СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2024 с. тохсунньу 1 күнүттэн 25 диэри саастаах ыал буолбут дьиэ кэргэттэргэ биир кэмнээх төлөбүрү олохтуур туһунан эбии дьаһалы бигэргэттэ. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ быйыл төрдүс кыбартаалга сокуон барылын Ил Түмэн көрүүтүгэр киллэриэҕэ.
- Бу дьаһал дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүүгэ, ыстаатыһын үрдэтиигэ эрэ буолбакка, оҕо ахсаанын элбэтиигэ эмиэ олус туһалаах буолуо дии саныыбын, - диир Айсен Николаев.
2024 сылга бу эбии дьаһалы олоххо киллэриигэ барыта өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 76,5 мөл. солк. үп-харчы наада. Үбүлээһин 2024 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн уонна «СӨ гражданнарын социальнай өйөбүллэрэ» судаарыстыбаннай бырагырааматын олоххо киллэриилэрин чэрчитинэн көрөргө этиллэр.
Хаартыска СИА.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0