Тэрилтэ төрүттээччитинэн СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Марфа Николаевна Бурцева буолар. Кини Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинэҕэ институтугар үөрэнэн педиатр идэтин ылбыта. Иккис идэтэ – юрист. Үөрэҕин бүтэрээт да, үс сыл педиатрынан үлэлээн баран, СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтигэр сүрүн исписэлииһинэн анаммыта. Доруобуйа харыстабылыгар оччотооҕу миниистир Михаил Охлопков бирикээһинэн, Өлүөхүмэ улууһугар кылаабынай быраастаабыта. Улууска үлэлээн, улахан оскуоланы ааһан, ыарыыны эрдэттэн быһаарар өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох киин – Аныгы нефрология уонна диализ киинин кылаабынай бырааһынан үлэлээбитэ, билигин оройуоннар икки ардыларынааҕы “Нефро-клиника” ХЭТ төрүттээччитинэн уонна дириэктэринэн буолар.
Бүгүн Марфа Николаевна үлэтин туһунан кэпсиир.
“Тулуур” олоххо дьулууру эбэр
— Ыарыһахтар социальнай кыһалҕаларыгар көмө буолар “Тулуур” уопсастыбаннай тэрилтэбитин 2021 сыллаахха тэрийбиппит, анал бэлиэтэниини ааспыппыт. Бу кэмтэн бүөр ыарыһахтар социальнай кыһалҕаларын быһаарарга араас төгүрүк остуоллары тэрийэбит. Ольга Афанасьевна Мельчинова салайар эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы Арассыыйа таһымнаах нефрология ыарыһахтарын өйүүр ассоциация салаатын биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр арыйарга көрдөспүттэрэ. Билигин кини биһиги сүрүн бэрэссэдээтэлбит буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэрэссэдээтэлинэн Хотуйа Святославовна Лаврованы талбыппыт. Мин төрүттээччи, көмөлөһөөччү буолабын.
Аныгы нефрология уонна диализ киинин кылаабынай бырааһынан үлэлиир кэммиттэн бүөр ыарыытыгар дириҥник ылсан үлэлиибин. Диализ эрэ оҥоруутунан дьарыктаммакка, ыарыһахтар кыһалҕаларын билсэн, ону быһаарсан көмө буолабыт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 700-тэн тахса киһи искусственнай бүөргэ баайыллан сылдьар. Кыраапыгынан диализка холбонуохтаах дьону быһаарар хамыыһыйа үлэтигэр кыттабыт. Ыйын ахсын ортотунан 10-ча киһи диализка холбонор. Кинилэр ханнык кииҥҥэ сыһыарыллалларын быһаарабыт.
Үлэбитин “Перитонеальнай” диэн ньыманы олоххо киллэрииттэн саҕалаабыппыт. Ол эбэтэр киһи иһигэр туруупка (катетер) кэтэрдэбит. Онон бэйэтэ дьиэтин усулуобуйатыгар хаанын ыраастанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэтигэр эмтэнэр 20-чэ киһи баар. Маннык эмтэнэр киһиэхэ бары усулуобуйаны тэрийэбит. 1,5 мөлүйүөн солкуобайдаах анал аппарааты босхо биэрэбит. Тустаах эминэн толору хааччыйабыт. Ыарыһаҕы кытта билсэ олоробут. Инньэ гынан куоракка кэлэр кыахтара суох дьон дойдуларыгар эмтэнэр кыахтаннылар.Үчүгэйэ диэн, дьиэҕэ диализтанар дьон толору олоҕунан олорор кыахтаналлар: үөрэнэллэр, үлэлииллэр. Аппарааттарын үлэ чааһын кэнниттэн түүн холбоноллор.
