Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Бу күннэргэ Жатайдааҕы уу аалларын өрөмүөннүүр саҥа сыах аһылынна.  Мантан ыла аныгы технологиялары туһанан, өрөмүөн үгүс үлэтин көмпүүтэр толорор буолла.

Бу күннэргэ Жатайдааҕы уу аалларын өрөмүөннүүр саҥа сыах аһылынна.  Мантан ыла аныгы технологиялары туһанан, өрөмүөн үгүс үлэтин көмпүүтэр толорор буолла.

Уопсайа 1300 кв.м. иэннээх эбийиэк Ленскэйдээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын күүстэринэн уонна үбүнэн-харчытынан тутулунна. Бу маннык хабааннаах улахан сыах Саха Сиригэр тутулла илик. Өссө биир саҥа сүүрээнинэн уу аалларын өрөмүөннүүргэ анаан саҥа ньыманы туһаныахтара.  Мантан салгыы төһө да тоһуттар тымныылар түстүннэр, өрөмүөн үлэтэ тохтообот. Сүрүн сорук - аныгыскы навигацияҕа флоту бэлэмнээһини ситиһии. 

Хас сылын ахсын хас биирдии суудуна күүстээх өрөмүөнү эрэйэр. Саха Сиригэр уу ааллара эргэрбиттэрэ ыраатта, ол эрэн үчүгэй көрүү-истии, өрөмүөн ыытылларын күүһүнэн күн-бүгүнүгэр диэри харгыһа суох үлэлииллэр. Билиҥҥи туругунан уу аалларын өрөмүөнүүр эрэ кыахтаахтар. Онтон сотору кэминэн Жатайдааҕы уу аалларын оҥорон таһаарар собуот үлэҕэ киирдэҕинэ саҥа сайдыы суола аһыллыа.

Хаартыска СИА.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением