Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC

20-с үйэҕэ ааҥнаабыт алдьархайдаах 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэбиэскэй норуот Кыайыыны ситиспитэ 78 сыл буолла. Санаан кѳрдѳххѳ, биир киhи үйэтэ, букатын кылгас кэм, ааспыт. Оттон билигин иэдээннээх сэрии куттала эмиэ суоhуур…

20-с үйэҕэ ааҥнаабыт алдьархайдаах 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэбиэскэй норуот Кыайыыны ситиспитэ 78 сыл буолла. Санаан кѳрдѳххѳ, биир киhи үйэтэ, букатын кылгас кэм, ааспыт. Оттон билигин иэдээннээх сэрии куттала эмиэ суоhуур…

Билиҥҥи уустук кэмҥэ ыччаттарбытын дойдумсах буолуу тыыныгар иитии суолтата хаhааҥҥытааҕар да улаатта. Аҕа кѳлүѳнэ ортотугар эдэрдэргэ дьиҥнээх холобур буолар дьон аҕыйаҕа суохтар. Кинилэртэн биирдэстэринэн Ньурба улууhун Түмүк нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СѲ бочуоттаах бэтэрээнэ, СѲ үтүѳлээх энэргиэтигэ, чинчийээччи, хас да кинигэ ааптара, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа Маар с. олорор К.В. Васильев буолар. Кини бэйэтэ да этэринэн, сэрии ыар кэмин туhунан, чуолаан Ильмень күѳл иэдээнин туhунан, араас улуустарга, Дьокуускайга детсад оҕотуттан саҕалаан үѳрэнэр, үлэлиир ыччаттарга тиийэ, кэпсии-ипсии сылдьар.

37559af1 af19 4250 a6de 996453e034b6 1

195c9cea f269 4a75 bb0e f5f2264a8fbb

Улуу Кыайыыны бэлиэтиир ытык күммүтүгэр Ксенофонт Васильевиhы кытта маннык кэпсэттибит.

- Ксенофонт Васильевич, эйигин Ньурба улууhугар энэргиэтикэ салаата сайдыытыгар уонна Ильмень күѳл кыргыhыытыгар саха саллааттара кыттыыларыгар сыhыаннаах суруйууларгынан билэбин. Быйыл Ильмень күѳлгэ кыргыhыы буолбута 80 сылын бэлиэтээтибит. Эн бэйэҥ бу тиэмэҕэ хайдах кэлбиккиний?

- Мин, Челябинскайга устудьуоннуур сылларбыттан саҕалаан, Ильмень күѳл кыргыhыытын туhунан элбэҕи истэн, ааҕан, сүүhүнэн саха буойуттара бу муустаах байҕалга ѳстѳѳх уотуттан кыдыйыллыбыттарын, кинилэр дьылҕаларын сүрэхпэр-дууhабар чугастык ылынан, тоҕо маннык буолбутай диэн интэриэhиргээн, анаан-минээн чинчийбитим ыраатта. Онуоха бу кыргыhыыга аймаҕым, Маар оскуолатын сэбиэдиссэйэ Николай Николаевич Саввинов сырдык тыынын толук уурбута эмиэ улахан оруолламмыта. Элбэх сыллаах үлэм түмүгэр 2020 сыллаахха «Ильмень күѳлгэ» кинигэм бэчээккэ тахсыбыта.

- Новгород уобалаhын Старай Русса куоратыгар, Ильмень күѳлгэ маҥнай хас сыллаахха бара сылдьыбыккыный?

— Ѳссѳ 70-с сылларга Ильмеҥҥэ сылдьар баҕам туолбакка хаалбыта. Оттон 2018 сыллаахха, Ильмень күѳлгэ кыргыhыы буолбута 75 сылыгар аан бастаан тиийэ сылдьыбытым. Интэриниэтинэн кѳрдѳѳн, Старай Русса оройуонун дьаhалтатыгар тѳлѳпүѳннээн тахсан, чуолаан үйэтитии боппуруостарынан дьарыктанар култуура отделын исписэлиистэрин кытта кэпсэтэн, олунньу ый саҥатыгар Санкт-Петербурунан барар буолбутум. Оччолорго СѲ ыччат министиэристибэтин салайан олорбут А.С. Владимировка Ильмень күѳлгэ бойобуой эпэрээссийэҕэ саха буойуттарын кыттыыларын чинчийэр наадатын туhунан хаста да суруйбутум, приемҥа сылдьыбытым. Бука, аҕам саастаах киhи соҕотоҕун ыраах аттанан эрэр диэтэҕэ, эдэр исписэлиис уолу аргыс гынан ыыппыта.