Диализтыыр кииннэр Дьокуускай куоракка эрэ баалларынан, ыарыһахтар көһөн кэлэргэ күһэллэллэр. Дьиэлэрин-уоттарын хаалларан, үлэлэриттэн уурайан, оҕолорун, кэргэттэрин хаалларан кэлэллэрэ тустаахха олус ыарахан. Онон бу боппуруос социальнай кыһалҕаҕа кубулуйда. Дьиҥэр, бырабыыталыстыбабыт улахан көмө оҥорор. Дохуоттарынан таһааран, дьиэ куортамыгар көмө оҥоһуллар. Ол да үрдүнэн, олорор сирдэрэ табыллыбатыттан сорохтор аккаастаналлар. Маны учуоттаан, анал кииннэри улуустарга аһыы наадата турар. Бастакы киин аһыллыбыта. Ол курдук, Ил Түмэн дьокутаата Антонина Григорьева көҕүлээн, Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев күүстээхтик өйөөн, биир тэрилтэҕэ өрөмүөҥҥэ үп көрөн, Бүлүү бөлөх улуустарыгар анаан атырдьах ыйыгар быйыл Диализ киинин арыйдыбыт. Биһиэхэ биэрбит дьиэлэригэр биэс “искусственнай бүөрү” туруордубут. Маныаха Москва куорат тэрилтэлэрин кытары бииргэ үлэлиибит. Эминэн, анал малынан-салынан толору хааччыллыылаахпыт. Саамай ирдэнэр, хас даҕаны фильтрдаах, ууну киһи организмыгар барсар гына ыраастыыр кыра уу собуотун (водоподготовка) туруордубут.
Тэрилтэбит үлэлээн бардаҕына, өссө 5-һи эбэн, барыта 10 “бүөр” 60 киһини хабыа. Ыарыһахтар Ньурбаҕа анал киини аспыппытын истэн, “аны Илин Эҥээр улуустарга аһыаххыт дуо?”- диэн ыйыталлар. Биллэн турар, улуустар баһылыктара ылыстахтарына, ити боппуруос быһаарыллар кыахтаах. Маныаха Ньурба баһылыгын үтүө холобура баар.
Бүөрүнэн ыалдьыы эдэримсийдэ
— Этэн аһарбытым курдук, ыйын ахсын бүөрүн ыраастата 700-тэн тахса киһи диализка сылдьар. Ковид дьаҥын кэнниттэн, ыарыы эдэримсийдэ. Эмискэ бүөрдэрэ аккаастаабыт дьон баар буолла. Саамай хомолтооҕо олохтоох дьон ыалдьар. Аны туран дьиктитэ, ыарыһахтар барыларын кэриэтэ сахалар. Нефрология аныгы киинигэр үлэлиир кэммэр, үлэлиир саастаах эдэр дьон эмтэнэрэ. 30-тан эрэ тахсыбыт дьон элбээтэ, урут сүрүннээн 60-тан тахсыбыт дьон ыалдьара.
Сахарнай диабет, сүрэх, тымыр, дьаҥ буолбут ыарыылартан саҕаланан бүөр сатарыйар эбит буоллаҕына, кэлин оннук буолбатах. Ковид кэнниттэн эмискэ бүөрдэрэ аккаастыыр буолла. Олохпут тэтимэ уларыйбыта, ас-үөл, утах арааһа миэрэтэ суох барбыта онуоха төрүөтүнэн эмиэ буолар. Маны тэҥэ төбөбүт, тииспит, сиспит ыарытыйда диэн ыарыыны уҕарытар эмтэри быраас анааһына суох үлүбээй иһии олус охсуулаах. Киһи бэйэтэ диетаны тутуһуохтаах. Дьоҥҥо чөл олох диэн эттэххэ, отой атыннык ылынан, успуорт эрэ курдук саныыр. Дьиҥэр, барыта ситимнээх буоллаҕа.
