Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 27 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Саха Сиригэр култуура сылыгар төрүт аҕыйах ахсааннаах омуктар Күннэрин аан бастаан бэлиэтиэхтэрэ. Бырааһынньык муус устар 30 күнүгэр буолуоҕа. Култуура эйгэтин сайдыытын туһунан Саха сирин баһылыга Айсен Николаев муус устар 27 күнүгэр быһа эпиир кэмигэр кэпсээтэ диэн СИА суруйар.

«Муус устар 30 күнүгэр аан бастаан Арассыыйа төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Күнүн бэлиэтиэхпит. Биһиги хотугу омуктарбыт, аҕыйах да буоллар, култуура уопсай сайдыытыгар, араас көрүҥэр уонна үгүс эйгэтигэр ситиһиилэргэ сүҥкэн кылааты киллэрэллэр», – диэн эрэгийиэн баһылыга бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев эппитин курдук, Саха сиригэр биллэриллибит култуура сыла култуура бары тэрилтэлэригэр уонна араас эйгэлэргэ култуура чугас дьонугар күүстээх көҕүлээһин буолар.

«Саҥа ситиһиилэр, талааннар үөскүүллэригэр, эбийиэктэр тутуллалларыгар үөрэбин. Эпос арктическай киинэ уонна музыка Үрдүкү оскуолата Саха сиригэр эрэ буолбакка, кини таһыгар култуура флагманнара буолуохтара. Бүгүн Саха сирэ култуура сайдыытын киинэ буолан бэйэтин позициятын өссө бөҕөргөтүөн сөп», – диэтэ Николаев.

Сонун төрдө: СИА

Хаартыска: ЯСИА саайта

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0