Санкт-Петербургтан Старай Русса куоракка тиийэн, автобустан түhээппитин кытта, биhигини оройуон култууратын отделын начаалынньыгын солбуйааччыта Инна Олеговна Позднякова кѳрсүбүтэ. Олохтоох тэлэбиидэнньэттэн кэлэн, интервью ылбыттара. Үбүлүѳй церемониятыгар кыттан баран, Ретлеҕа сэриилэспит сирдэрин кѳрүѳхпүн баҕарабын диэммин, салгыы айаннаабыппыт.

Старай Русса куоратыттан 50-ча км ыраах сытар Ретле дэриэбинэтигэр барар суолбутугар, Буреги дэриэбинэҕэ «Воинам-якутянам – защитникам Старорусского района» саха буойуттарыгар туруоруллубут пааматынньыгы кѳрбүппүт. Олохтоох дьаhалта исписэлииhэ Широкова диэн дьахтар кѳрсѳн: «Манна эhиги дьоҥҥутун, саха саллааттарын, кѳhѳрѳн кѳмүү буолбута», — диэбитэ. Онно мин аймаҕым Н.Н. Саввинов аата суруллан турарын кѳрбүтүм. Ретлеҕа барар суолу Наговскай сэлиэнньэ дьаhалтатын баhылыга Виктор Васильевич Бучацкай, биhиги кэлэрбитин истэн, суол хаарын тыраахтарынан астарбыт этэ. Ретлеҕа тиийбиппит, ыстаарыста Нина Алексеевна Моркина, быыкаайык нуучча эмээхсинэ, кэтэhэн олороро. Киниттэн 1958 сыллаахха Ильмеҥҥэ сэриилэспит саха саллааттара туруорбут сэргэлэрин ыйыппыппар: «Баар этэ, охтубута уонча сыл буолла», — диэн хардарбыта. Ол эргин арай 1989 сыллаахха СГУ устудьуоннара туруорбут сэргэлэрэ турара.

Улаҕата кѳстүбэт улуу Ильмень күѳлү дьэ харахтаабытым. Күѳлгэ киирэр аартык баарын билэр буоламмын, ону булан ылбытым, кытылларын чинчийэн кѳрбүтүм. Ретле дэриэбинэтигэр 2-3 күн хоммуппут, ол эрээри онно били сэргэбит сэмнэҕин да булбатахпыт. Онтон ыла саха сэргэтин хаттаан туруорар санаа киирбитэ.

— Кэлин саҥа сэргэ туруоран кэлбиккитин истибиппит.

— Туруоран. Старай Руссаҕа 2020 сыллаахха, эмиэ олунньу ыйга, иккиэ буолан сэргэ туруорардыы тиийбиппит. Арай дойдубут күѳҕүнэн кѳрүстэ, хаардыыр да, самыырдыыр да. Сэргэттэн ураты муус композицияны — Ильмень үрдүнэн кѳтѳр үѳр туруйалары — оҥорор былааммыт сонно тохтубута. Онно миигин кытта уран муус оҥоhуктарынан аан дойдуга биллибит Ѳҥѳлдьѳ нэhилиэгин ууhа Август Виссарионович Михайлов барсыбыта. Онон, атыҥҥа аралдьыйбакка, сэргэбитин оҥорон барбыппыт. Наговскай сэлиэнньэ дьаhалтатын баhылыга Виктор Васильевич Бучацкай манна эмиэ улаханнык кѳмѳлѳспүтэ, талан ылбыт улахан тииппитин охторон, суоппарын тус пилораматыгар тыраахтарынан аҕалан, оҥорор сирбитигэр тиэрдэн биэрбиттэрэ. Сэргэбитин оҥорон, сиэрин-туомун тутуhан, эмиэ олохтоох дьон кѳмѳлѳрүнэн туруоран кэбиспиппит. Санаам туолан, астынан, дойдубар тѳннүбүтүм.

5 17

be3bcc91 03f9 43b5 8e75 89d9b8fd2afd copy

37a8b6d7 ae96 439a b32f 4ad2e1a76609

1943 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр кыдыйыллыбыт 19-с биригээдэ буойуттарын кэриэстээн, сылга иккитэ, олунньу ыйга уонна Кыайыы күнүгэр, саха дьоно Ильмень күѳл кытылыгар сылдьа тураллар. Быйыл эмиэ, Ильмень күѳлгэ кыргыhыы 80 сыла туолар күнүгэр сѳп түбэhиннэрэн, хас да оройуонтан 100-тэн тахса киhи буолан сахабыт буойуттарын ахтан-санаан, сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн кэллибит.

