Мунньахха Саха Сиригэр дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сайыннарыы уонна тыа сирин сайдыытын боппуруостарын көрдүлэр, баар кыһалҕалары ырыттылар.
Судаарыстыбаннай социальнай өйөбүллэр тустарынан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова кэпсээтэ.
Миниистир иһитиннэрбитинэн, 2010 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай хантараак диэн өйөбүл миэрэтэ үлэлиир. Бу кэм устата социальнай харалта управлениеларын нөҥүө 21 тыһыынча хантараак түһэрсиллибит. Ол уопсай суумата 2 млрд солкуобай.
Сылын ахсын социальнай хантараак кэрискэтэ кэҥиир, ахсаана элбиир. Ааспыт сылга уопсайа 5044 хантараакка илии баттаспыттар (уопсай суумата 520,4 мөл. солкуобай). Итинтэн бэйэ дьыалатын арынан, урбаанньыт буоларга – 934 хантараак, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга – 485.
2021 сыл устата 16 139 киһи (дьиэ кэргэн бары чилиэннэрин учуоттаан туран) социальнай хантараактары туһанна. Олортон тыа сиригэр олорооччута – 10 250 киһи (63%), куораттарга – 5 889 (37%).
--Ааспыт сылга Хаҥаласка 199 хантараак түһэрсиллибитэ, уопсай суумата 21,1 мөл солкуобай этэ. Хаҥаластар сүрүннээн урбаанньыт буолар сорукка ылан туһаммыттара. Ол курдук, 43 гражданин бэйэ дьыалатын арыммыт, маныаха көмө харчы 11 мөл. солкуобайга тэҥнэспит, -- диэн олохтоохторго эттэ.
Миниистир Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэр олорор Ринат Жангиров уонна Сергей Владимиров үтүө холобурдарын кэпсээтэ. Ол курдук, кинилэр социальнай хантараак көмөтүнэн инбэлииттэргэ бизнес-инкубаторы арыйбыттар. Олохтоох уонна улуус дьаһалтатын өйөбүллэринэн үлэлиир дьиэлэрин-уоттарын өрөмүөннэппиттэр.
Инбэлииттэргэ анаан, 2021 сыллаахха эбии 4 квота бизнес-инкубатор резиденнэригэр бэриллибит. Билигин тэрилтэ көмөтүнэн 6 социальнай хантараагы түһэрсибиттэр, олор манна үлэлииллэр.
Даҕатан эттэххэ, Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ уонна Ил Түмэн дьокутааттара туруорсууларынан, сааҥсыйалар кэмнэригэр урбаанньыт буоларга социальнай хантараак суумата 300,0 тыһ. солкуобайга диэри улаатта! Оттон кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ көрүллэр суума 250,0 тыһ. солкуобай буолла.
Маны тэҥэ, саҥа көрүҥ өйөбүл киирдэ – 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэлэрин сүтэрбит гражданнарга анал бырагыраама үлэлиир. Онон 2022 сылтан социальнай хантараагы үлэ көрдөнүүгэ, урбаанньыт буоларга, кэтэх хаһаайыстыбаны тутарга, олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспиттэр онтон тахсалларыгар туһаныахтарын сөп.
Сааҥсыйа кэмигэр үлэтэ суох хаалбыт гражданнар дьарыктаах буолуу кииннэрин нөҥүө өйөбүл бырагыраамаларыгар кыттыахтарын сөп.
2021-2022 сылларга социальнай хантараактарга анаан федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэртэн уопсайа 616, 4 мөл солк, эбии 103,4 мөл. солк. көрүллүбүт.
2022 сылга кыра дохуоттаах 5100 дьиэ кэргэн барыта холбоон 719,6 мөл. солк. өйөбүлүнэн туһаныа. Олортон 29,2%-а -- куораттарга, 70,8 %.-а тыа сиригэр олорор.
- 0
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0