Саҥа мэхэньииһим олоххо киллэриллэрэ ыйтан эрэ ордук кэм хаалла эрээри, өйөбүл харыыта суох чуолкайдык оҥоһулларыгар туох да харгыс суох дииргэ өссө эрдэ. “Төгүрүк остуолу” иилээн-саҕалаан ыыппыт Ил Түмэн дьокутаата, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ, “Ил Түмэн” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Мария Христофорова бу сырыыга кэпсэтии сүнньүн муниципальнай тэриллиилэр салалталара – улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара, улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэллэрэ, дьокутааттара боломуочуйаны үлэлэтэргэ төһө бэлэмнээх олороллорун билэргэ туһаайда.
Билиҥҥитэ биир олоҕурбут, орто сүнньүн булбут санаа суох диэн аһаҕастык этиэххэ сөп. Ол гынан баран, алтыһар өрүттэр син бааллар. Бары кэриэтэ үөһэттэн өйөбүл оҥоһулларын биһирииллэрин (ама, халлаантан харчы кэлэн түһэрин ким сириэй?) этэллэр. Сокуон барылыгар саамай сытыы, олохтоох быһаарыыны эрэйэр боппуруос -- “сүөһү иитэр кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал 2,5 гектар сирдээх буолуохтаах” диэн ирдэбил. Биирдиилээн дьон өйөбүл бастакы сылыгар бу ирдэбили туруорумуохха диэтилэр. Үгүстэр маны сокуонтан ылан кэбиһэргэ эттилэр.
Дьиҥэр, сир боппуруоһа сопхуостары эһиэхтэн отучча сылы быһа дьаалатынан устан кэллэ. Сорох сүөһүтүн эһэн баран, улуус киинигэр эбэтэр куоракка олохсуйбута ырааппыт эрээри, сирин тутан сытар, онтун түүлээн, күһүн аайы идэһэлэнэр. Оттон сүөһүлээх гынан баран, сирэ суохтар бааллар. Итиэннэ үгүстэр ирдэбили таһынан ходуһа сирдээхтэр. Саха сирин усулуобуйатыгар 2,5 гектар сиртэн төһөҥөй оту ылан, хас сүөһүнү дьыл туоратыаххыный? Онон, сокуон бу балаһыанньата хотонтон ыраах, хонтуораҕа олорооччулар толкуйдарынан суруллубута илэ.
Иккиһинэн, ынаҕын төбөтүгэр 35 тыһ. солкуобайы ылбыт (үөһэ ыйыллыбыт балаһыанньаҕа кэтэх сүөһүлээх ыал 10-тан эрэ тахса бырыһыана хапсар) ыал арыы сыаҕар айгыстан тиийэн, 10 солкуобайга туттарыа дуо? Киһи айаҕар ас киирдэҕинэ иҥсэтэ өссө көбөрө биллэр. Эрдэ 45-тии, 50-нуу солкуобайы ыла сылдьыбыт Уйбаан, Өлөөнө үөрэ-көтө туттараллара саарбах. Маныаха кэтэх ыалтан үүттэрин үрдэтэн тутарга хас да этии киирдэ. Сороҕо оруннаах. Сиидэлээн, ситэрэн, Ил Түмэн иккис ааҕыытыгар киллэриллэрэ сөптөөх. Мария Николаевна эппитин курдук, кэпсэтии манан муҥурданан хаалбат. Аныгы интэриниэт үйэтигэр санааны этинии салҕанан барар.
Бэҕэһээ буолбут мунньах толору версията (видео).
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0