Тэрээһини аатырбыт өрөспүүбүлүкэ шеф-повардара арыйыахтара, олохтоох бородууксуйалары билиһиннэриэхтэрэ уонна амсайыыга таһаарыахтара.
«Саха Сирин амтана» бэстибээл онус төгүлүн үлэлиир. Бэстибээл туризм салаатыгар бүтүн Арассыыйатааҕы «Russian Event Awards – 2016» куонкурус кыайыылааҕа буолар Тэрээһин киин куоракка сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 3 күнүгэр диэри ыытыллар. Быыстапкаҕа Kitchen, «Крыша», CHUKCHA, «Аврора», «Кантри Стейк», «Кабинет», «Орто Дойду», «Муус Хайа», «Зелёный город», «Тыгын Дархан», «Махтал» уонна «Усадьба Атласовых» рестораннар кыттыахтара.
Бастакы тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта Дьокуускай куорат "Муус Хайа" рестораҥҥа киэһэ 18.00 чаастан буолуоҕа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0