Олоҥхону үгэс быһыытынан толорууну олохсутар, сайыннарар, тарҕатар, тыыннаах эйгэтин кэҥэтэр сыаллаах сыл аайы өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллар ураты ис хоһоонноох, улахан суолталаах «Уруйдан, улуу олоҥхобут» бэстибээл быйыл 16 c төгүлүн буолан ааста. Ол эрээри хааччахтааһын балаһыанньата бүрүүкээн, куйаар ситиминэн ыытылынна.
Барытын тэҥҥэ тутан сыаналаатыбыт
Айылҕаттан айдарыылаах, үс дойдуну ситимниир илбистээх тыллаах, кылыһахтаах тойуктаах, ураты эйгэлээх толорооччуларбыт бу түгэни эрдэттэн ыйыталаһан, суолта биэрэн бэлэмнэммиттэр. Видеоҕа устан ыыппыттар, ону дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ сыаналаатылар: Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреаттара В.В.Илларионов, А.Е. Захарова, Е.Н.Протодьяконова, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Н.С. Толбонова, СӨ Норуоттарын фольклорун уонна муусукатын мусуойун научнай үлэһитэ В.В.Обоюкова. Бэстибээл уопуттаах сүрүн тэрийээччитэ, биир саамай тирэх буолар киһибит — СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Борис Николаевич Михайлов. Кини бириис булуутугар кытта көмөтө улахан.
Кыттааччылар олоҥхо этэр тэтимин тутуһан, толоруллар үгэһин илэ-чахчы көрдөрөн, ырыатын-тойугун кыайа хото-тутан, дьон болҕомтотун тардыахтаахтар. Тылы чуолкайдык саҥаралларын, туойарга тоҕоостоох түгэнигэр доллоһутан, эҥсэн, куолаһы оонньотоллорун ирдиибит. Кэлиҥҥи кэмҥэ түөлбэлэрин олоҥхотун талан толороллоро хайҕаллаах.
Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылары икки бөлөххө арааран сыаналаата: 35-тэн 66-гар диэри уонна 66-тан үөһэ саастаахтарга. Барыта 26 киһи кытынна. Кыттааччы талан ылбыт репертуарыттан саҕалаан, олоҥхону толорууга үгэс буолбут ньыманы тутуһуутун, толорор тиэкиһин төһө билэрин, ис хоһоонун хайдах арыйарын, истээччи болҕомтотун төһө тардарын, этэр тэтимин, ырыатын-тойугун, тута хоһуйар дьоҕурун — барытын тэҥҥэ тутан сыаналаатыбыт. Маны таһынан толорооччу, олоҥхолуур үгэс сайдан барара наадатын өйдөөн, нэһилиэгин оскуолатыгар, уһуйааныгар маастар-кылаас биэрэрэ, оҕолору олоҕурбут ньыманан олоҥхолуурга уһуйуута, олоҥхо тэрээһиннэригэр төһө кыттара эмиэ учуоттанна. Быйылгы бэстибээл кыттыылаахтара бары даҕаны удьуор талааннаах, олорор түөлбэлэригэр олоҥхо эйгэтин үөскэтиигэ боччумнаах кылааты киллэрсэ сылдьар дьон буолаллар.
Биһирэммиттэри билсиэҕиҥ
Гран-при хаһаайынынан Чурапчы Мырылатыттан Анатолий Христофоров буолла. Кини кыра сааһыттан удьуор олоҥхоһуттары батыһа сылдьан истибит. Билигин сэттис сылын олоҥхону толоруунан утумнаахтык дьарыктанар. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» бэһис ырыатын урукку үгэһинэн, кэпсээнин кудулуччу чуолкайдык саҥаран, айымньы уобарастарын ырыаларын-тойуктарын дьон болҕомтотун тардар гына толорон, үрдүк сыанабылы ылла.
