 2008 с. Тибеккэ сырыттахпына, бэйэм туспунан кэпсээн: «Оннук этэ дуо?» – диэн ыйытыы биэрэн соһуппуттара.

Иккис түгэн. Үлэлиир сирбитин ыраастыы диэн, Майаттан «баардаахтар» кэлэ сылдьыбыттара. Дьонум 1,5 чааһы быһа кэриимнээн баран, хоспор киирэн: «Бырастыы гын, биһиги сыыһа кэлбит эбиппит. Эһиги оһуорунан оһоруна олор дьон эбиккит», – диэтилэр. Оччолорго наһаа соһуйбутум. «Хайдах оннугуй?» – диэн чопчуласпыппар, кинилэр: «Оһуору сөпкө туһанаҥҥыт, дьиэҕит иһэ ып-ыраас, сып-сырдык. Киһи эһигиттэн барыан баҕарбат. Оннук үчүгэй аураны үөскэппиккит. Дьиэҕит-уоккут харысхаллаах», – диэн өссө дириҥ толкуйга киллэрбиттэрэ.

2.2-3ж.jpg

– Ол аата бэйэҕинэн итэҕэйдэҕиҥ – оҥорор иһиттэриҥ дириҥ суолталаахтарын, арчылыыр, үтүөнү үксэтэр эйгэлээхтэрин. Дьэ, салгыы улаатыыҥ, уһуйуллууҥ тоҕойдоругар тохтоотоххо...

– Оҕо эрдэхпиттэн оту-маһы өйдөөн көрөр, дьиэ иһин-таһын тупсарар, иистэнэр-мандардыыр этим. Кэрэ эйгэтигэр оннук күүскэ талаһарым, айар-тутар кутум уһуктан, тэһитэ кэйиэлиир буолара. Алаастары кэрийэн, өтөхтөргө быраҕыллыбыт чугуун, мас, туос иһиттэри хомуйарым. Кумааҕынан аалан сууйан баран, оһуор түһэрэрим. Дьонум ону, тоҕо эрэ, бопсубат этилэр. Оһохпун, муостабын барытын трафаретынан ойуулуурум. Аймахпыт Ырыа Ылдьаа, ийэбит көрдөһүүтүнэн, олорор дьиэбит бары түннүктэригэр аллараа өттүгэр чороонноох, кытыйалаах наличник оҥорбута. Уонна миэхэ бэлэхтиир курдук: «Чэ, һыллыай, аны мантыккын уруһуйдаа», – диэбитэ. Ону олус тупсаҕай, сиэдэрэй гына кырааскалааммын, оҕонньортон хайҕаммытым. Уопсайынан, кырабыттан үлэттэн туора турбат, соруйдулар да, тута толорон иһэрим. Биирдэ биригээдэҕэ, эдэр исписэлиистэр диэн, оттото ыыппыттарыгар, дьээбэҕэ чуучула оҥорон көрдүм: куһу сүлэн, онно туустаах оту толору хаалаан (истиҥник мичилийэн күлэр)... 

20211115_161411.jpg

– Саха иһитин фарфорга дьүһүйэр идиэйэни биисинэскэ кубулутуу туһунан кэпсэтиэх.

– Бэйэм идэбинэн буҕаалтырбын. Онон биисинэс эйгэтигэр ордук сүүйүүлээх буолан тахсыбытым. 1993 с. куоракка көһөн киирбиппит. Бастаан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тас экэнэмиичэскэй сыһыаннаһыыларга киинигэр, салгыы «Агроинформ» типографиятыгар үлэлээбитим.Бу кэмҥэ үлэбит компьютер бырагырааматыгар көспүтэ. Сонун ньымалары баһылаан, аҥаар кырыытыттан үөрэнэн испитим. Утаппыттыы. Күн бүгүнүгэр диэри саҥаны баһылыырбын, билэрбин-көрөрбүн туохтааҕар да ордоробун. Билигин да сайда, сонурҕуу, кэрэхсии сылдьабын. Үлэбэр, төһө да чааһынай буоллар, күн аайы үөрүүнэн уонна сүүрүүнэн кэлэбин.

