Норуот уус-уран тыллаахтарыгар маннык өйөбүл оҥоһуллубута олус үөрдэр.
Санатан эттэххэ, Олоҥхо дьиэлэрин биир кэлим систиэмэлэрин тэрийии уонна анал истипиэндьийэлэри анааһын туһунан Уураахха Ил Дархан Айсен Николаев бу сыл бэс ыйыгар илии баттаабыта.
Уураахха олоҕуран, судаарыстыбаннай бүддьүөккэ айар-тутар бырайыактары уонна Олоҥхо дьиэлэрин материальнай-тэхэниичэскэй базаларын бөҕөргөтүүгэ 50 мөлүйүөн солкуобайтан кырата суох үп көрүллүө, маны тэҥэ ый ахсын төлөнөр истипиэндьиэйэҕэ 7 мөл. 560 тыһыынча солкуобай ууруллуо.
Даҕатан эттэххэ, сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри Саха Сиригэр 13-с төгүлүн Олоҥхо дэкээдэтэ ыытыллыа. Дэкээдэ чэрчитинэн 90-тан тахса араас тэрээһин ыытыллара былааннанар.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0