Киһи барыта иик уонна хаан анаалыһын сотору-сотору туттарыахтаах. Өскөтүн иик өҥө уларыйдаҕына, күүгэннирэр, атын сыттаах, өҥө хойуу чэй курдук буоллаҕына, маны тэҥэ тахсан киирии убаҕас, эбэтэр мөлтөөтөҕүнэ доруобуйаҕа күүскэ болҕомто ууруллуохтаах. Саахардаах хаан бүөрү сиир. Сыыһа-халты аһыыртан туттунуҥ. Диспансернай кэтээн көрүүгэ сылга биирдэ хайаан да сылдьыахха наада. Бүөр ыарыыта киһини биллэрбэккэ “сиир.” Анаалыскыттан эрэ билэҕин. Уонна сирэйиҥ-хараҕыҥ, илииҥ-атаҕыҥ иһиититтэн. Бүөр ыарыытын билэргэ анаалыс үс көрүҥүн туттарыахха наада: биохимическай, уопсай хаан, иигиҥ анаалыстара. Биохимическэй анаалыска үс-түөрт көрдөрүү уларыйда да, ол аата эйиэхэ “сигнал” кэлэр. Бу курдук бүөр анаалиһа боростуойдук биллэр. Кэлин харыстанан, учуокка туран көрдөрүнэр саамай сөп.
Киһи бэйэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаах. Хайдахтаах да курдук үрдүк таһымнаах профессор эппитэ киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар киирэ илигинэ эмтэммэт!
Бүөрү көһөрөн олордуу - муҥутуур баҕа санаа
— Нефрология аныгы киинигэр үлэлиир кэммэр ОМС-тан судаарыстыбаннай сорудах ылан, нефролог кэбиниэтин үлэлэппиппит. Уопуттаах нефрологтар киһи анаалыс туттарбытын кэннэ, терапевка ыйан ыытан, салгыы эмтэнэригэр сүбэлииллэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ кииҥҥэ уочарат элбээтэ. 4-5 стадияҕа тиийбит бүөр ыарыылаах дьону булан, стационарга киллэрэн эмтиибит. Күн бүгүн учуокка 500-тэн тахса 3-с стадияҕа тиийбит киһи учуокка турар. Кинилэр ыйын ахсын нефролог бырааска көрдөрүнэллэр, бүөрү харыстыыр эми иһэллэр. Оройуоннарга нефролог быраас суох буолан, үгүс дьон киин куоракка көһөн кэлэн эмтэнэ сатыыллар. Идэтийбит нефролог быраас Дьокуускайга да аҕыйах.
Бүөрдэрэ хатан үлэлээбэт буолбут дьон саамай улахан баҕа санаалара - уорганы көһөрүүгэ (трансплантацияҕа) барыы. Икки бүөрэ үлэлээбэт киһиэхэ донортан бүөр туруоран толору олоххо төннөрүөххэ сөп.
Билигин биһиги кииммитигэр тас куораттарга “пересадкаланан” кэлбит дьон 11 сайабылыанньата киирэн сытар. Кинилэр бары харчыларын сороҕун толуйары көрдөһөллөр. Бу эпэрээссийэ сыаната быһа холоон 1,5 мөл. солк, оттон өрөспүүбүлүкэттэн 990 тыһ. солкуобайы төннөрүөхтэрин сөп эрээри, федеральнай таһымнаах балыыһаҕа оҥорторботох буоланнар, аккаастаммыттар. Бу боппуруоска СӨ Уопсастыбаннай балаататыгар төгүрүк остуол тэрийбиппит. Кыттыыны СӨ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин сүрүн трансплантолог бырааһа Альберт Иванович Васильев, сүрүн нефролог Евгения Николаевна Унарова ылбыттара. Бу кыһалҕа эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы таһымнааҕа билиннэ. Үөрэтэн көрөн баран “пересадкаламмыт” дьоҥҥо эбии үп көрүллүөхтээҕэ, харчы төннөрүллүөхтээҕэ этилиннэ.
Маны тэҥэ, диализка киирбит дьону тутатына өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кэтэһии илииһигэр” киллэриэхтээхтэр диэн буолла. Холобур, биир киһи ортотунан сэттэ сыл устата диализка холбонор. Кинилэргэ эмтэнии саҕаланыыта бу кылгас болдьохтоох эмтэнии диэтэхпитинэ, эрэл кыыма саҕар буолбатах дуо?