35-66 саастаахтарга I таһымнаах лауреат — Людмила Цой (Таатта). Кини айымньы ис хоһоонун чопчу билэр, өйдүүр буолан, саҥата итэҕэтиилээх, дьоҥҥо тиийимтиэ. Аксинья Степанова (Мэҥэ Хаҥалас) Ноорой «Күн Эрили» олоҥхотун бэркэ толорон, эмиэ I таһымнаах лауреат үрдүк аатын ылла. Ырыата, кэпсээнэ тэҥҥэ сайдан иһэрин биһирээтибит. Изабелла Макарова(Сунтаар) бэйэтэ айбыт «Таас Буурай Бухатыыр», Валентина Соколова (Дьокуускай) Чээбий «Ала Булкун» олоҥхолорунан II таһымнаах лауреат буоллулар. III таһымнаах лауреат — эпоһы толорооччулар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэрин кыттыылааҕа Алексей Николаев (Таатта). 66-тан үөһэ саастаахтарга I таһымнаах лауреат – П.Решетников-Көһүҥэ Бүөтүр «Уордайа Хаан Бухатыыр» олоҥхотун сэргэхтик толорбут Афанасий Попов (Таатта). Кини эгэлгэлээн, дьүрүһүтэн, кэпсээнин тэтимин тутан, олоҥхо эйгэтигэр киллэрэн, тэҥҥэ айаннатар уратылаах, ырыата-тойуга да мааны. Д.Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун Семен Черноградскай (Уус Алдан) 4 чаас кэриҥэ дуоһуйа толорон, эмиэ I таһымнаах лауреат буолла. Эпоһы толорооччулар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэрин кыттыылаахтара Николай Григорьев (Чурапчы) Эрилик Эристиин «Буура Дохсунун» бэрт сэргэхтик, Сусанна Лазарева (Чурапчы) Н.Тарасов «Дуулаҕа Баатыр» олоҥхону тэтимнээхтик толорон, II таһымнаах лауреат аатыгар тигистилэр. Элбэх киһини олоҥхо эйгэтигэр көҕүлээбит киэн туттар киһибит Раиса Маркова (Таатта) Көһүҥэ Бүөтүр «Айыы Дьураҕастай Бухатыыр» олоҥхотунан III таһымнаах лауреат буолла. Анал ааттар иҥэрилиннилэр: «Түөлбэ уратытын утумнааччы» — Валентина Харайданова (Таатта), «Олоҥхо сэһэнин сүнньүн тутааччы» — Николай Дьячковскай (Чурапчы), «Түһүлгэлээх олоҥхоһут» — Маргарита Григорьева (Бүлүү), «Түөлбэ олоҥхоһут» — Ефрем Афанасьев (Сунтаар), «Олоҥхо тылын ууһа» — Митрофан Семенов (Сунтаар), «Дорҕоон тойук доҕуһуоллаах» – Любовь Платонова (Дьокуускай), «Айымньылаах толорооччу» — Каролина Харлампьева (Бүлүү), «Олоҥхо ырыатын дэгэтэ» — Розалия Докторова (Таатта), «Олоҥхо үгэһин утумнааччы» – Гаврил Спиридонов (Дьокуускай), «Үгэһи утумнааччы» – Вера Борисова(Амма), «Удьуор утумун тутар» — Анна Черкашина (Бүлүү), «Кэрэхсэтэр толорооччу» — Александр Багардынов (Таатта), «Хомоҕой тыллаах толорооччу — Галина Полускина(Таатта).
Быйылгы бэстибээлгэ урукку өттүгэр кытта илик толорооччулар эбиллибиттэрэ үөрдэр. Тааттаттан Варвара Парфенова, Иван Слепцов, Александр Багардынов, Сунтаартан Митрофан Семенов, Ефрем Афанасьев,Амматтан Вера Борисова. Бу дьоммут ситэн-хотон, салгыы сайдан тахсалларыгар кыһаллыахтаахпыт. Эр дьон кыттыылара, биирдиилээн да буоллар, эбиллэн иһэрин бэлиэтиибит. Айылҕатынан ыллахха, олоҥхолуур диэн эр киһи дьарыга, анала буолар.