29b1bed3 533b 4d00 a54e 4b49984bb5e0

— Сэрии кэмигэр элбэх дьоммут сураҕа суох сүппүттэрэ, кѳрдүүр үлэлэр билигин да ыытыллаллар. Ильмень күѳлгэ элбэх киhи ууга тимирбитэ, үгүстэрэ билиҥҥэ диэри сураҕа суох сүппүттэринэн ааҕыллаллар. Маныаха эн туох санаалааххыный?

—1941-1945 сс. сэрии саҕана ѳлбүт уонна кыайан хараллыбакка хаалбыт буойуттары кѳрдѳѳhүн үлэтэ дойдубутугар тиhигин быспакка ыытыллар. Саха Сирин олохтоохторо бу үлэҕэ кэнники эрэ кыттыhан эрэллэр. Смоленскай, Москва тулатыгар, Ленинградскай, Сталинградскай кыргыhыылар буолбут сирдэригэр тиийэн, 400-чэкэ устудьуон илиилэрин харалаатылар.

Оттон Старай Русса түбэтигэр аҕыйах устудьуоннар бѳлѳхтѳрѳ «Долина» этэрээти кытта 2017 сыллаахха разведка ыыта сылдьыбыттара. Ити олохтоохтортон тэриллибит «Долина» экспедицията 19-с биригээдэттэн 129 буойуну булан кѳмпүттэрэ биллэр. 2022 сыллаахха Чурапчы, Таатта, Амма улуустарыттан 13 оҕо Рамушевоҕа, аҕыйах күн да буоллар, кѳрдѳѳhүн үлэтигэр кыттыспыттара. Баҕар, ѳссѳ ким эрэ эмиэ кѳрдѳѳhүҥҥэ сылдьыбыта буолуо, ону чуолкай этэр кыах суох.

Чурапчы улууhун бочуоттаах олохтооҕо, сэрии туhунан элбэх кинигэ, ол иhигэр «Хайыhардаах буойуттар дьылҕалара» кинигэ ааптара Иван Михайлович Павлов ааҕан кѳрүүтүнэн, 19-с биригээдэ олунньу 23 күнүгэр 2200 киhилээх сэриилэhэн баран, кыдыллыытын саҕана 419 саха саллаата сылдьыспыт. Ол ситэтэ суох ааҕыы түмүгүнэн оччо. Ууга тѳhѳ киhи тимирбитин ким билиэй. Биригээдэ тѳhѳ буойуттара киhилии хараллыбакка сыталлара буолуой, ол иhигэр саха буойуттара…

Буойуттарбытын Ильмеҥҥэ баран кэриэстиибит эрээри, кинилэри буларга үлэлэспэккэ, буойун курдук чиэстээн, харайбакка сылдьарбыт сыыhа дии саныыбын.

— Кѳрдүүр үлэни бэйэҕит хомуллан ыытар былааннааххытын билэбин.

— Быйыл күhүн Ньурба улууhуттан дьон хомунан, 19-с биригээдэ сэриигэ охтубут буойуттарын кѳрдѳѳhүн үлэтигэр кыттыhыахха диэн тэриллэ сатыыбыт. Биригээдэ үгүс буойуна Ретле дэриэбинэтин тулатыгар охтубута. Онон Ретлеттэн саҕалыахха наада. Хомойуох иhин, билиҥҥитэ хамсааhыммыт уота-күѳhэ суох. Ньурба техническэй лицейин аҕыйах оҕото эрэ сѳбүлэҥнэрин биллэрдилэр. Түгэнинэн туhанан, оскуола үѳрэнээччилэрин, устудьуоннары, үлэhит ыччаты, биирдиилэнн баҕалаах дьону  кѳрдѳѳhүн үлэтигэр кыттаргытыгар ыҥырабын. Дойдуларын кѳмүскүү сылдьан охтубут буойуттарбытын ытыгылаан, киhилии харайарбыт – бу биhиги ытык иэспит. Онуоха Ильмеҥҥэ элбэх саллааттарын сүтэрбит Сунтаар, Ньурба , Үѳhээ Бүлүү, Горнай, Чурапчы, Ѳлүѳхүмэ улуустара хайаан да кытталларыгар баҕарабын.

97e5543d 9831 482f 9e71 a2e5d6aae7b8

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04