«Парламентскай хаhыат» суруйарынан, элбэх оҕолоох тѳрѳппүттэр тѳлѳбүрдэри уонна чэпчэтиилэри улахан оҕолоро 18 сааhыгар диэри ылар буолуохтара. Оттон оҕо үѳрэх кыhатыгар күнүскү үѳрэххэ устудьуоннуур буоллаҕына, ол мэктиэ кини 23 сааhын туолуор диэри толоруллар.
Ону таhынан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр 6% чэпчэтиилээх ипотеканан туhаныахтарын сѳп.
10 уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ийэтэ «Дьоруой-ийэ» аатын ылар уонна киниэхэ 1 мѳл. солк. туттарыллар. Оттон 7 уонна онтон элбэх оҕолоохтор «Тѳрѳппүт албан аата» уордьаны уонна онуоха эбии 500 тыh. солк. ылаллар. Оттон 4 уонна онтон элбэх оҕолоохторго «Тѳрѳппүт албан аата» уордьан мэтээлин уонна онуоха эбии 500 тыh. солк. туттараллар.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна
- 18
- 0
- 0
- 0
- 0
- 3