Билиҥҥи туругунан, ыарыһах сылайан, бэйэтэ көрдөөн “пересадка” оҥорор балыыһалары булар, эпэрээссийэлэтэр. Оннук кыаҕы тоҕо куоттарыай? Онон өрөспүүбүлүкэбитигэр уорганы көһөрүүнү күүскэ сайыннарыахтаахпыт. Маны тэҥэ ыарыһахтар балыыһаларын талар кыахтаах буолуохтаахтар.
Сахабыт Сиригэр үрдүк технологиялаах, бары өттүнэн эппиэттиир оборудованиелаах маҥнайгы нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа уустук уорганнары көһөрүү эпэрээссийэлэрин оҥорор кыахтаахтар. Оннооҕор сүрэҕи, быары көһөрөн аатырбыппыт. Ол эрэн билигин көрдөрүү намтаата, сылга 1-2 эрэ бүөр көһөрүүтэ оҥоһуллар буолла.
Онон бырабыыталыстыба, Ил Түмэн дьокутааттара бу боппуруоһу болҕомтоҕо ылалларыгар көрдөһөбүн. Бүддьүөккэ эбии харчы ууран, атын куораттарга ыарыыны кыайар туһуттан эпэрээссийэлэммиттэр ороскуоттара быһаарыллара буоллар. Маны тэҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэтигэр сылга 5-6 киһиэхэ бүөр көһөрүллүүтэ оҥоһуллара буоллар, бэрт буолуо этэ.
Бүөрэ көһөрүллүбүт киһи кэпсээнэ
Марфа Николаевнылаан кэпсэтэн баран, бүөрү көһөрүү эпэрээссийэтин ааспыт, өр сыл бу ыарыыны кытары охсуһар Юрий Алексеевич Степановы кытта билистим. Кини өр сылларга Сунтаарга олорон баран, Дьокуускай куоракка көһөн кэлэн үлэлиир. Ыарыытын туһунан 2005 сыллаахха билбит.
-Удьуорунан бэриллэр ыарыылаахпын, бүтэһик уһугар ыарыым бэргээн бүөрүм аккаастыырын билэр этим. Ол иһин мэдиссиинэ сайдыбыт сиригэр чугаһаан, Дьокуускайга 2016 сыллаахха көспүтүм. 2018 сылтан бүөрүм аккаастаан барбыта, бүтэһик уһугар 2021 сыллаахха гемодиализка “Диалог” кииҥҥэ киирбитим. Нэдиэлэҕэ үстэ үлэм чааһын кэнниттэн кэлэн , 4-5 чаас хааммын ыраастатарым, оннук искусственнай бүөргэ баайыллыбытым. Бэйэм актыыбынай олохпуттан нэдиэлэҕэ 12 чааһы сүтэрэр ыарахан этэ. Үлэлиир буолан, киэһэ 6 чааска барарым. Аппарааты хаһан холбоон, үлэлэтэн, 11 чааска бүтэрим, түүн 12-гэ дьиэбэр тиийэрим.
Диализка киириэм иннинэ бүөрү уларыталлар, саҥа бүөр олордоллор, киһи үйэтэ уһуур диэн истибитим. Интернетынан араас балыыһалары үөрэтэн, Новосибирскайы талбытым. Суруйсан, кэпсэтэн баран 2021 сыллаахха доруобуйабын чинчиппитим. Көһөрүүгэ барсыбат туох даҕаны көрдөрүү суох этэ, дойдугар баран гемодиализ бырагырааматыгар киирэн баран кэлээр диэбиттэрэ, уонна утары ууна охсор үп да суоҕа.
2022 сыл саҕаланыыта, олунньу ыйга, Новосибирскай куорат уобаластааҕы балыыһата көһөрүүгэ ыҥырбыта, онно хаттаан көрдөрүммүтүм, кыра ыарыы булбуттарын ый курдук эмтэммитим. Дьэ, ол кэннэ, кулун тутар ортотугар кэтэһиилээх “Күүтүү илииһигэр” испииһэккэ киллэрбиттэрэ. Бу илиискэ Саха Сириттэн миигин кытары түөрт этибит. Аны кэтэһии саҕаланна. Бастакы уочаракка турбуттары атырдьах ыйыгар эпэрээсийэлээтилэр. Мин сэтинньи ый 26 чыыһылатыгар оҥорторбутум.
Эпэрээссийэҕэ киэһэ эмискэ ыҥырбыттара, түүннэри балыыһаҕа киирбитим, чинчийиилэри суһаллык оҥорон, сарсыарда эпэрээссийэ остуолугар сыппытым. Көһөрүү ыарахан буолан, 8 чаас буолбута. Икки бүөрбүн ылан бырахпыттара, тутатына 1 бүөрү олордубуттара. Икки күн реанимацияҕа сытан баран палаатаҕа көспүтүм, кыралаан хааман, чөлбөр түһэн барбытым. 20-с хонукпар балыыһаттан тахсыбытым, ый курдук Новосибирскайга чинчийиилэргэ сылдьан баран, бу сыл саҕаланыыта Саха Сиригэр кэлбитим.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха Сиригэр нефролог исписэлиистэргит күүстээхтэр диэн эпэрээссийэ кэнниттэн уһаппаккка ыыталлар. Атын эрэгийиэнтэн ыарыһахтары сыл аҥаардыыта көрөллөр. Биһиги балыыһаттан таҕыстыбыт даҕаны, 2-3 күннээх босхо эмпитин биэрэн баран ыыталлар. Манна Мэдиссиинэ киинигэр трансплантацияны ааспыттар нефролог кабинетыгар диспансернай көрүүнү ааһабыт.
Эпэрээссийэбит сыаната 980 тыһ. солк. кэриҥэ. Маны тэҥэ доруобуйаны сирийэн көрүүгэ 120 тыһ.солк. Дьиэ куортамын, олоруу сыанатын эптэххэ, добуочча суума тахсар. Харчым сорҕотун үлэлиир буолан нолуок вычетыттан төнүннэрбитим. Оттон эпэрээссийэҕэ ороскуоту СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ толуйуон сөп диэн докумуоннарбын хомуйан сайабылыаньа тиксэрбитим. Ол эрэн, 10-ча хонугунан баар сокуоннарга олоҕуран аккаас кэлбитэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Мэдиссиинэ киинигэр трансплантация оҥоһуллар буолан, атын эрэгийиэҥҥэ региональнай таһымнаах балыыһаларыгар баран эмтэннэххэ төлөбүр көҥүллэммэт эбит.
Трансплантацияны ааспыт ыарыһахтар көрсөр кыһалҕалара
— Манна даҕатан эттэххэ, Саха Сиригэр уорганнары көһөрүү эпэрээссийэлэрин 2001 сыллаахтан оҥороллор. 20 сыл иһигэр 134 көһөрүү оҥоһуллубутуттан, 115-һэ бүөрү уларытыы. Кэлин, пандемия кэмигэр тохтобул тахсан, 2022 сылга федеральнай квотанан икки, 2023 сылга биир бүөрү уларытыыга эпэрээсийэ оҥоһуллубут.
Академиктар этэллэринэн, трансплантация сайдыбыт сиригэр мэдиссиинэ бары көрүҥэ сайдар. Сүтэрэр - түргэн, чөлүгэр түһэрии - ыарахан буоларын бары билэбит. Сахабыт Сиригэр уорганнары көһөрүү хайысхата сайдара кэскиллээх дьыала. Трансплантацияны ааспыт дьон олоххо хаттаан төннүбүт курдук сананабыт.
Аны трансплантацияны ааспыт ыарыһахтар иккис кыһалҕабыт - реабилитацияны барыы. Киин сирдэргэ маннык ыарыһахтар тутатына анал кииннэргэ киирэллэр. Көһөрүллүбүт уорган организмҥар олохсуйар кэмигэр быраас көрүүтэ ирдэнэр. Икки нэдиэлэҕэ биирдэ уочараттаан анал кабинекка сылдьабыт. Эмп концентрациятын быһаарар биир эрэ лаборатория баар (!) Аны реактив бүтэр. Эмиэ төлөбүрдээх өҥөнөн “Гемотест”, “Инвитро” лабораторияларга туттарарга күһэллэбит. Кинилэр анаалыстары киин куораттарга ыытан оҥортороллор. Ол барыта бириэмэни ирдиир.
Аны трансплантацияны ааспыт ыарыһахтары көрөр-истэр уопуттаах нефрологтар аҕыйахтар, улуустарга суохтарын кэриэтэ. Онон улууска олорооччулар икки нэдиэлэ буола-буола Дьокуускайга кэлэн анаалыс туттараллар.
Бастаан утаа эпэрээссийэ кэнниттэн үгүөрү араас эминэн эмтэнэбит. Бу хайаан даҕаны иһиллиэхтээх эмтэр, онто суох уорган “отторжение” биэриэн сөп, оччоҕуна төттөрү диализка төннөргө күһэллэҕин. Хомойуох иһин, биир пересадкаламмыт киһибит 8 ый буолан баран бэргээн олохтон туораата.
Эпэрээссийэ кэнниттэн олох ыарыыга ылларыа суохтааххын, күүстээхтик бэйэҕин харыстаныахтааххын, дьон мустар сирдэригэр сылдьыа суохтааххын. Онтон биһиэхэ барыта уочарат! Поликлиникаҕа, эмкэр рецепт суруттарыыга, учаастактааҕы терапевка киириигэ, мэдиссиинэ киинигэр нефролокка, лабораторияҕа...
Манан сиэттэрэн СӨ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтигэр куораппыт поликлиникаларыгар “облачнай поликлиника” диэн компьютерынан бырагыраама ситимэ киирэн сайдара буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Ыраахтан пациеннары кытары үлэ сатаныа этэ дуо? Холобур, Новосибирскайга пересадкаламмыттар участковай поликлиникаҕа барбаттар. Анаммыт терапевт быраастара иһиэхтээх эмтэрин дозаларын билэр, ырааҕынан олорон кэпсэтэн баран ананар эмтэрин суруйар. Эрэсиэптэрэ анал бырагырааманан аптекаҕа тиийэр, ону эмиэ ыарыһах эрэ буолбакка, чугас даҕаны дьоно баран ылыан сөп. Онон ыарыһах болдьохтоох кэмҥэ анаалыс эрэ туттара кэлэр, түмүгүн эмиэ бырагыраама нөҥүө көрөн нефролог быраастыын төлөпүөнүнэн быһаартарыан сөп.
Эминэн хааччыллыы өттүн кэпсиир буоллахха, араас ааттаах эмтэринэн туһанарга күһэллэбит. Ол эбэтэр, бу анаммыт эмиҥ солбуга. Састааба арыый атын буоларыттан, организмыҥ хайдах ылынара биллибэт, “отторжение” буолуон сөп. Онон чопчу анаммыт эрэ эмтэринэн туттар ордук буолуо этэ.
Саха Сиригэр “Нефролига” диэн трансплантацияны ааспыт ыарыһахтар туспа бөлөхтөөхпүт. Онно Арассыыйа араас муннугуттан мустубут биир кыһалҕалаахтар элбэхпит, араас кыһалҕаларбытын быһаарсабыт. Саха Сиринээҕи бөлөх эмиэ баар. Түгэнинэн туһанан Марфа Николаевнаҕа биһиги кыһалҕаларбытын этэрбитигэр кыах биэрэрин иһин махтанабыт.
Мэдиссиинэ оннугар турбакка сайдан истин. Дьокутааттарбыт тустаах сокуоннарга уларытыылары киллэрэн, эмтэнэн, олоххо төннөн эрэр дьоҥҥо эрэл кыыма өссө күүһүрэригэр күүс-көмө буолуохтара диэн эрэнэбин.
- 2
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0