Таһым үрдүк кэрдиискэ тахсар
Надежда Толбонова, бу бэстибээли төрүттээччи:
— Хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кытынна. Чуолаан Таатта, Чурапчы улуустарыттан. Эдэр дьон көхтөөҕүн хайҕыахха сөп. Балаһыанньа быһыытынан, икки бөлөҕүнэн үс таһымҥа биирдии лауреат буолуохтааҕа. Ону олоҥхону толоруу хаачыстыбата лаппа үрдээн, лауреаттар ааттара икки төгүл элбээтэ. Олоҥхону толоруу үгэһин, киэбин толорооччулар балайда тутустулар. Этиитин, ырыатын-тойугун тэҥҥэ дьүөрэлээтилэр. Олоҥхо тэтимин, интонациятын, персонажтар ырыаларын матыыптарын сөпкө ыллаатылар диэн бэлиэтиибин. Олоҥхону айыыга холонуу сонун көстүү буолуон сөп. Итэҕэстэри этэр буоллахха, толорооччулар олоҥхо ырыатыгар үлүһүйэн, тылыгар ситэ болҕомтону уурбатылар. Дьиҥэр, сүмэтэ тылыгар баар буоллаҕа. Олоҥхо үксэ бухатыыр аатынан. Ол аата кини үтүөҕэ дьулуурун, аһыныгас санаатын, күүһүн, сырыыларын, хайдах туох дойдуга үөскээбитин үчүгэйдик хоһуйуохтаахтар, кини нөҥүө айымньы ис хоһооно арыллыахтаах. Ону абааһылары ордук чорботон толордулар. Аны персонажтар ырыаларын матыыба канон, үгэс быһыытынан ылланыллар, ол сорохторго соччо кыаллыбата. Маныаха биллэр олоҥхону истэн үөрэнэр наада. Холобур, Г.Г.Колесов толоруутугар «Дьулуруйар Ньургун Боотуру». Аҕам саастаах эр дьон элбээн эрэрэ үөрдэр. Кинилэр маастарыстыбаларын эдэрдэргэ тиэрдэргэ кыһаналларыгар баҕарабын.
Олоҥхо киинин салайааччыта Агафья Захарова:
—Бу бэстибээл улахан дьон ортотугар олоҥхоҕо интэриэһи үөскэппитэ саарбаҕа суох. Сыллата кэтээн көрдөххө, хаачыстыба өттүгэр сайдыы барбыт. Бу ситиһии олоҥхо туһугар үлэлии сылдьар дьону үөрдэр. Күөн күрэс ситимин быспакка, сыллата ыытыллан, толоруу таһыма үрдүк кэрдиискэ тахсарыгар олук буолбутун туоһулуур.
СӨ Норуоттарын фольклорун уонна муусукатын түмэлин научнай үлэһитэ Варвара Обоюкова:
— Бэстибээл 16 сыллаах үлэтин түмүгүнэн толоруу үрдүк таһымҥа тахсыбытын биир санаанан бэлиэтээтибит. Чурапчы, Таатта, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Бүлүү улуустарын толорооччуларын кыттыылара куонкуруһу киэргэттэ. Кыттааччылар салгыы бу дьарыктарын бырахпакка сайда турдуннар. Олоҥхолуур идэ сайдан бара ту-рарын туһугар аҕыйах ахсааннаах толорооччуларбыт тула олоҥхо эйгэтин үөскэтэргэ тиһиктээх үлэ салгыы сир ахсын барыан баҕарабыт. Хас биирдии толорооччу олоҥхоҕо харыс табыллаахтык сыһыаннаһан, үгэс буолбут толоруллуута сүппэтин, салгыы сай-дан, кэлэр кэнчээри ыччакка бара турарын туһугар кыһалларыгар эрэнэбит.
Елена ПРОТОДЬЯКОНОВА,Олоҥхо киинин сүрүннүүр исписэлииһэ
Хаартыскалар бу инниннээҕи бэстибээллэртэн туһанылыннылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0