Былырыын 2021 сылга, хамсык хааччахтааһынын кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 5000-тан тахса саҥа ыал баар буолбут.
Итинтэн бастакыларын ыал буолбуттар: 75% -- эр дьон, 71 % -- дьахтар.
Дьахталлар үгэннээн ыал буолар саастара – 20-24 диэри эбит. Эр дьон – 25-29.
Сыбаайбаны олунньуга уонна атырдьах ыйыгар үксүн тэрийэллэр эбит . Саамай аҕыйах уруу малааһына ыам ыйыгар буоларын бэлиэтииллэр.
Ыал буолууга бастыҥ көрдөрүүлээхтэр – Аллайыаха, Нерюнгри, Алдан улуустара уонна Дьокуускай куорат.
Былырыын 2021 сыллаахха 4000-тан тахса ыал арахсыбыт. Үксэ 30-34 саастарыгар, 5-10 сыл бииргэ олорон баран.
Аны, арахсар туһунан сайабылыанньаны атырдьах, балаҕан ыйдарыгар, ахсынньыга ордук үгүстүк биэрбиттэр. Саамай элбэх арахсыы түбэлтэтэ Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Уус Маайаҕа, Нерюнгрига, Эдьигээҥҥэ тахсыбыт.
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 1