Барыта 1340 гектар иэннээх сир умайар. Ааспыт сууккаҕа Нам уонна Уус Алдан улуустарыгар ойуур уотун умуруордулар. Баһаары умуруорууга 672 киһи, 56 тиэхиньикэ үлэлиир. ЫБМ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Муома улууһун киинэ Хонуу ыксатыгар турбут ойуур баһаарын умуруорар инниттэн бөртөлүөтүнэн 754 туонна ууну бырахпыттар. Билигин да онно уоту умуруорууга күүстээх үлэ ыытыллар. СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ кураан сайын сатыылаабытынан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уоту туһаныыга сэрэхтээх буолалларыгар иһитиннэрэр уонна ойуур баһаара турбутун көрбүт дьон 8-4112-44-74-76 эбэтэр 8-800-100-94-00 диэн нүөмэрдэргэ эрийэн этэргитин сүбэлииллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0