Мууһунан туорааһыннары 2026 сыл ахсынньы 4 күнүттэн үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар:
- 660-с км, Үөһээ Бүлүү сэл.;
- 807-с км, Күндээдэ сэл.;
- 956-с км, Устье сэл.;
- 1049-с км, Кириэстээх сэл.
Р-504 «Халыма» федеральнай суолга кыһыҥҥы массыына суоллара маннык графигынан арыллыахтара:
- Өлүөнэ өрүһү («Дьокуускай – Аллараа Бэстээх») – 2027 сыл тохсунньу 4 күнүттэн;
- Алдан өрүһү («Хандыга – Мэҥэ Алдан») – 2026 сыл ахсынньы 4 күнүттэн.
Мууһунан туорааһыннары арыйыы бүтэһиктээх күннэрэ-дьыллара күн-дьыл уонна муус туругуттан тутулуктаахтык уларыйыахтарын сөп.
“Санатабыт: суоллар арыллыахтарын иннинэ мууска тахсар бобуллар. Билигин туорааһыннарга киириигэ барытыгар бэлэмнэнии үлэлэрэ ыытыллаллар, бобуулаах суол бэлиэлэрэ турдулар уонна дьуһуурунай пуостар тэрилиннилэр”, -- диэн тырааныспар министиэристибэтэ МАКС ханаалыгар суруйар.
Хаартыска: Галина Матвеева
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0




