2.1-4ж.jpg

Бастаан үлэлээн саҕалыырбар кыра оҥоһуктары, биирдиилээн чорооннору Владивосток Артем куоратын Богданович собуотугар баар сыахтарга куттара сылдьыбытым да, хаачыстыбата мөлтөһүөр этэ. Онтон сыал-сорук туруорунан, 2004 с. Кытайга тахсыбытым. 2007 сылга диэри, үс сыл устата, Кытай араас түмэллэрин, храмнарын кэрийэн тахсыбытым. Чопчу көрдүүрүм суох эрээри, «кэрэ», «устуоруйа» «ускуустуба» өйдөбүллэринэн сиэттэрэн. Итиэннэ туох дойдуга кэлбиппин билсээри. Билигин сыаналаатахпына, Кытай норуота уопсай тыына миигин ылынарыгар, ыкса алтыһарбар көҥүл ыла сатаабыт эбиппин.

лг_n.jpg

Бу түгэнтэн биир кэрчиккэ болҕойуум. «Фарфор дойдутунан» аатырар Цзиндэчжэнь диэн куорат былыргы мусуойугар экспонаттар бааллара. Кып-кыра фиаланы сэҥээрэн көрдүм. Түҥ былыргы иһит эбит этэ. Наһаа намчы уонна сырдык от күөхтүҥү өҥнөөх. Чаас аҥаара одуулаан турдум ээ. Онтон уотунан охсубут курдук, тарбаҕым имигэр туох эрэ таһыгыраата. Соһуйдум, долгуйдум! “Миигин биллилэр” диэн толкуй кылам гынан ааста. Ол аата кытайдарым көҥүл биэрбиттэр эбит – дьарыктан диэн. Ол кэмтэн ыла ыырбыт кэҥээн, үлэбит далааһыннанан барбыта. Онон “куттаах” биисинэс диэн өйдөбүлгэ кэллим.

– Софья Трофимовна, айымньылаах үлэҕин дьон Интэриниэттэн, кинигэҕиттэн да булан билсиэхтэрин сөп. Маҕыһыыннаргытыгар сылдьан, атыылаһар эмиэ кыахтаахтар. Онон түмүккэ саҥа толкуйдары, бырайыактары ааҕааччыларга билиһиннэриэххэ эрэ.

– Билигин дьиэ хаһаайкатын маанылыыр, кини дьиэ кэргэнигэр ураты эйгэни олохтууругар анаан араас нобуордары, кыра, улахан иһиттэр эгэлгэлэрин таһаарабыт. Уопсайынан, бүлүүдэ, ас арааһа бэйэтигэр сөп түбэһэр иһиттээх буолуохтаах. Ону тэҥэ оһуора-мандара, ойуута-дьарҕаата эмиэ уратылаах, тус-туһунан суолталаах. Аны туран, кэлиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон ыйытар-сураһар буолбута: «Иһит уонна ас култууралара диэн баар. Эн манан дьарыктанар эрээригин, тоҕо бэйэҥ сахалыы сиэринэн дьону көрсөр, маанылыыр сүүрээннэри киллэрбэккиний?» – диэн.

2.2-2.jpg

Хата, бу пандемия кэмигэр бириэмэ көстөн, сахалыы балаҕан тутуннум. Онон, дьэ, сыыйа дьону мунньуохпут. Бу иннигэр маастар-кылаастары ыытыы хайысхатын күүскэ туппуппут. Дьон олус сэргиир, кыралыын-улаханныын кэлэн, иһиккэ ойуу түһэрэн, ааттаах-суоллаах маастардарга үөрэнэн, остуолу тардарга холонон көрөн, иһит-хомуос суолтатын, арааһын туһунан кэпсээммитин истэн дуоһуйара. Аны билигин балаҕаннанан, оннук маастар-кылаастар кэннилэриттэн сынньанар сир бэлэм буолла.

2.7-3.JPG

Ыччакка, эдэр ыалларга, ону тэҥэ Саха сиригэр кэлбит ыалдьыттарга «сахалар маннык үчүгэй тутуулаахтар этэ» диэн билиһинннэрэр, истиҥ өйдөбүлү хаалларар кыахтанныбыт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (1)

This comment was minimized by the moderator on the site

👍🏻👍🏻👍🏻 Бэт да бэт

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением