Оҕону үөрэ-көтө көрсүү – сүрүн сыалбыт
Мин аан бастаан бу кииҥҥэ мэдиссиинэ сиэстэрэтэ ирдэнэр диэн биллэриини көрөн кэлбитим. Бу иннинэ өр кэмҥэ улахан дьону кытары мэдиссиинэ эйгэтигэр үлэлээбитим. Араас диагнозтаах инбэлиит уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору кытта бастаан кэриэтэ ыкса алтыһан үлэлээбитим. Ис дууһабыттан төрөппүттэри аһынарым, күүстээх санааларыттан сөҕөрүм. Төрөппүттэр араас буолаллар. Сорохторо депрессияҕа сылдьаллар, кыраттан хомойор уйан санаалаахтар. Барыларын кытары биир тыл булан, көмөлөһөн үлэлиибит.
Онон сүрүн сыалым, төрөппүттэр кииҥҥэ кэлиэхтэриттэн, аан айаҕыттан киирэллэриттэн үөрэ-көтө көрсөн, ханнык кабинекка, исписэлиискэ баралларын быһаарыы, кэпсээһин. Бастатан, диагностааһыны ааһаллар. Манна бириэмэлэрин, күнүн болдьохтоон ыҥырабыт.
Реабилитацияҕа олорор сирдэринэн социальнай харысхал управлениетын нөҥүө кубуотанан, ону тэҥэ ОМС-нан эмиэ ыҥырабыт. Өҥө барыта босхо. Норуокка доруобуйаларыгар улахан оҕустарыылаах оҕолору эрэ реабилитацияҕа ылаллар диэн сыыһа өйдөбүл баар. Доруобуйатынан хааччахтаах оҕолору педиатр анааһынынан реабилитациялыыбыт. Чөлгө түһэрии 21 хонук устата ыытыллар, бу кэм устата төрөппүккэ больничнай илиис арыллар. Кииммитигэр төрүөхтэриттэн 18-гар диэри доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор чөлүгэр түһэриини ааһаллар.
Уопсайа түөрт салаа баар: социальнай-психологическай-педагогическай реабилитация салаата, социальнай-эйгэ салаата, социальнай-мэдиссиинэ салаата, эрдэттэн көмө сулууспата.
ОМС уонна социальнай харысхал кубуотата туох уратылааҕый?
Биһиги Кииммитигэр киириэн баҕалаах доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр бэйэлэрин улуустарын, эбэтэр куораттарын социальнай харалта салаатыттан квота ылан кэлэллэр. Бу судаарыстыбаннай сорудах дэнэр.
Социальнай харысхал салаатын кубуотатынан кэлбит оҕо, үөһээ этиллибитин курдук, 4 өҥөнү туһанар кыахтанар. Учаастактааҕы педиатр, эбэтэр невролог ыыппыт оҕотун ОМС нөҥүө ылабыт. Бу түбэлтэҕэ, оҕо тастан сылдьан, күҥҥэ биирдэ босхо аһаан, социальнай-мэдисиинэ эрэ өҥөлөрүнэн туһанар.
Чөлүгэр түһэриини ааспыт оҕо доруобуйатын туругун эрэ тупсарар буолбатах, кини дьону кытта алтыһыы, бэйэни көрүнүү, салайыныы курдук сүрүн үөрүйэхтэргэ үөрэнэр. Оттон төрөппүт, исписэлиистэр оҕону кытта хайдах дьарыктаналларын көрөн үөрэнэр, туһалаах сүбэни-аманы ылар.
Уопсайга олоруу
Улуустан кэлбит оҕоҕо уонна кини биир төрөппүтүгэр уопсайга миэстэ көрүллэр. Маны тэҥэ, куорат оҕотугар миэстэ эмиэ бэриллиэн сөп, өскөтүн кини кэлээскэнэн сылдьар, айаныгар ыарырҕатар буоллаҕына. Олоруулара босхо, оҕо күҥҥэ биэстэ босхо аһыыр. Кииҥҥэ баар уопсайга 72 оҕо төрөппүтүн кытары олорор кыахтаах, ол эбэтэр 144 киһи.
Биир хоско түөрт буолан олороллор. Туттар малларын илдьэ киирэллэр. Утуйар таҥаһы биэрэбит. Остолобуой үлэлиир, баһаарынай ирдэбилинэн хосторго ас астыыр көҥүллэммэт. Бэлэм аһы сылатарга микроволновай оһох, итии-тымныы уулаах кулер баар.
Остолобуой күннэтэ бэрэбиэркэлэнэр
Диета сиэстэрэтэ быһыытынан, остолобуой үлэтин күннэтэ кэтээн көрөбүн. Үлэм сарсыарда сэттэ аҥаартан саҕаланар. Ас астааһыны, ырааһы көрөбүн. Үлэһиттэр колпак кэтэллэрин, бэрчээккэлээх үлэлииллэрин о.д.а. ирдиибин. Бу ирдэбил - ас оҕо организымыгар, доруобуйатыгар сөп түбэһэр ирдэбиллэргэ эппиэттиир уонна куттала суох буолуохтаах.
Манна даҕатан эттэххэ, биһиги кииммит балыыһа, уопсай стационар буолбатах. Онон бэйэбит аһы астаабаппыт, аутсорсинг быһыытынан аукциоҥҥа кыайыылаах тахсыбыт тэрилтэ аһы астыыр.
Сыһыан оҕо чэбдигириитигэр көмөлөһөр
Кииҥҥэ икки өттүттэн убаастабыл баар эрэ буоллаҕына, чэбдигирии ордук үчүгэй түмүктээх буолар дии саныыбын. Ол эбэтэр, төрөппүт уонна киин үлэһиттэрэ.
Сорох түгэннэргэ өйдөспөт быһыы тахсар. Холобур, улуустартан болдьоммут кэмҥэ хойутаан кэлэн, күннэрин көтүтэллэр. Кубуотанан кэлэр оҕо миэстэтэ сүппэт, сотуллубат. Заезд кэмигэр хаһан баҕарар кэлиэхтэрин сөп, ол эрээри күннэрэ аччыыр. Эбэтэр ыалдьа, тумуулуу сылдьар оҕону аҕалаллар. Бу бобуллар. Араас диагнозтаах оҕолор бааллар, сорохторго кыра даҕаны тумуу охсуута улахан буолуон сөп. Төрөппүттэр ити түгэни учуоттуулларыгар баҕарабын. Сарсыарда ахсын киириигэ оҕо температуратын кээмэйдиибит, туругун бэрэбиэркэлиибит. Ону өйдүүллэригэр көрдөһөбүн.
Реабилитацияны ааһыахтаах оҕо төрөппүтүгэр манна киириэҕин иннинэ төлөпүөннүүбүт. Маныаха, сыыһа докумуоннарын толорон, олох атын нүөмэри суруйбут буолар түгэннэрэ баар. Сатаан эрийэн тиийбэппит, оҕо чэбдигириитин куоттарыан сөп. Онон докумуон толоруутун саҕана болҕомтолоох буоларгатыгар көрдөһөбүн. Оҕону ылыахпыт иннинэ, ирдэбил быһыытынан, анаалыстары көрдүүбүт. Бу эмиэ чэбдигирээччилэр куттала суох буолууларыгар туһаайыллар.
Бэйэм туһунан кылгастык
Мин 1967 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр Малышевтар диэн учууталлар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэн алын кылаас учуутала, аҕам тыа хаһаайыстыбатыгар сылгы иитиитигэр главнай зоотехниктаабыта. Бииргэ төрөөбүттэр иккиэбит. Быраатым 12 сыл балыс, билигин Чурапчыга олорор.
Бэйэм олохпун мэдисиинэни кытары ситимниирбин оскуола сааспыттан билэрим. Ол курдук, 1984 сылга Чурапчы орто оскуолатын бүтэрээт санитарканан улуус балыыһатыгар төрөтөр отделениеҕа үлэлээбитим. Ол кэннэ Дьокуускайдааҕы мэдисиинэ училищетыгар "акушер" идэтин баһылаабытым, дойдубар төннөн, хирургия салаатыгар өр сыл үлэлээбитим.
Кылгас кэмҥэ кэргэним дойдутугар Үөһээ Бүлүү хирургия отделениетыгар, кэлин дойдубар киин балыыһаҕа үлэлээбитим.
Куоракка кэлбитим 10-ча сыл буолла. Куорат балыыһатыгар үлэлии сылдьан, реабилитациялыыр киин арыллаатын кытары манна үлэлээн саҕалаабытым.
Кэргэним Виктор Павлович билигин сынньалаҥҥа олорор эрээри, бэйэтигэр дьарык оҥостон тутуунан дьарыктанар. Түөрт оҕолоохпут, бары улахан дьон. Улахан кыыһым Чурапчыга үлэлиир, түөрт оҕо күн күбэй ийэтэ, билигин кырачаанын көрөр. Икки улахан сиэннэрим гимназия туйгун үөрэнээччилэрэ,онон киэн туттабын.
Иккис кыыһым Америка Флоренция куоратыгар көһөн барбыта иккис сыла. Кэргэнинээн иккиэн юристар, биэс саастаах оҕолоохтор.
Улахан уолум Морфлокка дойдутугар ытык иэһин толорбута, ол кэмтэн тохтоло суох МЧС-ка үлэлиир. Икки сааһын туолуохтаах кыыс оҕолоохтор.
Саамай кыра кыыспыт Казахстаҥҥа Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа менеджер идэтин баһылаары үөрэнэ сылдьар.
Түмүккэ
Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үлэтин туһунан бу кылгастык билиһиннэриибит олох кыһарҕанын билбит дьоҥҥо туһалыаҕа диэн түмүктүүбүт. Айталина Афанасьевна этэринэн, кииҥҥэ үлэлиир исписэлиистэр бары анал үөрэхтээхтэр, уопуттаахтар. Сорох учууталлар бэйэлэрин оҕолоро доруобуйаларыгар хааччахтаахтар, онон тылынан, учебниктарынан эрэ буолбакка, оҕону кытары алтыһыыны эттэринэн-хааннарынан билэллэр. Оҕолор бары олоххо бэлэмнээх, биир саастыылаахтарыттан хаалсыбакка сайдалларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллэр. Кинилэргэ үлэлэригэр ситиһиилэри, төрөппүттэргэ, оҕолорго тулууру баҕарабыт.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0