Ити ыйытыыларга хоруйу Ил Дархан Айсен Николаев биэрэр:
--Маннык биир улахан хампаанньаны тэрийэр хаһан баҕарар сэрэхтээх. Бастакынан, итинник бөдөҥсүтүү өрөспүүбүлүкэбит иһинэн көтөр аччыгый авиахампаанньаларга содуллаах буолуон сөп. Биһиэхэ уматык да сыаната, ыарахан, аэропортар ылар төлөбүрдэрэ да үрдүк, түһэр-көтөр балаһалар да эргэлэр, айаннааччыбыт да аҕыйах, о.д.а. Ити төрүөттэри барытын учуоттуох тустаахтар. Ол иһин бу тэриллэр авиаальянска федеральнай үптэн субсидия көрүллэрэ тоҕоостоох. Ол үп аҥардас сырыыны хааччыйыыга эрэ туһуламмакка, Арассыыйа сөмөлүөттэрин оҥорон таһаарарга уонна атыылаһарга эмиэ тыырыллыахтаах. “Ил-14” курдук көтөр ааллар кэллэхтэринэ, Черскэйгэ диэри холкутук тохтообокко эрэ тиийэр буолаҕын.
Өскөтүн Уһук Илиннээҕи биир сомоҕо авиаальянс тэриллэр түгэнигэр, биһиги “Полярные авиалинии”, “Якутия” хампаанньаларбыт бу альянс иһинэн үлэлииллэрин туруорсабыт. Тоҕо диэтэххэ, кыһыҥҥы тымныы халлаанынан хоту көтөр манан дьыала буолбатах. Итинник тыйыс усулуобуйаҕа улахан уопуттаах эрэ хампаанньалар үлэлии үөрүйэхтэр. Бу биир сомоҕо альянсы тэрийэр боппуруоһу быһаарарга бириэмэ биэрбиттэрэ үчүгэй, ыксаабакка туох үчүгэйин-куһаҕанын, сөбүн-сыыһатын сыныйан ырытан баран, дьэ, биирдэ быһаарыныы ылыныахпыт. Маныаха Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Игорь Левитиҥҥэ сурук суруйдубут. Онно көрдөстүбүт, бастакынан, хотугу сир аэропортара хампаанньалартан хомуйар төлөбүрдэрин (сборы) соторго (нууллуурга). Иккиһинэн, Арассыыйаҕа оҥоһуллар сөмөлүөттэри субсидиялыырга. Үсүһүнэн, Уһук Илин бары кыра аэропортарыгар уматыкка биир тэҥ сыананы быһарга. Төрдүһүнэн, федеральнай үптэн субсидия көрөн, арктическай оройуоннарга билиэт сыанатын икки төгүл чэпчэтэргэ. Дьэ, ол буолуо этэ, табыгастаах авиацияны сайыннарыыга сүҥкэн көмө.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0